19.12.2022 | 11:00

Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ үгэс буолбут анал этиитин тиэрдэр

Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 чааска, «Якутия 24» телеханаал Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ үгэс буолбут анал этиитин быһа эпииргэ көрдөрүөҕэ.
Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ үгэс буолбут анал этиитин тиэрдэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Регион салайааччыта өрөспүүбүлүкэ сайдыытын стратегическай хайысхаларын, регионнааҕы парламент, бырабыыталыстыба, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэлэрин сүрүн торумнарын иһитиннэриэҕэ.

Үгэс быһыытынан, анал этиини иһитиннэриигэ Федерация сэбиэтин сенатордара уонна Судаарыстыбаннай Дуума Саха сириттэн дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, баһылык дьаһалтатын уонна  бырабыыталыстыбатын салалтата, суут уонна прокуратура, өрөспүүбүлүкэтээҕи федеральнай ситэриилээх былаас территориальнай уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, куорат уокуруктарын баһылыктара, Саха сирин боломуочуйалаахтарын института, тэрилтэлэр салайааччылара, конфессиялар баһылыктара, уопсастыбаннай деятеллэр баар буолуохтара.

Быһа эпиир «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24» балаһааккаларыгар, «Тэтим» уонна «Россия» радиоларга тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...