21.02.2022 | 13:00 | Просмотров: 982

«Айарбук» саҥа мобильнай сыһыарыы сүрэхтэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 18 күнүгэр «Айарбук» ааҕыыга аналлаах саҥа мобильнай сыһыарыы сүрэхтэниитэ буолла. Сыһыарыыны «Айар» национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ А.В. Егоров көҕүлээн, А. Баишев салайааччылаах «Квантум» IT-хампаанньа көмөтүнэн кинигэ кыһата оҥорон таһаарда.
Мобильнай сыһыарыы үлэтэ 2020 сылтан саҕаланан,  быйыл ийэ тыл күнүн көрсө күн сирин көрдө. Сыһыарыыга уопсайа 500-тэн тахса: 470 электроннай уонна 70-ча аудио форматтаах саха, нуучча, хотугу норуоттар тылларынан кинигэлэр киирдилэр. Олор истэригэр оҕоҕо уонна төрөппүккэ анаммыт литература, прикладной кинигэлэр, уус-уран айымньылар, сынньалаҥҥа, аска–үөлгэ анаммыт таһаарыылар, итини сэргэ 100-тэн тахса босхо аудио уонна электроннай кинигэлэр бааллар.
Сыһыарыыга суруттарарга тус тарыыбы талыахха сөп. Суруппут дьон биир-икки кинигэни эрэ буолбакка, библиотеканы барытын ааҕыахтарын сөп. Холобур, «Премиум» тарыыбынан библиотека бары кинигэтин туһаныахха сөп, оттон «Стандарт» тарыып оҕолорго аналлаах уонна уус-уран литература айымньыларын ааҕар кыаҕы биэрэр.
Сыһыарыыга бастаан киирбиттэр 14 күн босхо туттар кыахтаахтар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.