11.07.2019 | 10:38

Айгын Уус: “Докумуон эккирэтиһиитэ сайдыыны харгыстыыр”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха быһаҕынан дьарыктанар уус сыл аайы элбээн иһэр быһыылаах. Билигин олортон биир бастыҥнарынан Амма Сатаҕайыттан төрүттээх Александр Терентьев – Айгын Уус биллэр. Айгын Уус  сөбүлүүр  дьарыгын идэҕэ кубулутан, билигин батыйаҕа, хомуска, анньыыга тиийэ оҥорор.

Бэйэтэ этэринэн, быһаҕы оҥоруунан оҕо эрдэҕиттэн умсугуйан дьарыктаммыт. Билигин кини үлэлэрэ тас дойдуга кытта биллэллэр.

-Александр, бэйэн тускунан «Киин куорат» ааҕааччыларыгар сэһэргии түс эрэ. -

-Амма улуһун Сатаҕай диэн нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Хатастан төрүттээх, эдэр сылдьан Аммаҕа үлэлии тиийэн баран, аҕабын көрсөн ыал буолбуттар. Мин бэйэм Хатаска олохсуйбутум уон сыл буолла. Ол иһин биһикпин ыйаабыт сирбинэн бу икки сири ааттыыбын. Оҕо эрдэхпиттэн уһанарбын, уруһуйдуурбун, саха уус-уран литературатын ааҕарбын сөбүлүүбүн. Инньэ гынан идэбин таларбар улаханнык толкуйдуу барбакка, 1999 с. Саха судаарыстыбаннай университетыгар Физико-техничэскэй салааҕа үөрэнэ киирбитим. 2004 с. «Инженер-технолог» идэтин баһылаабытым. Онтон үс сыл кэриҥэ “Саха-даймонд” тэрилтэҕэ үлэлээбитим. 2002 с. удьуору утумнаан, төрдүс кууруска үөрэнэн сылдьан уһанарга санаммытым. Бу иннинэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үлэ уруоктарыгар сөбүлээн дьарыктанар этим, кыра кээмэйдээх быһахтары оҥортооммун, чугас доҕотторбор бэлэхтиирим. Оскуолаҕа сылдьан оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ мас оҥоһуктарга иккис миэстэ буолан турардаахпын. Устудьуоннуур сылларбар тимир матырыйааллар истэрин-тастарын, быһыыларын-таһааларын үөрэппитим. Үөрэнэ сырыттахпына, тимир матырыйаал умсугутан, абылаан ылбыта.  2008 с. саха быһаҕынан дьарыктанар урбаанньыт буоларга санаммытым. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэри салайсабын, үп-харчы боппуруоһугар үлэлэһэбин.

- Саха быһаҕа ханнык көрүҥнэрдээҕий?

- Саха быһаҕа кээмэйинэн арахсар: быһычча – 80-110 мм быһах, быһах – 110-170 мм, хотонох – 170 мм быһах. Мин сүрүннээн булка-алка тутуллар быһахтары оҥоробун. Дьон-сэргэ улахан быһахха наадыйар.

- Угун тугунан оҥороҕун?

- Сүрүн матырыйаалым удьурҕай. Удьурҕайы хатыҥ силиһиттэн ылыллар. Олусм кытаанах уонна кыраһыабай ойуулаах буолар. Ону таһынан укка хатыҥ маһа, туоһа, таба, тайах, сэлии (мамонт) муоһа, сыаналаах таастар да туттуллуохтарын сөп.

-Быһаҕы хайдах талыахха сөбүй?

-Быһаҕы таларга чопчу маннык диэн быраабыла суох. Киһи бэйэтэ хайдах быһаҕы баҕарарын талар. Мин сакааһынан үлэлиир буоламмын, сакаасчыттар бэйэлэрэ хайдах быһаҕы баҕаралларын тута этэллэр. Онон бэйэҕит хайдах быһаҕы баҕараргытын талыҥ. Хас биирдии маастар туһунан буочардаах, истииллээх. Уус киһиэхэ үчүгэй,  куһаҕан диир табыллыбат. Барыта ыарахан үлэттэн уһаарыллан тахсар.

-Эйигин былыргылыы уһаарар дииллэр...

-Билиҥҥи туругунан тимир уһаарыыта сайдан, саха тимирин таастан уһааран ылар буоллубут. Бу тимиртэн быһах, хомус оҥоробут. Ол эбэтэр тимирдээх таастары хомуйан, уулларын, былыргылыы ньыманы сөргүтэ сылдьабыт. Бу сүрдээх уустук үлэ. Кэлиҥҥи сылларга уһаарар уустар уонтан таҕыстыбыт быһыылаах. Сыл аайы элбии турабыт.

-Уустар истэригэр «конкуренция” баар дуо?

-Спорт курдук буоллаҕа дии. Бэрт былдьаһыы диэни олох сөбүлээбэппин. Бэрт былдьаһар уустар бааллар, ону ааттаан эппэппин. Ырыынак үйэтигэр олоробут, онон киһи туох да диэбэт. Мин биирдиилээн дьон үлэҕинэн үлэлиибин, маҕаһыыннарга атыылаабаппын. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, кэлэ тураллар.

-Саха быһаҕа Арассыыйаҕа элбэхтик иһиллэр буолла дии...

-Кырдьык, кэнники биэс сылга улаханнык аатырда. Арассыыйаҕа саха быһаҕын сэҥээрэр дьон элбээтэ. Чахчы, саха быһаҕа хайа да маҕаһыын табаарыттан тэҥнээҕэ суох буоллаҕа дии... Быдан үрдүк чыпчаалга турар.

