13.09.2021 | 16:00

Айаана «алдьархайа»

(кэпсээн)
Айаана «алдьархайа»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Айаана алтыс кылааска тахсыбыта. Быйыл бииргэ үөрэнэр кыргыттара улааппыттарын, муоданы эккирэтэр буолбуттарын бэлиэтии көрбүтэ. Былырыын хаарга булкулла, бадарааны тэпсэ, чалбахха чаламааттана оонньуур бэйэлэрэ дьүһүннүүн-бодолуун, туттардыын-хаптардыын уларыйбыттар. Сирэйдэрин-харахтарын кырааскаланаллар, джинсы ыстаан, тыраҕастаах дьууппа, чыры-чыппаччы тута сылдьар былаачыйа арааһын кэтэллэр. Ааспыкка Люба Иванова баттаҕын кырааскалатан кэлбитигэр сонургуу, сөҕө-махтайа көрбүттэрэ. Бэҕэһээ кылаас кырасаабыссата Вика Петрова интэриниэтинэн тирии суумка уонна сыаналаах духуу сакаастаабытын киэн тутта кэпсээбитэ. Лена Афанасьева айфон төлөпүөннэммитин оҕо барыта илиитигэр ылан, эргитэ сылдьан тутан-хабан көрбүтэ.
Айаана кыргыттара өйдүүн-санаалыын уларыйбыттарын атыҥырыы санаабыта. Кини, кыаммат ыал оҕото буолан, баҕарбытын да иһин, сыаналаах бутиктартан таҥныбат. Хараҕынан хайгыы, ымсыыра эрэ көрөр. Аҕата эдэр сааһыгар оттуу сылдьан оһолго түбэһэн, инбэлиит буолбута. Онон ийэтэ соҕотоҕун бүтүн дьиэ кэргэни иитэр-аһатар туһугар күнүстэри-түүннэри хачыгырайар.
Бүгүн Айаана кылааһыгар киирбитэ, кыргыттара бары Вика паартатыгар мустан, тугу эрэ ырытан ырааппыттар. “Туох ааттаах буоллаҕай?” дии санаан, чугаһаан көрбүтэ, кэпсэтии хайа эрэ килэйбит-халайбыт муода сурунаалын тула оргуйа турар эбит. Ханнык ботфорт ордугун быһаарсыытыгар Айаана бэйэтин сыа быыһыгар быччархай курдук санаммыта. “Ботфорт диэн тугуй?” – диэн күлүүгэ киирбитэ. Онуоха Люба Иванова, дьоһумсуйбуттуу, уоһун чорбоччу туттубута уонна: “Айаана, позорданыма эрэ, уһун остоох муодунай саппыкы дии”, – диэн барбах сыыйан саҥарбыта. Айаана, чоххо баттаммыт курдук, кып-кыһыл сирэйдэммитэ, кыбыстан, кылаастан тахсан барбыта. “Муоданы сырсааччылар” кэнниттэн күлэн саһыгыраһа хаалбыттара.
...Айаана, хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри ытыы-ытыы, суол устун сукуҥнаан истэ. Хомойбут-хоргуппут омунугар, дьиэтин дуома, кимтэн эрэ саспыттыы, дэриэбинэ түгэҕэр турарыттан көхсө өссө кыарыырга дылы гынна. Киирэр аантан минньигэс ас сыта муннун саба биэрдэ, арыылаах алаадьы буһан сырдьыгыныыр тыаһа иһилиннэ. Атаҕын таҥаһын уҥа-хаҥас тэбиэлээтэ, суумкатын муннукка элиттэ, сонун муостаҕа бырахта.
