08.08.2024 | 14:00

Атырдьах ыйыгар туох уларыйда?

Атырдьах ыйыгар туох уларыйда?
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Ый саҕаланыытыгар ааҕааччыларбытыгар саҥа киириэхтээх сокуоннары билиһиннэрэбит. Онон бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр атырдьах ыйынааҕы уларыйыылары бэчээттиибит.

Биэнсийэ үрдээһинэ хас да категория биэнсийэлээхтэрин күүтэр

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ хаттаан ааҕыллар. Биэнсийэлээх былырыын үлэлээбит уонна үлэ биэрээччитэ биэнсийэ систиэмэтигэр страховой усунуоһун төлөөбүт буоллаҕына, биэнсийэтигэр эбиллии ааҕыллар.

Ол курдук, былырыын биэнсийэ систиэмэтигэр төлөммүт суумаҕа олоҕуран, үрдээһин быһа оҥоһуллар. Бэлиэтээн эттэххэ, үрдээһин биэнсийэлээх былырыын биир ый дуу, сылы толору дуу үлэлээбититтэн тутулуга суох ааҕыллар. Ол эрээри үрдээһин кээмэйэ ааспыт сыл төһө уһуннук үлэлээбиттэн уонна усунуос кээмэйиттэн тутулуктаныаҕа.

Маны таһынан, гражданскай авиация көтөр экипааһын чилиэннэригэр уонна чох промышленнаһын үлэһиттэригэр ыйдааҕы биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр хаттаан ааҕыллар. Бу түгэн кинилэр үлэлэрэ доруобуйаҕа буортулааҕын, кутталлааҕын уонна үлэлиир усулуобуйалара ыараханын кытта ситимнээх.

 

Сыыппара солкуобайы нэһилиэстибэҕэ хаалларыахха сөп

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн сыыппара солкуобайы нэһилиэстибэ быһыытынан хаалларыахха сөп. Кэриэс дьаһал диэн ааттанар кэриэс сурук биир көрүҥэр сыыппара харчы хаһаайына счетугар уонна уурунуутугар сытар сыыппара харчытын нэһилиэстибэ быһыытынан киллэриэн сөп. Оннук докумуон тустаах счет аһыллыбыт бааныгар оҥоһуллар.

Бырабыыталыстыба билиҥҥитэ маннык дьаһаллары оҥоруу бэрээдэгин тобула илик гынан баран, солкуобай атын көрүҥнэригэр оҥоһуллар докумуоннар бэрээдэктэриттэн улахан уратыта суох буолуо.

 

ОДьКХ тарыыптара

От ыйын 1 күнүттэн Арассыыйаҕа Санкт-Петербург куораттан ураты хомунаалынай өҥө тарыыптара үрдээбитэ. Онон атырдьах ыйыгар саҥа тарыыптарынан ааҕыллыбыт квитанциялар кэлиэхтэрэ. Быраабыла быһыытынан, ирдэнэр суума атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри төлөнүөхтээх.

Санатан эттэххэ, от ыйын 1 күнүттэн чэпчэтиинэн туһанар категорияҕа ОДьКХ квитанциятынан төлөбүргэ ылыллар баан хамыыһыйатын суох гыммыттара. Бу сүрүн төлөбүргэ уонна пенига сыһыаннаах.

 

От күөҕэ ГОСТ үлэлээтэ

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн чааһынай дьиэ тутуутугар күөх (экологическай уонна энергияны харыстыыр) судаарыстыбаннай стандарт олоххо киирдэ. ГОСТ аҕыс категорияттан турар, ол иһигэр архитектура, инженернэй хааччыйыы, оҥорон таһаарыы уонна туһаныы бөҕүн-сыыһын нуормалара.

Санатар буоллахха, ГОСТ диэн булгуччулаах быраабылалар буолбатах, сүбэлэр эрэ. Тутааччылар бу быраабылалары бырайыактарыгар сөп түбэһии сертификатын ылыахтарын баҕарар буоллахтарына эрэ тутуһуохтаахтар. Саҥа сокуон чааһынай дьиэ тутуутун хаачыстыбатын үрдэтэр уонна энергияны туһаныы көдьүүһүн улаатыннарар сыалтан ылыллыбыт.

