30.07.2021 | 17:00

Айсен Николаев: Саха сиригэр COVID-free зоналар үлэлэрэ тохтуур

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр коронавирус бразильскай уонна индийскэй штаммнара булуллубуттара, аны ыалдьыбыт оҕолор ахсааннара элбээбит. 
Общепит тэрилтэлэрэ уонна саататар сирдэр бары биир кэлим эрэсииминэн үлэлиэхтэрэ диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев. 
Баһылык эппитинэн, от ыйын бүтэһик күннэригэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыы ахсаана элбээбитэ, ордук ыччат ортотугар үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Дьокуускайга 18-29 саастаахтар ортолоругар кэнники нэдиэлэ аайы ыарыы 25% үрдээбит. 
«Ити, Дьокуускайга хааччахтыыр миэрэлэри киллэрбиппит туһалаабатын көрдөрөр, вакцинация хаамыыта бытаан, ол иһин эбии миэрэлэри ылыныахпытын наада. Бары общепит тэрилтэлэрэ уонна саататар сирдэр бары биир кэлим эрэсииминэн үлэлиэхтэрэ. COVID-free зоналар үлэлэрэ уонна сорох сирдэргэ хааччахтыыр миэрэлэри сымнатыы тохтотуллар.  Ити барыта хааччахтыыр миэрэлэри ирдиирбит уонна ыарыыны тохтоторбут туһугар оҥоһулунна», - диэтэ Айсен Николаев.
Ити быһаарыныыны өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб өйөөбүт. 
 Ил Дархан Саха сиригэр коронавирус бразильскай уонна индийскэй штаммнара булуллубуттарын санатта, оҕолор ыараханнык ыалдьар түбэлтэлэрин уонна өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар ыалдьыбыт оҕолорго санавиация ыытылларын эттэ. 
«Сайын дьон аралдьыйан харыстаналлара мөлтөөбүт. Сыбаайба, үбүлүөй ыыталлар, онтон уонунан киһи ыалдьар. Саамай ордук харыстаныы – вакцинация. Вакцинация күүскэ ыытыллыбыт оройуоннарыгар ыалдьыбыт киһи ахсаана аҕыйах», - диэн түмүктээтэ Айсен Николаев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....