14.07.2021 | 10:00

Айсен Николаев: Арассыыйа авиацията Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууну саҕалыыр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин арҕаа өттүгэр уу кутар тэриллээх ИЛ-76 сөмөлүөттэр түмсэллэрэ быһаарылынна. 
Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бэйэтин социальнай ситимин сирэйигэр суруйда. 
«Ойуур баһаардарын уонна өрөспүүбүлүкэ аэропуортарын кыахтарын учуоттаан уу кутар тэриллээх Ил-76 сөмөлүөттэр Саха сирин арҕаа өттүгэр түмсэр буоллулар. 
Сөмөлүөттэр Арассыыйа оборуонатын Министиэристибэтин салгын суудуналарыгар – Ми-8 бөртөлүөттээх бөлөҕөр күүһүрдүү буолуохтара. Ити бөртөлүөттэр Ленскэй, Өлүөхүмэ, Ньурба, Хаҥалас уонна Нам оройуоннарыгар нэдиэлэттэн ордук ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлии сылдьаллар.  
Итини таһынан, ойууру харабыллыыр авиация сайаапкатынан „Циклон“ Ан-26 оҥоһуу ардаҕы түһэрэр сөмөлүөт үлэлиир уонна өрөспүүбүлүкэ кэккэ оройуоннарыгар ардаҕы түһэрэн бэйэтин үчүгэйдик көрдөрдө.  
РФ ЫБММ өттүттэн Бе-200 амфибия-сөмөлүөт уонна уу кутар Ми-8 бөртөлүөт састааптаах авиация бөлөҕө үлэлиир. 
Саха сирин олохтоохторун уонна тус бэйэм ааппыттан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путиҥҥа уонна Арассыыйа оборуонатын миниистирэ Сергей Кужугетович Шойгуга өйөбүллэрин уонна көмөлөрүн иһин улахан махталбын тиэрдэбин!» - диэн суруйар Ил Дархан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...