Ийэтэ барахсан, төһө да түүҥҥү дьуһуурустубаттан сылайан-элэйэн кэллэр, дьиэлээхтэрин минньигэс аһынан күндүлээри, куукунаҕа өрө мөхсө сылдьар. Соһуйбуттуу: “Ким кэллэ?” – диэн эргиллэн көрдө. Онуоха аттынан Айаана буурҕалыы бурҕачыйан, холоруктуу ытыллан ааста. Маайа: “Хайа, тоойуом, хайдах буоллуҥ?” – диэбитин, кыыһа: “Суох!” – диэн бардьыгынаата. Ийэ эрэйдээх, мах бэрдэрэн, алаадьылаах иһитин туппутунан туран хаалла, оттон эбэлэрэ Балбаара үүттээх чэйи сыпсырыйа олорон, өйдөөбөтөхтүү, сиэнин кэнниттэн эрэ батыһа көрдө. 
Эдьиийэ кэлбититтэн үөрэн, сыҥаһалыы сылдьар кыра быраата Айсиэн саалаттан илиитин ууммутунан утары тоотоҥноото. Онуоха Айаана, кып-кыра киһини өрө даллаппытынан, манежка илдьэн хаайда. Анарааҥҥыта мэрбэҥнээн эрдэҕинэ: “Ытаама!” – диэн сарылаата.  Хоһун аанын тыастаахтык сабан, оронугар умса түстэ.
Ийэтэ, алаадьытын ситэ астаабакка, сүүрэн кэллэ.
– Тоойуом, хайдах буоллуҥ?
– Мин эрэ джинсым суох. Дьоҥҥо барытыгар баар! – кыыс буугунуу сытта.
– Туохха ол джинсылана сатаатыҥ?
– Кэтээри! Кылааһым оҕолоругар барыларыгар баар. Арай миэхэ эрэ суох. Миэхэ эрэ! – кыыс саҥата улам улаатан барда.
– Тоойуом, уоскуй, киһини куттаатыҥ. Туох алдьархайа буолла дии санаатым дии.
– Ол эһиэхэ алдьархай буолбатах. Оттон миэхэ алдьархай!
– Киһиэхэ барытыгар диигин. Миэхэ, балтыларгар, бырааттаргар суох ээ.
– Ол биһиэхэ буоллаҕа! Мэлдьи кыаммаппыт, тиийиммэппит айдаана. Наар: “Айдаровтар харчылара суох, элбэх оҕолоох ыал, аҕалара үлэлээбэт”. Барыта итинник!
– Сыллыый, туох диэн эттэҥий? Ыал сиэринэн олоробут дии. Эһигини иитэр туһуттан кыахпыт баарынан үлэлээн муҥнанабыт. Киһиттэн таһыччы да буолбатар, аһыыбыт, таҥнабыт.
– Эргэттэн эргэни кэтэбит буолбат дуо? Айылгы таҥаһа миэхэ, миэнэ – Айгылаанаҕа. Айтал киэнин Айдыҥҥа, онтон Айсиэҥҥа. Барыта итинник. Бүтэһигин хаһан саҥа таҥастаммыппын өйдөөбөппүн. Миэнэ мэлдьи өҥө-дьүһүнэ бүппүт, онон-манан абырахтаах, тигиилээх буолар! – Айаана улам өрө барда.
Ийэтэ, саҥата суох олорбохтоон баран, оронтон оргууй аҕай турда. Аан диэки чугаһаан иһэн, бэрт наҕыллык:
– Айаана, кими да баайынан-дуолунан, таҥаһынан-сабынан, дьүһүнүнэн сыаналаабат буол. Холобур, олус мааны таҥастаах, сыаналаах төлөпүөннээх, ол эрээри, мөкү өйдөөх-санаалаах, куһаҕан майгылаах, сүрэҕэ суох киһини ким сөбүлүөй?
Хос иһигэр киһи тыына хаайтарыах айылаах ыар чуумпута бүрүүкээтэ. Айаана сыттыгар умса түһэн сытта… Ийэ барахсан, чочумча буолаат, ааны сабан тахсан барда. Бэйэтэ да кыараҕас дьиэ ити икки ардыгар хоруорбут алаадьы сытынан туола оҕуста…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...