08.06.2022 | 19:30

Атах оонньуута билиһиннэрбитэ

Атах оонньуута билиһиннэрбитэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Эрилик Эристиин “үрэҕин баһыттан” — Чурапчы Чакырыттан төрүттээх-уустаах Николай Адамовтыын эрчимнээх, эдэр-эмэн саастарбытыттан  күн бүгүнүгэр диэри быстыбат ситимнээхпит. Эт саастыыларбыт. Аллар атаһым бу күннэргэ  лоп курдук 70 сааһын томточчу туолла.

1970-с сыллар эргин, “Спартак” стадионугар өрөспүүбүлүкэ атах оонньуутугар күрэхтэһиитэ буола турар. Орджоникидзевскай оройуонтан Афанасий Аммосов, Өлүөхүмэттэн Михаил Габышев, Виктор Мельчинов, Чурапчыттан Петр Посельскай, Уус Алдантан Иннокентий Сивцев, Василий Румянцев, Владимир Готовцев, Мэҥэ Хаҥаластан Максим Куприянов, Иван Шахурдин, Булуҥтан Олег Парфенов, Дьокуускайтан Владимир Алексеев уо.д.а. күүстээх маастардар бааллар. Ньурбаттан Николай Санников, Дьааҥыттан Иван Горохов күннээн-күөнэхтээн сылдьар кэмнэрэ. Онтон атыттар бириистээх үһүс миэстэни былдьаһабыт. Арай убайбыт уһулуччулаах куобахчыт Миитээ Эверстов эрэ ханнык баҕарар таһымнаах күрэхтэһиигэ – «Манчаары оонньууларыттан» саҕалаан, Саха сирин норуоттарын спартакиадаларыгар, Уһук Илин күрэхтэһиилэригэр тиийэ – сөбүлүүр көрүҥэр куобахха дэгиттэр атах оонньооччу, рекордсмен, улуу кылыыһыт Николай Санников кэнниттэн иккис буолара. Ол үөрүүтэ-көтүүтэ, көрүдьүөһэ-хаадьылаһыыта буолааччы.

“Уубар-хаарбар” киирэн, күрэхтэһэн бүтэн, таҥаспын-саппын уларытта сырыттахпына, көнө, үрдүк дьылыгыр уҥуохтаах, салгын быһыта сиэн өссө эбиитин хараарбыт, иҥиир-ситии, сахаҕа кыраһыабай быһыылаах-таһаалаах уол кэлэн дорооболоспута уонна ойо сылдьар хаартыскатын бэлэхтээбитэ. Аармыйаттан кэлбит. Атах оонньуутунан дьарыктанар эбит. Ити түгэнтэн ыла уу тэстибэт доҕордуубут. Атах оонньуутунан хойутаан, сүүрбэтин ааһан, “сааһыран” баран, дьэ, дьарыктаммыта.

Быһатын эттэххэ, ити түгэнтэн ыла Николай Адамовынан олорор күнүм-дьылым саҕаламмыта. Көрүстэхпитинэ, бииргэ сылдьабыт. Суруйсарбыт. Виктор Санеевы, Николай Санниковы, Петр Посельскайы кытта тэҥҥэ тутар кумирым. Николай Адамов атах оонньуутун оннук күүскэ таптыыр, олус бэриниилээх. Тус бэйэм көрдөрүүлэрим үрдүүллэригэр сабыдыала улахан. Мин кылыыһыппын, Николай – ыстаҥаһыт, убайбыт Миитээ Эверстов – куобахчыт. Оройуоҥҥа олохтообут  рекордтарбыт ааспыт үйэни уҥуордаабыттара: кылыы – 43 м 42 см, ыстаҥа – 41 м 56 см, куобах – 36 м 86 см. 

Николай Николаевич Адамов ааспыт үйэҕэ Чурапчы оройуонун сүүмэрдэммит хамаандатыгар өр сылларга өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр элбэх кыайыы очкотун аҕалбыта. Манчаары спартакиадатыгар 1975 с. үс көрүҥ түмүгүнэн боруонса призер, 1977 с. ыстаҥаҕа чөмпүйүөн, үс көрүҥ түмүгүнэн боруонса призер, 1979 с. кылыыга үрүҥ көмүс призер, ыстаҥаҕа уонна куобахха чөмпүйүөн, үс көрүҥ түмүгүнэн абсолютнай чөмпүйүөн, 1981 с. үс көрүҥ түмүгүнэн боруонса призер. Саха сирин норуоттарын спартакиадатын абсолютнай чөмпүйүөнэ. Уһук Илин уонна Сибиир норуоттарын национальнай көрүҥнэригэр Агинскай Бурятскай уокурук Усть-Орда куоратыгар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн күрэхтэспитэ. Онно Николай  Санников – бастакы, Иван Горохов иккис буолуталаабыттара, Николай Адамов кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха уонна үс көрүҥ түмүгүнэн үһүс миэстэлэри ылаттаабыта. Өлүөхүмэттэн бырааттыы спорт маастардара Семен, Платон Платоновтар эмиэ кыттыыны ылбыттара.

