Атыы-эргиэн эйгэтэ күн аайы бэрэбиэркэлэнэр
Дьокуускай куоракка коронавирус дьаҥа тарҕанарын утары үлэлиир оперативнай штаб бөлөҕө 14 атыы-эргиэн эбийиэгэр рейдэни ыытта. Манна даҕатан эттэххэ, бэрэбиэркэ күн аайы буолар.
Анал хамыыһыйа атыы-эргиэн тэрилтэлэригэр мааскалаах сылдьыы эрэсиимин төһө тутуһалларын, атыылаһааччылар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи туралларын, онуоха анал бэлиэлэр баалларын-суохтарын, ыраастааһын, сууйуу-сотуу үлэтэ төһө ыытылларын, о.д.а. көрдө-иһиттэ. Уопсайа быраабыланы 5 кэһии баара билиннэ, 1 аакта толорулунна, 4 бэсиэдэ ыытылынна.
“Столичнай” атыы-эргиэн комплексыгар аакта толорулунна. Тоҕо диэтэххэ үлэ тохтооботох, атыылаһааччылар социальнай дистанцияны тутуспаттар, үлэһиттэр туох да харыстанар сириэстибэлэрэ суох”, – диэтэ Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов.