Автодорожнай уокурукка дьаһалта отчуота
Олохтоохтору туох долгутарый?
Ааспыт бээтинсэҕэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын Автодорожнай уокурук нэһилиэнньэтигэр отчуота буолан ааста. Олохтоохтор сытыы кыһалҕаларын, ону таһынан саргылаах санааларын үллэһиннилэр. Ыйытыы биэрэргэ ох курдук оҥостубуттар, бэлэмнэммиттэр. Бу нүөмэргэ кинилэр тугу туруорсалларын сиһилии билсиэҕиҥ.
ОДьКХ
Елена Николаевна, Птицефабрика микрооройуонун 12 нүөмэрдээх дьиэтин старостата:
–Бастатан туран, биһиги дьиэбит канализациятын ситимэ олус эргэрдэ. Тахсан киирбит убаҕаспыт, хойуубут таһынан барар, халыйа сытар. Ааспыт сыл ахсынньытыгар хаарбах туруктааҕынан билиннилэр. Ол эрээри 2021 сылга өрөмүөннэнэр эбийиэктэр испииһэктэригэр киллэрбэтэхтэр. Бука баһаалыста, быйыл өрөмүөннүүргүтүгэр көрдөһөбүт.
Иккиһинэн, ититэр систиэмэбит эмиэ олус эргэрдэ, хаарбах туруктаах. Аҥаардас тохсунньуга түөрт төгүл саахал таҕыста.
Үсүһүнэн, 19 нүөмэрдээх оскуола таһыгар, суол нөҥүө маардаах сири туоруур муоста тутуллара буоллар диэн биһиги оройуоммут олохтоохторун көрдөһүүлэрин тиэрдэбин. Манна чааһынай дьиэ элбэх. Бу муоста нэһилиэнньэ бары араҥатыгар, чуолаан оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорбутугар олус наада.
Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыгын э.т.:
–Бастаан ититэр систиэмэттэн саҕалыахха. Эһиги салайар хампаанньаҕыт “Севернай” дии? Дьиэ иһинээҕи систиэмэҕэ эппиэтинэһи толору сүгүөхтээх. Быйыл тохсунньу 25 күнүгэр Птицефабрика оройуонугар саахал тахсыбытыгар өҥө хайдах оҥоһулларын, хаачыстыбата хайдаҕын илэ харахпытынан көрбүппүт. Сайын “Севернай” салайар хампаанньа ититии сезонугар төһө бэлэмнээҕин анаан-минээн бэрэбиэркэлиэхпит. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хочуолунайдарыгар аварийнай арахсыы буолбутугар кэккэ боппуруостар үөскээбиттэрэ. Өскөтүн салайар хампаанньа үлэтин кыайбат буоллаҕына, эһиги, дьиэ бас билээччилэрэ, уопсай мунньах тэрийэн, салайар хампаанньаҕытын уларытыаххытын сөп. Ол эһиги быраапкыт. Судаарыстыбаннай тутуу уонна дьиэ-уот надзорун управлениетыгар сурук суруйуохтааххыт. Биһиэхэ эмиэ биллэрээриҥ, оччоҕо салайар хампаанньа ититии сезонугар төһө бэлэмнээҕин хонтуруоллуохпут.
Канализация холуодьаһын туһунан эттэххэ, эһиги былааҥҥа киирэргэ хойутаабыккыт. Бүддьүөт үбэ бигэргитиллэрин курдук, бырагыраама олох эрдэ оҥоһуллар. Ол иһин сайаапкалары эрдэ ылан бүтэллэр. Ол эрээри, Айаал Анатольевич (Куорат сулууспатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта – Аапт.), бырагыраамаҕа көннөрүү киллэрэр түгэҥҥитигэр, баһаалыста, бу аадырыһы хайдах киллэриэххэ сөбүн көрөргүтүгэр көрдөһөбүн.
