12.01.2024 | 14:00

Айар-тутар саҥа сылы «Үүт-үкчү» бырайыагынан арыйдыбыт

Саҥа сылга үктэнэн сонуну сонургуур, саҥаны эйэргиир күннэргэ араас бырайыактары, аралдьытар тэрээһиннэри айан-тутан, сүүрэн-көтөн тэрийэр дьон баара үчүгэй даҕаны!
Айар-тутар саҥа сылы «Үүт-үкчү» бырайыагынан арыйдыбыт
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Ол курдук, «Үүт-үкчү» диэн бырайыагы урут ойоҕостон, ыраахтан истэр эрэ эбит буоллахпына, быйыл, дьэ, кыттааччы өттүттэн, "закулисье" диэн аптаах-алыптаах, умсугутуулаах эйгэҕэ киирэн көрдүм.

Сахабыт сирэ барахсан талааннаах, дьоҕурдаах дьонунан баайын манна көрөн сөҕөҕүн, киэн туттаҕын. Быйылгы кыттааччылар баһыйар үгүс өттүлэрэ култуура эйгэтигэр буһа-хата сылдьар дьон. Ол курдук, Раиса Николаевна Крылова курдук дорҕоонноох ааттаах, ытыктанар, убаастанар дьоммутугар тиийэ бааллара күрэх таһымын үрдэтиэн үрдэттэ. Ылбыт уобараһы арыйыыга сирэйи-хараҕы оҥорууга, таҥаһы-сабы көрүүгэ эмиэ, этэргэ дылы, ааттаах-суоллаах, ураты көрүүлээх тыйаатырдарбыт, араас устуудьуйалар бастыҥнара, кими да кэтэспэккэ оҥосто-тутта үөрэммиччэ, субу көрөн турдаххына атын буола түһээччилэр да бааллар. Ол курдук эргийэ түстүҥ да кэрэттэн кэрэ, хайыһа түстүҥ да бастыҥтан бастыҥ элбэх буолла. Хас биирдии кыттааччы сценаҕа тахсыан иннинэ "чэ" диэн хамаанданы күүтэн турар спортсмен тэҥэ тыҥыаҕынан тыҥаан, тиритиэххэ диэри долгуйан, салгыҥҥа кытта туох эрэ дьикти, дьэрэкээн дьэргэлгэн ыйанан турарга дылы. Кинилэр ортолоругар кэргэнниилэр – Сунтаартан айан бөҕөтүн айаннаан кэлбит Дуолан уонна Анита Трофимовтар, Хатастан Наталья Протопопова уонна Игорь Андреев бааллар, ийэлээх оҕо да – Василена, Марфа Шариналар, ону кытта ийэттэн-аҕаттан итэҕэһэ суох эйигин билэр, эйиэхэ эрэнэр, үөрэтэр-такайар салайааччы Семен Ченянов (Snou vois) баар. Киһи үөрэрэ, эдэр оҕолорбут ырыаттан ураты саамай ыарахан, биһиэхэ наһаа тэнийбэтэх, олус сайдыбатах эрээри, биллэн турар, куруутун баар тыл-өс жанрыгар бааллар эбит. Аркадий Михайлович Алексеев саҥатын балачча үрдүк таһымҥа үтүктэр эдэр уол баара истэргэ астык. Төһөлөөх дьаныардаах дьарык, көрдөөһүн, үөрэтии кэнниттэн ити тахсыбыта буолуой?! Көрдүө, ирдэһиэ, үөрэтиэ, үлэлэһиэ өссө да иннигэр турдаҕа, быраҕымыан эрэ наада... Манна даҕатан эттэххэ, Семен Ченянов дьарыктыыр оҕолоругар олох саба түһэ сылдьыбакка, ыраахтан “ыарыйда”. Бэлиэтии уонна биһирии көрбүппүн туһулаан этэр буоллахха, хайдах эрэ ис-иһиттэн убаастабыллаахтык, дьоһуннук сыһыаннаһара көрөргө астык. Инньэ гынан ыгыллыы-түүрүллүү суох. Маны таһынан, оҕо аймахха, улахан дьоҥҥо да бииртэн биир саҥа ырыаны айар, бэйэтэ соҕотоҕун да толорууга куруутун ырыа долгунугар сылдьар эйэҕэс-сайаҕас, мэлдьи дьону кытта алтыһарга аһаҕас Милена Борисова, ытыс ымыыта хомус дьүрүскэнигэр олоҕу дьүһүйэр, арчылыыр-ыраастыыр Егор Слепцов, ырыаны сөбүлээччилэр куттарын-сүрдэрин туппут, бу эйгэҕэ уонунан сылларга үлэлээбит, айбыт-туппут Эрчим кыттыыны ыллылар. Аны ырыаны үҥкүүнэн киэргэтээччи “Кыталык” ансаамбыл улахан састааба баар. Сценаҕа бииртэн биир хатыламмат кэрэ нүөмэрдэр тахсан истилэр. Василена ийэтиниин тыынардыын бииргэлэр диэбиккэ диэри, саха дьонун да темперамена итии дойду “итиикэн-буһуукан” дьонуттан хаалсыбатылар, Милена Борисова күүстээх, “эттээх” куоластааҕын өссө төгүл дакаастаата. Эрчим талбыт уобарастарын бары өттүнэн (куолас, хамсаныы, таҥас-сап, дьүһүн-бодо) биир тэҥ гына кыайа-хото тутта. Кэнсиэри Ника, Петр Кулаковскай, Айгылаан ыалдьыт быһыытынан үрдүк таһымнаах нүөмэрдэринэн киэргэттилэр, сүргэни көтөхтүлэр.

