Айылҕаҕа сынньаныы быраабылалара
Роспотребнадзор айылҕаҕа сылдьыы быраабылаларын сыллата таһаарар:
Аһылыккытын маҕаһыыннартан эрэ атыылаһыҥ. Эти докумуона, хаачыстыбатын мэктиэлиир сертификата суох сиртэн ылымаҥ.
Түргэнник буорту буолар астары холодильник-суумкаларга харайыҥ.
Үүт аһы, сымыыты, кремнээх кондитерскай бородууксуйаны айылҕаҕа илдьэ барар табыгаһа суох – микробтар ууһуулларыгар саамай барсар эйгэни бу астар үөскэтэллэр.
Аскытын үөнтэн-көйүүртэн, кутуйахтартан хаххалааҥ. Кинилэр араас ыарыыны тарҕатар кыахтаахтар. Аһы барытын хаппахтаах иһиккэ, салапааҥҥа суулуур тоҕоостоох.
Шашлык буһараргытыгар мас чоҕун уонна тимир шампурдары туттуҥ. Аһылыкка биирдэ туттуллар иһит ордук. Мангалга үтүллүбүт ас бактериятын 70-75 бырыһыана эрэ өлөр. Шашлыгы сиэххит эрэ иннинэ астаныҥ.
Тус гигиена быраабылаларын тутуһуҥ. Илиигитин астыаххыт, аһыаххыт иннинэ кичэйэн суунуҥ, дезинфекциялааҥ.
Оҕуруот аһын, фруктаны илдьэ кэлбит ыраас уугутунан сууйуҥ.