Муоста туһунан ыйытыыгытыгар 203-с микрооройуон олохтоохторун холобурдуохпун сөп. Кинилэр Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа киирэн, Грант ылары ситиспиттэрэ. Эһиги эмиэ итинник бөлөх тэринэн, бырагыраамаларга кыттыаххытын сөп.
Бэтэрээннэр туруорсаллар
Галина Васильевна Сидорова, Автодорожнай уокурук Бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
–Биһиги бэтэрээннэргэ кулууп туруорсабыт. Билигин элбэх саҥа дьиэ тутуллар, инфраструктура сайдар. Ханнык эрэ дьиэ бастакы этээһигэр Үһүс көлүөнэ оскуолатын арыйыахха сөп. Биһиги бэтэрээннэрбит Речевой оскуола, ДСК, Птицефабрика оройуонугар олороллор. Баҕалаах барыта куоракка кэлэр-барар кыаҕа суох. Биһиги тэрээһиннэрбитин ыытарбытыгар туспа муннуктаахпыт буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Сотору пандемия бүтэригэр эрэллээхпит. Бэйэбит кэннибититтэн уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх, саҕалаабыппытын салгыыр дьоммутун үөрэтиэхпит этэ. Уопсастыба маннык дьоно суох сатаммат. Үүнэр көлүөнэ бэтэрээннэргэ болҕомто уурарыгар ыҥырабыт. Аны туран, “Три лимона” маҕаһыынтан Речевой оскуолаҕа диэри суол тутуута барыбытын долгутар боппуруос.
Евгений Григорьев:
– 2022 сылга Речевой оскуолаҕа киирэр суол, ону таһынан “Птицевод” СОТ суола аспаалланыаҕа. Покровскай тракт 4 балаһалаах буолуоҕа. Онтон куоракка киирбэккэ, Бүлүү трагар быһа тахсар улахан уйуктаах массыыналар сылдьар суоллара тутуллуоҕа.
Бэтэрээннэр сэбиэттэригэр кулууп туһунан эттэххэ, олус сөптөөх этии. Бастатан туран, төһө иэннээх дьиэни көрдүүрбүтүн быһаарыахтаахпыт. Ол кэннэ муниципальнай бас билиигэ туох баарын көрүөхтээхпит. Билиҥҥи туругунан Автодорожнай уокурукка бу уустук соҕус боппуруос. Оннооҕор олохтоох дьаһалта куортамныырга күһэллэр. Бэтэрээннэрбитигэр хайдах эрэ гынан көмөлөһөр кыахтаахпыт дуо?
–Кырдьык, Евгений Николаевич эппитинэн, Автодорожнай уокурукка муниципальнай бас билии боппуруоһа сытыытык турар. Ол эрээри көрдүү сатыахпыт, – диэн олохтоох дьаһалта эрэннэрдэ.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго
Автодорожнай уокурук Дьахталларын сэбиэтин бэрэстэбиитэлэ былырыын тыыннаах бэтэрээннэр тустарынан киинэ уһулар былааннаахтарын пандемия мэһэйдээн, быйыл көһөрөргө күһэллибиттэрин кэпсээтэ. Бу үүнэр көлүөнэҕэ олус наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар инбэлиит оҕолорго итии аһылык хайдах тэриллэрий, паек хайдах бэриллэрий? Бу пандемия кэмигэр эрэ буолбатаҕын, үгүс инбэлиит оҕо дьиэтигэр олорон үөрэнэрин тоһоҕолоон ыйда. Куоракка доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго табыгастаах эйгэни оҥоруу сытыы кыһалҕатын таарыйда.
–Холобур, Дьокуускай аэропордугар инбэлиит оҕолоох сарсыарда 5 чааска стоянкаҕа киирэр уустук, – диэтэ.
