04.12.2020 | 12:54

Атыылаһааччы эрэммэт буолбутугар ким буруйдааҕый?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха киһитэ этэ, балыга суох сатаммат. Биһиги ыал миин испэтэхпитинэ, соркуой сиэбэтэхпитинэ аһаабыт курдук санаммаппыт. Куоракка олохсуйбуппут ыраатта, идэһэбит суох, ол эрээри хайаан да дьылы туоруур эппитин кууһунан атыылаһабыт. Урут билэр дьоммутунан эбэтэр биллэриинэн буларбыт. Кэлин улуустан ылбат буоллубут – тиэйэн аҕалар киһи көстүбэт, массыына булар уустук.

Биир сыл бассаабынан биллэрии булан, дьиэбитигэр олорон эрэ идэһэлэннибит диэн үөрбүппүт. Онтубут кырдьаҕас сүөһү этэ түбэспитэ. Тииһэ суохтар “аармыйалара” эрэйи көрбүттэрэ. Ыстаан ыллаҥнатыы. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, күөххэ үктэниэхпитигэр диэри сыһа-соһо сылдьан сиэбиппит.

Үс сыллааҕыта ыксаан, эмиэ биллэриинэн булбуппут. Биир эдэр уол бэлэм кууллаах эти аҕалан биэрбитэ. Барыта кырбастана сылдьара. Эмиэ сыа диэн сыстыбатах, көнньүнэн өлбүт сүөһү этэ буолан биэрбитэ.

Онтон ыла кэлэйэн, кэһэйэн, бэйэбит көрөн, талан ыларбыт ордук диэн түмүккэ кэлбиппит. Хайыахпытый, сыл аайы Бааһынай ырыынагын диэки хаамабыт. Кыһын өрүс суола аһылларын, эт дэлэйэрин, сыана түһэрин күүтэбит. Икки ый инниттэн харчы мунньунабыт, дьонум биэнсийэлэриттэн кыралаан ууруналлар.

Былырыын кыһын ийэлээх аҕам биир күн ох курдук оҥостон ырыынактарыгар айаннаабыттара. Күнү быһа аҕылаан, тоҥон-хатан, син булбуттар этэ. Киэһэ астаммыппыт – эппит хоргунунааҕар төбүрэҕэ элбэх буолан салыннарбыта. Дьэ, дьикти! Төһө да бас – утары тахса турар. Аны этэ кытаанах, хас эмэ чааһы быһа буһарбыппыт. Ол аайы эппит сиик курдук симэлийэр, куурар, уолан иһэр. Туох этигэр түбэстибит диэн соһуйуу бөҕө. Хайа алааска мэччийбит сүөһү буолаахтыа? Көрдөххө, син сэнэх этэ ээ.

Дьоҥҥо кэпсээбиппитигэр: “Бүрээт этэ буолуо”, – диэн быһа-бааччы быһааран кэбиспиттэрэ. “Эмиэ албыннаттаххыт”, – диэбиттэрэ. Ама, саха атыыһыттара саастаах дьону сирэйэ-хараҕа суох балыйан тугу абыраммыттар үһү? Аҕабыт: «Оҕус этигэр түбэстибит быһыылаах», – диэхтээбитэ. Ити кини бүтэһик кыһына буолаахтаабыта...

Албас арааһа, «сымала» реклама, айдааннаах дьаарбаҥка

Быйыл күһүн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иннигэр өрөбүл аайы ыытыллар дьаарбаҥкаҕа атахпыт илдьибитин бэйэбит да билбэккэ хаалбыппыт. Сибиэһэй эт сыаната 750 солк. тиийэр этэ. Иккитэ эргийэн, хата, үстэ-түөртэ күөс өрүнэр эппитин булуммуппут. Табаара бүтэн эрэр, хомуна турар киһиттэн 550 солк. түһэрсэн ылбыппыт.

Килийиэн итэҕэйбэт буолла. Кэлии эти сыанатын үрдэтэн, “маннааҕы” диэн ааттаан атыылыыллар дии саныыр. Итиннэ сиэри таһынан сымала курдук реклама эмиэ буруйдаах буолуон сөп. Кырдьык, сорох атыылааччылар, табаардарын батара сатаан, араастаан албаһыраллар. Холобур, дьэдьэни Амма, сугуну Алдан, собо Кэбээйи эрэ киэнэ, эмис эт Чурапчы, хортуоппуй Өлүөхүмэ диир идэлээхтэр. Төһөтө кырдьыга-сымыйата биллибэт. Оннооҕор оҕурсуну “Саюри” диэн атыылыыр буолбуттар. Сыанатын төһө эмэ үрдэтэн... Сирэйдэрэ кытаран да көрбөт.

Соторутааҕыта Ил Түмэн дьокутаата Павел Ксенофонтов Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иннигэр ыытылла турар дьаарбаҥкаҕа сыана сиэри таһынан барбытын туһунан санаата социальнай ситим нөҥүө тарҕаммыта. “Тыа хаһаайыстыбатын уонна Предпринимательство министиэристибэлэрэ тугу көрөллөрүй?” – диэбитэ. “Беспределга” быһаарсарга туруммут этэ. “Чектээх буоллаххытына, мин ааппар сурукта суруйуҥ”, – диэн быыбардааччыларын ыҥырбыта. Дьокутаат ылсыбыт дьыалатын ханна тиэрдибитин билээри, социальнай ситимҥэ ыйыллыбыт нүөмэригэр эрийэ сатаатым, кыайан тиийбэтим.

