«Айар Дабаан» киэҥ соруктары туруорда
Ааспыт нэдиэлэҕэ түмүктэммит «Айар Дабаан» креативнай нэдиэлэ саха киинэтин, ойуулугун, муодатын, ИТ индустриятын аан дойдуга таһаарыы хайысхаларын быһаарда.
Ол курдук, «Айар Дабаан» пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев саха киинэтин бөдөҥ индустрия оҥорор сорук турарын тоһоҕолоото. «Сүүһүнэн буолбакка, тыһыынчанан талааннаах дьон үрдүк хаачыстыбалаах киинэлэри устуохтарын баҕарабыт. Ойуулук хайысхата, муода, норуот илиинэн оҥоһуга сайдыан наада. Маны ситиһэр айар талааннаах дьоммут элбэх»,– диэн турар Айсен Николаев. Ол курдук, Саха сирин култуурунай куодун, креативнай индустриятын туһунан аан дойду барыта билэрин туһугар өрөспүүбүлүкэ туох кыаллар өйөбүлү барытын оҥорорго бэлэм.
Бары билэрбит курдук, сайын Саха сиригэр киинэ устар сезон буолбута ыраатта. Бу эйгэҕэ билигин 2000 кэриҥэ киһи үлэлэһэр. Тахсыбыт киинэлэр, холобура, 2023 сылга холбоон 100 мөл. солк. киллэрбит буоллахтарына, 2024 сылга ити көрдөрүү икки бүк улаатарын сабаҕалыыллар. Маныаха 2023 сылга саха киинэтэ Арассыыйа аан дойду таһымнаах бэстибээллэртэн ылбыт наҕараадаларын 20% ылбыта, сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэргэ саха киинэтэ Индия, Корея, Кытай, Япония дойдуларын барыларын холбообуттааҕар чаастатык ахтыллыбыта кэрэхсэбиллээх.
2018 сыллаахха тэриллибит ИТ-паарка резиденнэрэ 1000 үлэ миэстэтин таһааран, 2 млрд солк. кэриҥэ инвестицияны киллэрбиттэр, СӨ инновациялары сайыннарыы пуондата үлэлиир. Венчурнай пуонда Б8 акселераторыгар Арассыыйа араас муннугуттан 134 хамаанда үөрэнэн, 121 мөл. солк. суумалаах 59 бырайыак үбүлэммит. Өрөспүүбүлүкэ 19 оройуонугар ИТ-киин үлэлиир.
Ойуулук туһунан эттэххэ, ааспыт сылга 250 мүнүүтэлээх анимация оҥоһуллубут. 2030 сылга ити көрдөрүү 10 төгүл улаатара сабаҕаланар. «Тундра» устуудьуйа Арассыыйа анимационнай эргимтэтигэр киэҥник билиннэ, баара-суоҕа 2-3 сылынан киэҥ экраҥҥа бастакы толору форматтаах ойуулук тахсара күүтүллэр.
Таҥас-сап, симэх индустрията эмиэ аан дойду ырыынагар тахсарга бэлэм. Сыл аайы Арассыыйа ырыынагар хастыы даҕаны сахалыы бренды таһаарар сорук турар.
Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин ыам ыйынааҕы ыйааҕыгар креативнай экономиканы сайыннарыы дойду биир сүрүн сыала буоларын туһунан тоһоҕолоон турар.
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл муус устар 27 күнүнээҕи Саха сиригэр креативнай экономиканы сайыннарыы туһунан ыйааҕар 2030 сылга диэри айар индустрия эйгэтигэр дьарыктаах нэһилиэнньэ ахсаанын 70 тыһыынчаҕа диэри улаатыннарар туһунан этэн турар (Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспатын матырыйаалынан).