Айсен Николаев Саха сиригэр ойуур баһаардарын кытта охсуһар киини тэрийэри туруорсар
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын кытта охсуһар киини тэрийдэххэ ыраах сытар баһаардары умуруоруу үчүгэй көрдөрүүлээх буолуо этэ диэн бэлиэтиир.
РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин Южно-Сахалинскайга ыыппыт мунньаҕар Айсен Николаев кэккэ этиилэри, ол иһигэр региоҥҥа ойуур баһаардарын кытта охсуһар киини тэрийэри туруоруста.
РФ айылҕа баайыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов Саха сиригэр бөлөх баара наадалааҕын бэлиэтээбит. «Бастакытынан, ити бэлэм инфраструктура. Красноярскайга тэрийэргэ харчы ирдэммэтэҕэ (онно киин тэриллэр), Черемшанка аэропорт, көтөр балаһа баар, ол иһин бөлөҕү үлэлэтэргэ, олордорго усулуобуйа баар. Иккиһинэн, салаа каадырын боппуруоһун быһаарыы. Үсүһүнэн, салааны үлэлэтэргэ үп-харчы көрүллүүтэ. Төрдүһүнэн, турар сирэ табыгастаах буолуохтаах», - диэн бэлиэтиир Козлов.
Онон ити боппуруос булгуччу толкуйданан быһаарыллыаҕа уонна этиилэр киллэриллиэхтэрэ диэн эппит Александр Козлов.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр ойуур баһаардарын кытта охсуһар киини тэрийэр булгуччалаах. «Мэктиэлиибин, биһиги киини тэрийэргэ үбүлээһин боппуруостарын быһаарыахпыт, ол иһигэр материальнай-техническэй базаны тэрийии туһунан», - диир Ил Дархан.
Кини быйыл өрөспүүбүлүкэ бэйэтин үбүнэн ойууру авиациянан харабыллыыр салааны арктика зонатыгар, Үөһээ Дьааҥы оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр тэрийбитин туһунан эттэ. «Итиннэ былырыын-иллэрээ сыл улахан баһаардар буолбуттара. Быйыл быһыы-майгы атын. Ол иһин итинник улахан киини Саха сирин территориятыгар тэрийэри булгуччулааҕынан ааҕабын», - диир Айсен Николаев.
Мунньахха быйыл Саха сиригэр көмөҕө улахан федеральнай бөлөх ыытыллыбыта бэлиэтэннэ. Ол иһин былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 4 төгүл элбэх иэннээх баһаар умуруоруллубут. Ити – 363 тыһ. гектардаах сиргэ 468 баһаар. Былырыын 96 тыһ. гектар иэннээх сиргэ 454 баһаар турбут. Былырыын баһаар киһи тиийбэт сиригэр буолан баара суоҕа 19% эрэ умуруоруллубут. Быйыл ити көрдөрүү 52% тэҥнэспит.