24.07.2020 | 18:40

Айылҕаҕа сынньаныы быраабылалара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата айылҕаҕа сынньаныы быраабылаларын таһаарда:

Санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньа ирдэбилинэн, уопсастыбааннай сирдэргэ мааска кэтии уонна социальнай тэйиччи туттууну тутуһуу булгуччулаах!

Пикниккэ

Аһылыккытын маҕаһыыннартан эрэ атыылаһыҥ. Эти докумуона суох сиртэн ылымаҥ.

Түргэнник буорту буолар астары холодильник-суумкаларга харайыҥ.

Үүт астары, сымыыты, кремнээх кондитерскай астары айылҕаҕа илдьэ барар табыгаһа суох – микробтар ууһуулларыгар саамай барсар эйгэни бу астар үөскэтэллэр.

Аскытын үөнтэн-көйүүртэн, кутуйахтартан хаххалааҥ. Кинилэр араас ыарыыны тарҕатар кыахтаахтар. Аһы барытын хаппахтаах иһиккэ, салапааҥҥа суулуур тоҕоостоох.

Шашлык буһараргытыгар мас чоҕун уонна тимир шампурдары туттуҥ. Аһылыкка биирдэ туттуллар иһит ордук. Мангалга үтүллүбүт ас бактериятын 70-75 бырыһыана эрэ өлөр. Шашлыгы сиэххит эрэ иннинэ астаныҥ.

Тус гигиена быраабылаларын тутуһуҥ. Илиигитин ас астыаххыт, аһыаххыт иннинэ кичэйэн суунуҥ, дезинфекциялааҥ. Оҕуруот аһын, фруктаны илдьэ кэлбит ыраас уугутунан сууйуҥ.

Пляжка

Билигин саамай сытыы боппуруос – коронавируһунан сөтүө кэмигэр сутуллуохха сөп дуо?

Коронавирус сөтүө кэмигэр бэриллибэт, ол эрэн атын инфекция элбэҕин умнумаҥ.

Сөтүө сирин таларгытыгар бөх быраҕар сирдээх, туалеттаах, душтаах сири талар ордук. 

Пляжка төбөнү күнтэн хаххалыыр таҥастаах, сэлээппэлээх барыҥ. Күҥҥэ сыламныыргытыгар анал зонтик анныгар сытыҥ. Күн анныгар эбиэт кэннэ сытар ордук.

Социальнай тэйиччи туттууну тутуһуҥ.

Арыгыны, аһыы утаҕы иһимэҥ. Арыгылаан баран ууга кииримэҥ.

Дьиэ кыылларын кытта биир ууга сөтүөлээмэҥ.

Бэйэҕит кэннигититтэн бөҕү-сыыһы хаалларымаҥ.

Куйааска

Куйааска киһи энергиятын барыыра кыччыыыр, ол иһин аҕыйах калорийдаах аска наадыйар. Арыыга ыһаарыламмыт астан аккаастаныҥ, эт аһы аҕыйатыҥ. Итии күҥҥэ сөрүүн түстэҕинэ аһаабыт ордук.

Элбэх уута иһиҥ. Чэй, морс, минеральнай уу, битэмииннээх утахтар барсаллар. Оттон гаастаах, элбэх саахардаах утахтартан аккаастаммыт ордук.

Сууккаҕа 1,5 лиитэрэттэн кырата суох убаҕаһы иһиэхтээххит. Ол эрэн бүөр ыарыы уонна сүрэх ыарыы дьоҥҥо элбэх ууну иһии кутталлаах.

Ыалдьыбыт курдук буоллаххытына бэйэҕит эмтэнимэҥ, хайаан да бырааһы ыҥырыҥ.

Клещтэртэн сэрэниҥ

Айылҕаҕа сылдьан клещтэртэн сэрэниэхтээххитин умнумаҥ. Клещ муус устартан алтынньыга диэри кутталлаах. Араас инфекционнай ыарыылары тарҕатар, ол иһигэр энцефалиты.

Айылҕаҕа тахсаргытыгар эккитин барытын сабар таҥастаах буолуохтааххыт. Акарициднай ыстарар эмтэринэн туттуҥ.

Сөп буола-буола клещ сыстыбытын суоҕун бэрэбиэркэлэнэр үөрүйэхтэниҥ. Дьиэҕэ киириэххит иннинэ үчүгэйдик тэбэниҥ.

Клещ эккитигэр сыстыбыт буоллаҕына тууран ылан эбэтэр травмпууҥҥа туурдаран баран хайаан да анаалыска туттарыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....