21.03.2024 | 10:00

Айар үлэ умсулҕана

Айар үлэ умсулҕана
Ааптар: «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинин уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Любовь Константинова – Кыталы Куо
Бөлөххө киир

Кулун тутар 16 күнүгэр Арчы дьиэтигэр айылҕаттан талааннаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник убаастанар, ытыктанар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» бэлиэ хаһаайына, СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо Ирина Васильевна Абрамова айар дьоро түһүлгэтэ түстэннэ.

Ирина Васильевна саха бастакы балерината Аксинья Посельскаяҕа уһуйуллубута. Дьокуускайдааҕы Культпросвет училищены бүтэриэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар.  Сайаҕас майгылаах, бары өттүнэн дьоҕурдаах, мындыр толкуйдаах Ирина Васильевнаны билэр дьоно ытыктаан Абыраллаах Абыраамаба диэн ааттыыллара мээнэҕэ буолбатах.
Ол курдук, Ирина Васильевна өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар култуурунай тэрээһиннэри ыытар педагогунан үлэлээбитэ. Оччолортон «Оһуокай» уопсастыба биир көхтөөх чилиэнинэн, 2019 сылтан бэрэссэдээтэли солбуйааччынан, өрөбүл ахсын буолар Оһуокайы тэрийээччинэн үлэлиир. Маны сэргэ ырыа ансаамбылларын тэрийэр, элбэх үҥкүү бөлөҕүн кытта үлэлэһэр. Төрөөбүт улууһун кытары сибээһин быспат, куоракка түмсүү салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолар.
Ирина Васильевна СӨ «Оһуокай» түмсүүтүн  37 сыл устата сатабыллаахтык  уонна таһаарыылаахтык салайан кэллэ, итиэннэ Арчы дьиэтин иһинэн үлэлиир «Көмүс саастар» ырыа-үҥкүү бөлөҕүн 6 сыл устата такайан, үҥкүү кэрэ эйгэтэ, саха култуурата сайдыытыгар дьоһун кылааттаах.
Онон «Айар үлэ умсулҕана» түһүлгэтигэр Дьокуускайдааҕы  Аксиния уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан хореографическай училище үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Арассыыйа үтүөлээх артыыската кыыһа Оксана Абрамова), «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинин салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лариса Андреева, СӨ «Оһуокай» түмсүүтүттэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэтэрээннэрин сэбиэтиттэн, ОДьКХ министиэристибэтиттэн, Дьокуускай куорат Дууматыттан, ону сэргэ алтыһар уопсастыбаннай тэрилтэлэриттэн элбэх эҕэрдэ тыла этилиннэ.
Дьоро түһүлгэ «буруйдааҕа» Ирина Абрамова тылыгар уонна матыыбыгар «Күн төгүрүк алаадьыта», «Дойдум дьоно», «Туймаадам хочото», «Ахтабын эйигин», «Ыллас миигин кытары», «Бастыҥ аспыт чыыр балык» ырыалар СӨ норуодунай артыыһа Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй байааҥҥа доҕуһуолунан ылланнылар.
Ол курдук, дьоро киэһэни «Күн ситимэ» (сал. Маргарита Самсонова), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүттэн «Ситим» (сал. Александра Федорова) үҥкүү бөлөхтөрө, «Оһуокай» түмсүү, «Көмүс саастар» ырыа-үҥкүү  бөлөҕө (сал. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ирина Абрамова), «Чараҥ» (сал. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Иванов), «Хотууна», тыа хаһаайыстыбатын техникумун бэтэрээннэрин «Сыдьаайа» ырыа бөлөхтөрө, «Сайсары» ырыа бөлөҕүн солискалара Екатерина Попова, Ксения Дьячковская, «Далбар» норуодунай ансаамбыл (сал. СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Раиса  Винокурова), Усуйаана улууһуттан эҕэрдэтин үҥкүүнэн тиэрдибит СӨ култууратын туйгуна Елена Горохова, талааннаах ырыаһыттар Анатолий Горохов, Любовь Константинова, Петр Кычкин киэргэттилэр.
Ирина Васильевна үҥкүүнү, ырыаны кытта иис кэрэ абылаҥын тэҥҥэ тутар. Ол курдук, өр сылларга күннээҕигэ кэтиллэр саха таҥаһын тикпит «Күн бытархайдара» муода кэллиэксийэтин дьон-сэргэ иннигэр көрдөрөн, биһирэбили ылыан ылла.
Өрөспүүбүлүкэ, Дьокуускай куорат, Арчы дьиэтэ ыытар араас хабааннаах култуурунай тэрээһиннэригэр өрүүтүн күүс-көмө, сүбэ-ама, өйөбүл-тирэх буолар күндү киһибитин үрдүктүк сыаналыыбыт, барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...