Евгений Григорьев:
–Аэропорт туһунан ыйытыыны, баһаалыста, боротокуолга киллэриҥ. Тустаах тэрилтэ салалтатыгар сурук бэлэмниэххэ наада. Стоянка үлэлиир кэмин көрөллөрүн, харгыһа суох эйгэни хааччыйалларын туһунан.
А.К. Семенов, Үөрэх управлениетын начаалынньыга:
–Төрөппүт (ийэ эбэтэр аҕа) дириэктэр аатыгар сайабылыанньа суруйар, докумуоннарын туттарар. Итии аһылыгынан хааччыллар, ол иһигэр сухой паек бэриллэр оҕолор испииһэктэрэ оскуола дириэктэрин бирикээһинэн бигэргэтиллэр. Бу туһунан иһитиннэрии Үөрэх управлениетын уонна ханнык баҕарар оскуола сайтыгар баар.
Н.Р. Степанова, баһылык солбуйааччыта:
–Киинэ туһунан этиигитин Култуура управлениетыгар киллэриэххитин наада.
«Норуот бүддьүөтэ» бырайыак үлэлиир
Александра Васильевна Михайлова, “Птицевод” СОТ бэрэссэдээтэлэ:
–Биһиги 2019 сыллаахха “Норуот бүддьүөтэ” бырайыакка кыттыбыппыт уонна кыайбыппыт. Былырыын пандемия мэһэйдээн, бырайыакпытын быйыл олоххо киллэрэбит. Уулуссабытын сырдатар банаардарбытын “Якутскэнерго” остуолбатыгар холбонор техническэй усулуобуйа оҥорторорбутугар көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт.
Иван Кульбертинов уулуссатын суола оҥоһулларын олус өр күүппүппүт. Эһиэхэ махтанабыт. Өссө 2022 сылга “Птицевод” суола оҥоһулларын үөрэ иһиттибит. Түүн Кульбертинов уулуссатынан фекалкалар ааһаллар, анал сирдэригэр ситэ тиийбэттэр, манна тоҕоллор. Сарсыарда дьон үлэтигэр, оҕолор оскуолаҕа баралларыгар амырыын сыт-сымар. Киһи хаампат үлүгэрэ.
–Ол фекалкалар нүөмэрдэрин билэҕит дуо? Хаартыскаҕа түһэрэн иһиэххитин наада, – диэтэ Евгений Николаевич.
–Суох, сарсыарда 4-6 чааска ааһаллар. Кыайан таба тута иликпит.
Евгений Григорьев:
– Дмитрий Александрович, дьокутаат буоларыҥ быһыытынан, баһаалыста, станцияларыгар тиийбэккэ, фекалкаларын аара суолга сүөкүүр дьоҥҥо административнай эппиэтинэс кытаатарын туруорсарыҥ буоллар.
Арай көрдөххүтүнэ, хаартыскаҕа түһэрэн судаарыстыбаннай экологическай хонтуруол Дьокуускайдааҕы кэмитиэтин электроннай почтатыгар ыытыҥ. Ыстарааптыахтара. Итиэннэ ыстараап үрдүүрүн ситиһиэххэ, маннык дьону накаастыахха наада.
А.А. Егинов, “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” МУТ салайааччыта:
–Уот остуолбатыгар холбонор туһунан боппуруос быһаарыллыаҕа.
Гаас, бэйдиэ сылдьар сылгылар
Людмила Сергеевна, Покровскай тракт олохтооҕо, гаас тиийбэтин, бу боппуруос хаһан быһаарыллыаҕын туоһуласта.
А.А. Егинов:
–Үлэ барар. Кылгастык кэпсээтэххэ, бу ыйга эбии үбүлээһин боппуруоһа быһаарыллыахтаах. Өрөспүүбүлүкэ 61 мөлүйүөн солкуобайы көрүөхтээх. Онтон 35 мөлүйүөн Нам трагын 13 км хаҥас өттүгэр барыахтаах. Онтон хаалбыт харчыны “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ тыырыахтаах. Ол аата бу тэрилтэ хайдах быһаарарыттан тутулуктаах. Быһа холоон 2022-2023 сылларга буолуо.
