«Ayana» сыһыарыы төрөөбүт тылы сөргүтэр
Амма улууһун бизнес инкубаторын резиденэ, A-PRO устуудьуйа салайааччыта Николай Апросимов «Ayana» (АЙАНА) медиаплатформаны айан оҥордо. Кини номнуо бу бырайыагынан Арассыыйатааҕы I ыччат форумун (Youth RIGF) тэрээһинигэр «Ыччакка бастыҥ IT-стартап» хайысхаҕа кыттан бочуоттаах иккис миэстэни ылла.
Николай төрүттэрэ Уус Маайа Күп нэһилиэгиттэн сыдьааннаахтар. Кини этэринэн, төрөөбүт тылын 2006 сыллаахха Нерюнгрига Иенгратааҕы хотугу норуоттар тылларын үөрэтэр оскуола интэринээккэ үс сыл Клавдия Иннокентьевна Макароваҕа үөрэнэн, төрүт эбэҥки тылын кытта билсибит. Онтон ыла тылга, итэҕэлгэ уонна эбэҥки норуота былыргыттан илдьэ кэлбит култууратыгар ураты болҕомтону анаабыт. Аан маҥнай тылы баһылыырбар ыарахаттардаах этэ диир. Уол оскуолатын бүтэрэн, киэҥ сиргэ тахсан, кырата уонча сыл төрөөбүт тылын умна быһыытыйар. Тыл үрдүк суолталааҕын өйдөөн уонна кэпсэтэр эйгэтин кэҥэтэр туһуттан «Ayana» сыһыарыыны оҥорон, олоххо киллэрбит.
Бу сыһыарыы тылы тылбаастыырын таһынан өссө эбэҥкилии ырыалары булар-талар, хаартыскалары, роликтары көрдөрөр кыахтаах. Сыһыарыы App Store-га баар “Siri” сыһыарыыга уонна Яндекс оҥорбут «Алиса» сыһыарыытыгар майгынныыр. Искусственнай өйүнэн үлэлиир буолан киһи курдук кэпсэтиэн, саҥарыан сөп.
- Николай, саха тылыгар маннык хабааннаах сыһыарыы табыллар дуо?
- Саха тылыгар дорҕооннору дьүөрэлииргэ уустуктардаах соҕус буолар. «Ayana»-ҕа туттубут кириллицаларбыт, дьиҥэ, ханнык баҕарар омук тылыгар барсар кыахтаахтар. Мин санаабар, олох сатарыйан турар кэмигэр биһигини төрөөбүт тылбыт эрэ тыыннаах хаалларыа. Онон инникитин тыл уонна култуура кэнчээри ыччакка хааларын туһугар эдэр ыччаттар аныгы технологиялары туһанан тылы сөргүтэ, хааллара сатыыр улахан сорукпут буолуохтаах.
- Аныгы технология кыаҕа хара баһаам буоллаҕа?
- Сайдыы наһаа балысханнык барар. Күн ахсын саҥаттан саҥа хайысхалар арылла тураллар. Сорох инновационнай бырайыактар бүгүн бааллар, сарсын суох буолуохтарын сөп. Уруккулуу, былыргылыы диэн билигин суолтата суох. Олох сайдыытын баттаһа, түргэн сыһыарыылары оҥорон тылбытын, култуурабытын киэҥ сиргэ таһаарар уонна тарҕатар кыахтанныбыт.