«Аврора» ресторан үрдүк ситиһиитэ
Нюргустана уонна Иннокентий Лукиннар «Аврора» рестораннара Москва куоракка сыл аайы ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Золотая пальмовая ветвь-2021” бириэмийэ национальнай финалын кыайыылааҕа буолла.
Быйылгы күрэххэ бастыҥ национальнай концепциялаах ресторан статуһун ыларга Арассыыйа 6 куоратыттан – Москваттан, Петербургтан, Екатеринбургтан, Красноярскайтан уонна Дьокуускайтан кытыннылар.
Куонкуруска тыһыынчаттан тахса сайаапка киирбит. Иккис түһүмэххэ тэрийээччилэр 100 рестораны киллэрбиттэр, олортон 10-на эрэ түмүктүүр түһүмэххэ тахсыбыт. Кинилэр ортолоругар Дьокуускайтан «Аврора» баар. Кини кыайыылааҕынан ааттанна, онно эбии 4 араас номинация хаһаайына буолла. Тэрийээччилэр этэллэринэн, күрэх историятыгар аан бастакытын ресторан маннык элбэх наҕараадаҕа тигистэ уонна биир идэлээхтэрин киэҥ биһирэбиллэрин ылла.
Кыайыыга дьулуурдаах Лукиннар дьиҥ сахалыы бородуукталартан араас дьикти бүлүүдэлэри астаабыттар. Ол курдук, холобур, убаһа этиттэн конфи диэн бүлүүдэни бэлэмнээбиттэр.