Ааспыт нэдиэлэттэн дьаарбаҥка тоҕо эрэ Кырдьаҕас куорат оройуонугар ыытыллар буолбут. Ол иннинэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иннигэр күө-дьаа үлэлии турбут атыы-эргиэн аҕыйах хонугунан тыаһа-ууһа суох атын сиргэ көһөн күккүрээбитэ туспа таабырын...

Сергей Петрович Латышев, фермер:

–Килийиэн эрэммэт буолуута диэн кыһалҕаны көрүстүм. Бородууксуйабыт дьиҥнээхтии маннааҕы диэн итэҕэйбэттэр. Хайдах да барыларын итэҕэтэр кыахпыт суох.

Мин санаабар, оҥорон таһаарааччылар уонна атыылаан эргинээччилэр бэйэлэрэ эмиэ буруйдаахтар. Нэһилиэнньэни минньигэһэ суох кэлии этинэн аһаталларын түмүгэр биһиги, чахчы төрүт олохтоох бородууксуйаны атыылыыр дьон,  эрэйдэннибит.

Холобур, ынах этин холо 480 солкуобай. Атыыга бытааннык барар. Дьон көрө кэлэллэр уонна 100 % олохтоох эт буоларын итэҕэйбэттэр. “Арааһа, бүрээт этэ быһыылаах”, – дииллэр. Миэнэ буоларын хайдах быһаарабын? Хаартыска таһаарабын, суруйабын, хотоннорбун көрдөрөбүн. Син биир. Амсайан да көрбөккө, кэлии эт дииллэр. 

Кэлэйбит килийиэннэр кэпсээннэрэ

Елена Егорова, үлэһит:

– Чааһынай маҕаһыынтан эт атыыласпытым. “Маннааҕы” диэбиттэрэ. Кэлии эттэн туох да атына суох. Амтана суох, миинэ барбат, эрэһиинэ курдук. Арай сыаната эрэ ыарахан. Мин санаабар, олохтоох бородууксуйаны кэлиини кытта буккуйан атыылыыллар быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, сороҕор үчүгэй эккэ түбэһэбин. 

Егор Дмитриевич, куорат олохтооҕо:

–Биирдэ ырыынактан эт атыыласпытым. Саха дьахтара Уус Алдан этэ диэбитэ. Карточкабынан төлөөбүтүм. Дьиэбэр кэлэн ыйаан көрбүтүм. 283 солкуобайы балыйбыт этэ. Ол аата ырыынакка ыйааһыннаах сылдьыахтаахпыт дуо? 

Леонид Андреевич, биэнсийэлээх:

–Биһиги маҕаһыынтан, ырыынактан атыыласпат буолбуппут ыраатта. Хас да ыал буолан кыттыһан, илин эҥээргэ олорор билэр дьоммутуттан атыылаһабыт. Арай суол аһылларын өр күүттүбүт. Ол иһин “Идэһэ” дьаарбаҥкатыгар сылдьыбыппыт. Сыана олус ыарахан. Аҕыйах күн эргэ эппитин сиир инибит. Ынах арыыта атыылаһан баран дьиэлээбиппит. Миэстэнэн ылар буоллахха эрэ чахчы олохтоох бородууксуйа диэн билиэххэ сөп. Штампалаах эҥин буолар. Кырбаһынан ылан балыйтараллар. Уонна кэлии эт арыый хараҥа, сыата түргэнник сойор. Сытын кытта атыҥырыыбын. 

Светлана, дьиэ хаһаайката:

–Бурятия, Новосибирскай, Алтай этэ диэн өссө син дии. Бразилияттан, Аргентинаттан аҕалбыт эттэрэ буолбатаҕар баһыыба. Дьэ, онно төһө өр сыппыта биллибэт. Уопсайынан, сирэйэ-хараҕа суох албынныыр буоллулар. Ол иһин эрэммэт буоллахпыт. Амур хортуоппуйа Өлүөхүмэ аатырар. Ити кэннэ итэҕэйиҥ!  

Баҕалаах балык

Кэпсээнтэн кэпсээн. Бэс ыйын бүтүүтэ собо сиэхпитин баҕаран, ийэбин кытта эмиэ ырыынакпыт диэки айаннаабыппыт. Дьэ, аһыахха баҕа баһаам! Иккис этээскэ тахсаат да турар кыыстан баҕалаах балыкпытын атыыласпыппыт. Сыаната ботуччу – киилэтэ 350 солкуобай. Силбитин быһа ыйыстан баран ылбыппыт. Көрдөххө, сибиэһэй, өссө күөх окко сууламмыт. Киэһэ астаммыппыт, пахай да, былырыыҥҥы балык эбит. Ити хайдах гынан албынныылларый? Дэлби хомойбуппут, кэлэйбиппит. Сатаан атыыласпат буолбуппут дэспиппит. Аҕыйах хонугунан Мэҥэ Хаҥаластан ийэм билэр киһитэ собо уонна кус кэһии ыыппыта. Үөрдэхпитиэн! Харахпыт уутун онон соттубуппут. Дьэ, астына аһаабыппыт.

Итинэн буоллаҕына, кырдьык, хантан эрэ кэлбити “маннааҕы” диэн үҥүлүтэллэр дуу диэх санаа үөскүүр. Харчыга хараҥаран, килийиэннэри кэлэтэн, аҥаардас албынынан төһө ыраатаары? 

Интэриниэт хаартыскалара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....