08.07.2021 | 13:51

Айсен Николаев Бүтүн Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэлиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан СӨ салалтатын аатыттан Саха сирин олохтоохторун Бүтүн Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэлээтэ. 
Кини бу бырааһынньык биһиги олох сыаннастарын, дьиэ кэргэн улахан суолтатын, сааһырбыт дьоммутун көрүү-харайыы, көлүөнэлэр ситимнэрин, утумнааһын, оҕо иитиитин туһунан толкуйдуурбутугар өссө биир төрүөтү биэрэр диэтэ. Дьиэ кэргэн – киһи тирэҕэ, кини онтон күүс, билии ылар, дьиэ кэргэн духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарыгар олук уурар. Киниттэн бөһүөлэк, куорат, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду бүттүүнүн инникитэ тутулуктааҕын баһылык бэлиэтээтэ.  
«Саха сирэ ханнык баҕарар кэмҥэ бигэ туруктаах ыалларынан, үгэстэринэн күүстээх этэ. Оҕолордоох дьиэ кэргэннэргэ, оҕо төрөөһүнүгэр  социальнай өйөбүл оҥоһуллар, саҥа хайысхалар киирэллэр. Ол иһин регион оҕо төрөөһүнүгэр инники кэккэҕэ сылдьар. Быйыл   7,2 млрд солкуобай «Демография» национальнай бырайыак олоххо киирэригэр көрүллэр. Итинтэн 4,9 млрд солкуобай дьиэ кэргэҥҥэ оҕо төрүүрүгэр өйөбүл быһыытынан барыаҕа», - диэн эттэ Айсен Николаев. 
Кини дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ, сааһырбыт дьону өйүүргэ табыгастаах усулуобуйа тэриллэрин бэлиэтээтэ.  Ол курдук аныгылыы оскуолалар, уһуйааннар, спорт, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тутуллаллар. Баһылык сыл ахсын үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, өҥө оҥоруу эйгэтин хаачыстыбалара тупсан иһэрин бэлиэтээтэ уонна бигэ туруктаах эрэ дьиэ кэргэн Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй, култуурунай уонна духуобунай сайдыытыгар олук уурарын бэлиэтээтэ. 
Баһылык Саха сирин олохтоохторугар дьолу, чэгиэн доруобуйаны, күүстээх санааны, дьиэ кэргэҥҥэ этэҥҥэ буолууну, чэчирии сайдыыны баҕарда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...