 

Израильга барарга электроннай көҥүл ирдэнэр

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн Израильга айанныыр Арассыыйа олохтоохторо эрдэттэн көҥүл ылыахтаахтар. Көҥүлү ылыы онлайн-сервис нөҥүө дойдуга барыах 48 чаас иннинэ оҥоһуллуохтаах. Өҥө төлөбүрэ 25 шекелгэ тэҥнэһэр. Оттон визаны оҥорторор наадата суох — визата суох эрэсиим оннунан хаалар.

 

Таһаҕаһы тиэйии саҥа ньыманан тэриллэр

2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн 2025 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри таһаҕаһы тиэйиигэ аналлаах “Национальнай цифровой тырааныспар-логистика платформата” (“ГосЛог”) информационнай систиэмэни оҥорорго, тэрийэргэ уонна олоххо киллэрэргэ эксперимент ыытыллыаҕа.

Манна тиэйээччилэр уонна ырыынак атын кыттыылаахтарын туһунан дааннайдар, нуорма-быраап баазата уонна хас биирдии тиэйии туһунан иһитиннэрии баар буолуоҕа. Тырааныспар министиэристибэтэ биир кэлим информационнай бааза оператора буолуоҕа.

Чиновниктар этэллэринэн, цифровизацияны киллэрии таһаҕас массыыналара кыттыылаах суол быһылааннарын аҕыйатыыга, докумуон эргиирин чэпчэтэргэ уонна логистиканы күлүктэн таһаарарга көмөлөһүөҕэ. Портал сыл устата эксперимент быһыытынан үлэлиэҕэ, ким баҕалаах регистрацияны ааһыан сөп.

 

Суут экспертизатын эрдэттэн төлүүр буолуохтара

Экспертизаны ыытар туһунан быһаарыыны суут сайабылыанньа биэрээччи анал счетка төлөбүрүн киллэрбитин эрэ кэннэ ылыныа. Маннык сокуон атырдьах ыйын 2 күнүттэн олоххо киирдэ.

Сайабылыанньа биэрээччи төлөбүрүн эрдэттэн оҥорботох түгэнигэр, судьуйа экспертизаны ыытыыны аккаастыан сөп. Харчы экспертэргэ экспертиза түмүгүнэн суут мунньаҕын кэнниттэн төлөнүөҕэ.

 

Дьокутааттар дьаһалтаны тэрийиигэ кыттыһар кыахтаныахтара

Муниципалитет бэрэстэбиитэллээх уоргана олохтоох дьаһалтаны тэрийиигэ кыттыһар кыахтаныаҕа. Бу сокуон атырдьах ыйын 2 күнүттэн киирдэ.

Дьокутааттар маны сэргэ дьаһалта баһылыктарын солбуйааччыларын, ону тэҥэ тустаах салаалар уонна территориальнай уорганнар салайааччыларын дуоһунастарыгар бигэргэтиигэ эбэтэр сөбүлэһиннэриигэ кыттыахтарын сөп. Бу быраап муниципальнай тэриллии устаабыгар бигэргэтиллиэхтээх. Устаапка итинник кыттыы көрүҥнэрин уонна бэрээдэгин киллэриэхтэрин сөп.

 

Оҕолорго биир кэлим төлөбүр быраабылатыгар уларыйыы киирдэ

Атырдьах ыйын 5 күнүттэн оҕолорго биир кэлим төлөбүргэ сайабылыанньа быстах кэмҥэ олорор эбэтэр дьиҥнээхтик олорор прописканан киирдэҕинэ, сайабылыанньа биэрээччи уонна оҕолоро дьиҥнээҕэ ханна олороллорун бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Холобура, бигэргэтэр докумуоннары көрдүөхтэрин сөп.

Бу уларыйыы биир кэлим төлөбүр атын, муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ кыра субъекка анаммыт дьоҥҥо сыһыаннаах.

 

Кредитордар уонна иэстээх дьон кэпсэтиилэрэ суруллуоҕа

Кредитордар уонна иэстээх дьон кэпсэтиилэрэ атырдьах ыйын 5 күнүттэн суруллар уонна харайыыга ууруллар буолуоҕа. Ол курдук, микрофинансовай тэрилтэлэр информацияны суруйар уонна 3 сыл устата харайар тэриллээх уонна онуоха аналлаах бырагыраамалаах буолаллара модьуйуллуоҕа. Бу көмөтүнэн кинилэр иэстээх дьоннорун кытта тылынан кэпсэтиилэрин устубуттарын таһынан, суругунан кэпсэтиилэрин эмиэ харайар эбээһинэстэниэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...