-Саха сирин тас өттүттэн үлэһэр дьон баар дуо?

-Саха быһаҕа билигин «бренд” буолла. Онон сакаас киирэр.

-Эн быһаҕы оҥороргор, иэйиигэ, турукка киирэҕин дуо?

-Иэйии куруук киирэр. Биһиги үлэбит айдарыы буоллаҕа дии. Хас биирдии быһахпын кичэйэн, дууһабын ууран оҥоробун. Турукка киирии диэн буоллаҕа. Алгыс ааҕар буолбутум, алгыс кэннэ киһи санаата ырааһырар, дууһата чэпчиир, үлэлииргэ даҕаны сэниэ биэрэр курдук. Бириэмэни эккирэтэн үлэлээбэппин, саамай сүрүнэ хаачыстыба ирдэнэр. Хас биирдии быһахпар алгыс аныыбын, мэктиэ тыллары хатыыбын. Сакаастыыр дьон араас буоллаҕа, кинилэр баҕаларын быһахха иҥэрэбин.

-Ыйга төһө сакаас киирэр?

-Уонтан тахса сакаас киирэр. Быһаҕы ыллыҥ даҕаны оҥорбоккун, сүрдээх уустук дьыала, сорох быһах ыйы-ыйдаан оҥоһуллуон сөп. Бэйэм бытаан соҕус киһибин.

- Быһах сыаната төһөнүй?

- Быһа холоон 8-9  тыһ. солк. буолар. Барыта маастартан тутулуктаах.

- Маастар-кылаас ыытаҕын дуо? Саҥа саҕалааччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?

– Өбүгэлэрбит уруудаттан тимири хайдах ылалларын  уһуллааччыларга төһө бириэмэ баарынан көрдөрө сатыыбын. Бу умнулла быһыытыйбыт ньыма буоллаҕа дии. Биһиги кырдьаҕастар кэпсээннэринэн уонна сурукка-бичиккэ хаалбытыттан сөргүтэбит. Маастар-кылаастары оҕолорго, баҕалаах дьоҥҥо тиэрдэбин. Билигин дьиэ аттыгар  мастарыскыайдаахпын. Эдэр уолаттар элбэхтик дьарыктанан, таһымнарын сайыннарыахтарын наада. Сорохтор түргэнник, чэпчэкитик оҥоһулларга ылса сатыыллар. Элбэх тимир ууһа баар буоллаҕына, куораппыт биллэ тупсуо, киэркэйиэ этэ дии саныыбын.

-Үлэҕиттэн хал буолааччыҥ дуо?

-Суох, хал буолбаппын. Өссө да улахан, дьоһун үлэлэри оҥоруохпун баҕарабын. Айылҕаҕа сылдьан сэниэ-күүс эбинэбин, улахан булка сылдьа сатаабаппын, саас, күһүн кустуубун. Сайын Аммаҕа тахсан оттуубун.

-Тимир ууһа киһиттэн ураты, айылҕаттан айдарыылаах буолар дииллэр.

-Былыр Уус киһини Ойуунтан үрдүктүк туталлар эбит. Ойуун, Тимир ууһа уонна Олоҥхоһут үрдүк дьон. Бэйэбин дьонтон ураты киһи курдук санаммаппын, ол эрэн санаабытым туолааччы. Элбэх уус оннук буолуохтаах. Ол эрэ ону кэпсээн оҥостубаттар. Айар-тутар киһи хаһан баҕарар ураты көрүүлээх буолар.

-Тимир уустарын түмсүүтүн туһунан билиһиннэрэр эрэ.

-Былыр-былыргыттан сахаҕа маһы, тимири ыллатар уустары өрө туталлара. 21-с үйэҕэ саха тимир уустара аар саарга аатырдылар.  Арассыыйа таһымыгар эрэ буолбакка, аан дойду араас муннугар ыытыллар күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кэрэхсэбили ылаллар. Тимир уустар түмсүүлэрэ 2015 сыллаахха тэриллэн, күн бүгүнүгэр сүүстэн тахса ууһу түмэр. Бэрэссэдээтэл Мандар Уус. Бу сүдү талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах дьон саха төрүт идэтин, дьарыгын сөргүтэр уонна кэлэр көлүөнэ ыччакка тириэрдэр сыаллаахтар. Билигин удьуору эдэр ыччака хаалларар сыалтан, оскуола оҕолоругар анаан, уустар лааҕырдара үлэлииллэр. Быйылгы ыһыахха лааҕыр оҕолоро икки күн иһигэр быһах оҥорон тургутууну аастылар. Ууларыгар-хаардарыгар киирэннэр, утуйбаккалар, сүрдээх күүстээх үлэнии ыыттылар. Түгэнинэн туһанан, «Киин куорат» хаһыакка биһиги идэбитин сыаналаан кэпсэтиигэ ыҥырбыккытыгар, эдэр уустары ахтан ааһар кыаҕы биэрбиккитигэр махталбын тиэрдэбин. Дьэ, бу кэннэ биһигини салҕыыр дьон баар эбит диэн санаа үөскээтэ.

-Инникитин туох былааннааххыный?

-Үйэлэргэ хаалар быһахтары оҥоруохпун баҕарабын. Урбаанньыттарга анаан табыгастаах кирэдьиит баара буоллар. Оскуола оҕолоругар тэриллэр сайыҥҥы лааҕыр докумуонун эккирэтиһиитэ судургутуйара буоллар. Баҕалаах оҕо наһаа элбэх, киһи үөрэтиэн баҕарар да, салайар уорганнар сылтан-сыл «кытаатан» иһэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....