Андреева Любовь Петровна, уокурук олохтооҕо, Дьахтар сэбиэтин чилиэнэ:
–Сэргэлээх күөлүн туоруур муоста тутуллара буоллар, 6-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ, чааһынай дьиэлээх дьон абыраныахтара этэ. Наркологическай киин таһыгар тутуллуон сөп дии саныыбыт.
Аны туран, бэйдиэ сылдьар сылгылары көрө-көрө оройуон олохтоохторо олус долгуйабыт. Кыһыннары помуойаҕа сылдьаллар. Сардаана Владимировна Авксентьева ыстараап стоянкатын бырайыагын сэргии истибиппит. Ол олоххо киириэ дуо? Мин Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет иһинэн иппотерапия бырайыагын үлэлэппитим. Ол иһин ыйытабын.
Евгений Григорьев:
–Муостаны элбэх киһи туруорсара ордук. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа эбэтэр “Норуот бүддьүөтэ” бырайыакка киирсиҥ.
Дьиҥэ, ити сылгылар хаһаайыннаахтар. Онон юридическай өттүнэн ноолоох. Административнай быраабы кэһиилэр тустарынан кодекска уларытыылары киллэриэххэ наада.
Арай биир идиэйэ баар. Ити үөһэ алаастар бааллар. Олор федеральнай бас билиигэ киирэллэр. Ойуур быһыытынан. Ону “ойуур” диэнтэн таһааран, онно сылгылар сылдьар сирдэрин оҥоруохха сөп... Сылгылар куоракка ас көрдөөн киирэллэр.
Билиҥҥитэ бу боппуруос быһаарылла илик. Чуолкай тугу да этэр кыаҕым суох. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Административнай хамыыһыйа дьарыктанар.
Тохтобулбутун тупсарыҥ
Бузинаев Федор Иннокентьевич, “Россия – Мин историям” музей комплексын сүрүн инженерэ, биһиэхэ отчуоттуу эрэ кэлбэккэ, экспозицияларбытыгар, быыстапкаларбытыгар сылдьыҥ диэн ыҥырда. Онтон историческай паарканы көрө кэлэр дьон, үлэһиттэр ааттарыттан тыл эттэ:
–Биһиги 2019 сылга оптуобус тохтобулун тупсарар туһунан туруорсубуппут. Ону учуоттуохпут, толоруохпут диэбиттэрэ. Элбэҕи эрэйбэппит. Бу боппуруоспут ханна тиийдэ?
Быйыл кыһыммыт олус тымныы буолла. 18 нүөмэрдээх оптуобус биһиэхэ тохтообокко, ааһа бара турарын үгүс киһи үҥсэр. Ону хайдах эрэ хонтуруолга ылыаххыт дуо?
Евгений Григорьев:
–Оптуобус оннук гынара табыллыбат. Киин диспетчерскэй сулууспа дьуһуурунайдарыгар эрийэн этиэхтээххит. Куорат тутуутун, тырааныспар инфраструктуратын департаменыгар биллэриэхтээххит. Инстаграмҥа миэхэ да суруйуоххутун сөп. Оннук түгэн үгүс буоллаҕына, дуогабарбытын көтүрүөхпүт. Тохтобулга биир да, сүүрбэ да киһи турдун – оптуобус хайаан да киирэн ааһыахтаах.
Тохтобул тупсарыытын туһунан боппуруоһу анал хамыыһыйаҕа көрүөхпүт. ГИБДД бүтэһик быһаарыыны ылар.
Нэһилиэнньэ үүнэргэ-сайдарга, уокуругу тупсарарга интэриэстээҕэ көһүннэ. Онон үчүгэй кэпсэтии таҕыста. Боппуруос барыта боротокуолга киирдэ, хонтуруолга ылылынна.