13.06.2024 | 14:53

Айсен Николаев: 12 тыһыынчаттан тахса киһи дьадайыы таһымыттан таһаарылынна

Айсен Николаев: 12 тыһыынчаттан тахса киһи дьадайыы таһымыттан таһаарылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт 2023 сылга Саха сирин 12 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо дьадайыы таһымыттан таһаарылынна. Үүммүт сылга өрөспүүбүлүкэ былааһа аадырыстаах социальнай өйөбүллэр уонна дьоҕус уонна орто урбаан көмөтүнэн дьадайыы таһымын икки бүк намтатар былааннаах.
Ол туһунан ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн Ил Түмэн дьокутааттарын иннигэр отчуотугар Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Ил Дархан этэринэн, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһыма 14% намтаабыт. Чуолаан, 12 тыһыынча кэриҥэ киһи дьадайыы таһымыттан тахсыбыт. Кэлэр сылларга былаастар сыл аайы 14 тыһыынчаттан тахса киһини дьадайыы боруогуттан таһаарар соруктаахтар. Ону ситиһэр сыалтан уустук балаһыанньалаах дьиэ кэргэннэри, дьону кытта биирдиилээн үлэ ыытыллыаҕа дииллэр. Чуолаан социальнай өйөбүл миэрэлэрин хаачыстыбатын тупсарар, дьоҕус уонна орто урбааны өйүүр, сайыннарар сорук турар. 
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2023 сылга үлэтэ суох буолуу уопсай кээмэйэ 5,7% намтаабыт, муус устар ыйга ити көрдөрүү саамай намыһах таһыма бэлиэтэммит - 5,2%. 
Санатар буоллахха. 2023 сылга Ил Дархан дуоһунаһыгар киирэн баран таһаарбыт биир бастакы ыйааҕар кэлэр биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһыма 5 төгүл намтыахтааҕын туһунан этиллэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Андрей Сорокин, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...