Автодорожнай уокурукка тэрилтэ аата сахалыы тылынан суруллар дуо?
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл үбүлээһининэн 2023 с. ыытыллыбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тыллар туһунан сокуон толоруллуутун кэтээн көрүү” чинчийии сорох түмүктэрэ.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт уһуйааччылара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускай куорат уокуруктарын үллэстэн, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр вывескаларыгар, дьиэ эркинигэр ыйаммыт өйдөбүнньүк-дуоскаларга, устуоруйаны кэрэһилиир пааматынньыктарга, ыйынньыктарга саха тыла төһө туттулларын чинчийэн көрдүлэр.
Автодорожнай уокурукка уопсайа 105 эбийиэги көрдүбүт, ол иһигэр: 20 муниципальнай, 17 судаарыстыбаннай тэрилтэ аата, 5 пааматынньык, 4 ыйынньык, 3 өйдөбүнньүк-дуоска, 2 стела. Бу 91 тэрилтэттэн 37-гэр эрэ тэрилтэ аата икки тылынан суруллубут. Үксүн оскуола, оҕо уһуйаана, бибилэтиэкэ, эмтиэкэ, ИДьМ тэрилтэлэрэ вывескаларын сахалыы тылбаастаан ыйыыллар эбит. Төһө да сыыһа-халты тылбаастаах буоллар, бу хайҕаллаах дьыала. Ону таһынан 1 өйдөбүнньүк уонна 4 ыйынньык сахалыы тылынан суруллубуттар.
Икки тылынан суруллубут тэрилтэ аата сахалыы тылбааһыгар төһө сөпкө бэриллибитин ырытан көрүөххэ. Ол курдук, бастакытынан, киирии тылы сахалыы таба суруйуу. Саха тылыгар киирии тыллары транскрипция көмөтүнэн суруйуохха сөп. Холобур, «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук «Библиотека тиһигин киинэ» муниципальнай бюджетнай тэрилтэтэ. Манна «муниципальнай» диэн тыл сахалыы солбуга суох буолан нууччалыы суруллубута улахан алҕас буолбатах. Оттон «библиотека», «бюджетнай» диэн тыллары сахатытан суруйуохха сөп этэ. 2015 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата сахалыы тылынан таба суруйуу быраабылаларын бигэргэппитэ. Онон бу тылдьыкка тирэҕирэн, бибилэтиэкэ, бүддьүөт диэн суруйар сөп. Ыраата барбакка холобурдаатахха, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров-Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ». Бу Ленин проспегар турар тэрилтэ аата, үлэтин сааһыла барыта сахалыы тылбаастанан турара көрүөххэ астык.
Иккиһинэн, сахалыы буукубаны сыыһа суруйуу. Холобур, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ «Медицинэ көмөтүнэн чөлгө түһэрии уонна успуорт медицинэтин киинэ» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтэ Бастакы нүөмэрдээх оҕолору медицинэ көмөтүнэн чөлгө түьэрии салаата (Министерство здравоохранения Республики Саха (Якутия) Государственное автономное учреждение Республики Саха (Якутия) «Республиканский центр медицинской реабилитации и спортивной медицины» отделение медицинской реабилитации для детей №1). Бу сөпкө тылбаастаммыт тэрилтэ аатыгар, киһи кыһыйыах, бэрт кыра алҕас тахсыбыт. Сахалыы буукубалары сөпкө бэчээттээн баран, бүтэһик «Һ» буукубаны нууччалыы «Ь» буукубанан суруйбуттар. Баҕар, вывесканы бэчээттээн таһаарбыт тэрилтэ алҕаһа буолуон сөп…
Куораппыт килбэйэр киинигэр, Ленин проспегар икки тылынан суруллубут ыйынньыктар тураллар. Ол онтон биирдэстэригэр эмиэ тыл сыыһа суруллан турар. Холобура, дьаамсыктар сквердэрэ (сквер ямщиков).
Түмүктүөх иннинэ, Птицефабрика түөлбэтигэр турар оҕо уһуйаанын вывескатын көрүөххэйиҥ: Управление образования окружной администрации города Якутска Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение Детский сад №102 «Подснежник» городского округа «город Якутск» / Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын уөрэххэ управленията «Дьокуускай куорат» уокуругун оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-уөрэтэр 102 №дээх муниципальнай буддьуөт тэрилтэтэ. Биир тэрилтэ аатын сахалыы тылбааһыгар үс улахан алҕас баар. Бастакытынан, нууччалыы тыл олоҕо сыыһа суруллубут. «Управление» диэн тыл бүтэһик буукубата – «Е». Иккиһинэн, сахалыы буукубаны сыыһа суруйуу. Холобур, уөрэххэ, иитэр-уөрэтэр, буддьуөт. «Ү» оннугар «У» буукубанан суруйбуттар. Үсүһүнэн, тэрилтэ сахалыы тылбааһыгар оҕо уһуйаанын аатын отой да түһэрэн кэбиспиттэр. Дьиҥэр, «Подснежник» диэни сахалыы «Ньургуһун» диэн тылбаастыахха сөп этэ.
Манна даҕатан эттэххэ, күн бүгүн куораппыт тэрилтэлэрин аатыгар, чуолаан Автодорожнай уокурукка олус элбэх тэрилтэ аата сахалыы тылынан суруллубатах. Суруллубут да буоллаҕына, сыыһата-халтыта үгүс. Саха тыла нуучча тылын сэргэ судаарыстыбаннай тыл буоларын быһыытынан, саатар судаарыстыба тутаах тэрилтэлэрин ааттара сахалыы сыыһата суох суруллаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Барытын көйгөлүүр эмиэ сатаммат, ол курдук атын тэрилтэлэр холобур оҥостоллорун туһугар, сөпкө суруллубут тэрилтэни киллэрэбин: Министерство сельского хозяйства Российской Федерации Федеральное государственное бюджетное образовательное учреждение высшего образования «Арктический государственный агротехнологический университет» / Россия Федерациятын тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет» судаарыстыбаннай бүддьүөт федеральнай үрдүк үөрэх тэрилтэтэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