Дьэ маннык састааптан, култуураттан балачча тэйиччи эйгэттэн киирбит паара – Хатас нэһилиэгин олохтоохторо, эдэр ыаллар  Наталья Протопопова уонна Игорь Андреев. Игорь олох-дьаһах хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Наталья – фотограф, блогер. Биллэн турар, иккиэн даҕаны наһаа муннукка муммут муҥкук, сатаабаппын ээ диэн саллыбыт, билбэппин ээ диэн бэрии бэрдэрэн кэтэмэҕэйдээччи буолбатахтар, олох тыгыалас тымырын тута сылдьар ыччаттар. Ордук Наталья, үлэтин-хамнаһын да быһыытынан, дьиҥ ийэттэн-аҕаттан бэриллибит майгытынан даҕаны дугдуруй да оҕус диэн санаанан салайтаран сылдьар киһи. Бырайыакка кыттар санааны ылыммыт күннэриттэн уой-аай диэн куттаммакка, саллыбакка, баары-баарынан ылынан, үлэ-хамнас кэнниттэн (эбиитин Саҥа дьыллааҕы түбүгү эбэн кэбис!) быыс булан, сэниэ-күүс хаалларынан, күүстээх, сыаллаах-соруктаах үлэ тигинэччи барбыта. Ол түмүгэ көрөөччүлэр өттүлэриттэн сүрдээх үчүгэй эппиэттээх буолла – ыһыынан-хаһыынан арыалламмыт ытыс тыаһа курулас ардахтыы кутуллара диэни иһиттибит. Манна даҕаны хатастар түмсүүлээхпитин, бииргэбитин көрдөрдүбүт. Ырыа,  үҥкүү, хамсаныы, уобараһы арыйыы, өй-санаа өттүнэн уйууга үлэлэстибит. Натальялаах Игорь дьиҥ-чахчы иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн буолалларын, киһи быһыытынан буһуу-хатыы оскуолатын барбыттарын толору дакаастаатылар. Күрэххэ кыттарга эн бэйэҥ эрэ бэлэм буоларыҥ кыра, ону таһынан эн бииргэ буолар дьоҥҥунуун өйдөһүөххүн наада. Икки кэнсиэр тухары бу дьоҥҥун аччыктаппат, кэлэллэрин-баралларын хааччыйар ытык иэстээххин, аны дьиэ кэргэн туллубат тутааҕа кырачаан киһиэхэ – оҕоҕо бу оргуйа сылдьар олохтон уоскуйан, налыйан, ийэ буолан тиийиэххэ наада... Үөрүөхпүт туһугар, маны барытын уйдулар.

Кэнсиэр саҕаланыытыгар эппиттэринэн, кыайыылааҕы көрөөччү куоластаан быһаарар диэн этэ. Ол оннук буолла эрээри, бастаабыт Эрчим – Алексей Григорьев кэнниттэн кимнээх тилэх баттаһан иккис буолбуттарын ыытааччылар эппэтилэр...

Онон анал бирииһи ылбыт пааралар Юрислав Гольдеров уонна Ева Шакор иккис миэстэ буолбут курдук өйдөбүл хаалла. Дьиҥэр, бу боппуруос дьэҥкэ буоларын туһугар бэрэстэбиитэллэр уонна ааҕар-суоттуур хамыыһыйа үлэлээбитэ. Ол түмүгэр туох да мөккүөрэ суох Эрчим кыайыылаах буолбута уонна кини кэнниттэн тилэх баттаһа куолас ахсаанынан иккис миэстэ Натальялаах Игорь тахсыахтаахтара. Ол туһунан биир да тыл этиллибэтэҕэ бу олус үчүгэй, табыллыбыт бырайыак түмүгүн биллэрдик сымсатта. Бачча үчүгэйдик ньиргиччи, үрдүк таһымнаахтык үлэлээн баран тиһэх туочука киһи өйдүүрүн курдук турбата.

Дьыала бирииһигэр буолбатах, дьыала баара суоҕа куолас ахсаанынан иккис буолбуту ааттааһыҥҥа... Анал бирииһи (сүрүн бириистэн ураты анал бириис баара) туттарааччы хайаан даҕаны иккискэ биэриэхтээх диэн этии суоҕунан, онно туох да диэн мөккүөр суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...