Намҥа буолбут Спартакиадаҕа атах оонньуутун саҥа күөрэйэн тахсыбыт чаҕылхай сулуһа Василий Николаев абсолютнайдаабыта, Николай Адамов иккис миэстэлэри ылаттаабыта уонна, улахан дьоҥҥо күрэхтэһэрин тохтотон, бэтэрээннэргэ көспүтэ. Сааһыран, “бэтэрээн” дьаралыгын ылан да баран, эдэрдэри кытта тэҥҥэ күрэхтэстэ. Спорка уһун үйэлэниини көрдөрдө.

Устудьуоннуур сылларыгар Благовещенскайга, Ессентукига, Кызылга Уһук Илин  уонна Сибиир орто үөрэх кыһаларын чэпчэки атлетикаҕа чөмпүйүөнэ. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала. Чахчы, хара көлөһүнүн тоҕон ылбыт ааттара-суоллара.

Төбөбүт иһэ барыта атах оонньуута буолааччы. Түүлбүтүгэр салгыҥҥа көтө сылдьабыт, кылыйан, ыстаҥалаан иһэн сиргэ түһүөхчэ буолан иһэн, хат кыырайталаан тахсаммыт, ырыых-ыраах ойуталыыбыт, утарсааччыларбытын ырааҕынан куотабыт. Иккиэн чөл олохтоохпут, күүлэйи, көрү-нары батыспаппыт. Көрүстэрбит эрэ, атах оонньуутун тула кэпсэтэбит, ким хайдах күрэхтэспитин, саҥа дьоҕурдаах ыччаттар тахсан эрэллэрин, дьарыкпытын, төһөнү эбиллэрбитин, хайдах күрэхтэһиэхтээхпитин ырытабыт. Алтыспыппыт, күрэхтэспиппит, куска-куобахха сылдьыбыппыт бэрт элбэх. Сэргэстэһэ хаамтахпытына, тэбиэһирэммит сүгүн буолбат этибит. “Ол сылгы сааҕыттан биэстэ ыстан!” дэһэ-дэһэ, ким ырааҕы ыстанарыгар күрэхтэһэбит. Тэҥ баайыылаах буоламмыт, интэриэһинэй. Чурапчыга маҕаһыыннар уһун субурхай уулуссаларын олбуоругар массыына киирэригэр-тахсарыгар аһыллар-сабыллар улахан ааннаах буолааччылар. Дьон хаамар тротуардара итиннэ кэлэн быстан хаалар. Дьэ онно Куола биһи күннүүбүт. Тротуартан тротуарга диэри сиргэ биирдэ үктэнэн тэбинэн ааһабыт. Тротуардар икки ардылара 7 м кэриҥэ баара буолуо. Оннук дьон этибит.  Куоракка олорор Груня диэн иистэнньэҥ эдьиийигэр киирэн чэйдээччибит. Спортивнай формабытын көннөртөрөбүт. Дьиэ таһынааҕы үөһэнэн ааһар водопровод турбатыгар өрө ыстанан, атахпытынан тиийэ сатаан тэбэн ааһабыт.

Сылаҥ, Хайахсыт типовой оскуолалара 80 м уһун көрүдүөрдээхтэр. Онно атах оонньуутугар күрэхтэһиилэр буолуталыыллара. Хайахсыкка күрэхтэһиилэри саха тылын учуутала идэлээх, байыаннай бэлэмнэниигэ да үөрэтэр, суруналыыс Дмитрий Дмитриевич Эверстов тэрийэр. Спорт миниистиринэн уһуннук үлэлээбит Михаил Гуляев оччолорго фанат сүүрүк, интэринээт баспытаатала, биир көстөөх Чакырга Николай Адамовка, 5 км Хадаарга миэхэ сүүрүүнэн сылдьан Дмитрий Эверстовтан: “Дьарыгым үчүгэй! Кэлэр өрөбүлгэ күрэхтэһиигэ ыҥырабын!” - диэн ис хоһоонноох ыҥырыы суругу аҕалан биэртэлиир. Күрэхтэһиибит саҕаланнаҕа ол. Чакыртан аҕыс көс Сылаҥ оскуолатыгар буолуталыыр күрэхтэһиилэргэ Николай Адамов сүүрэр-хаамар быластаах сатыы тиийэн күрэхтэһэр. Ол да буоллар сылайбытын-элэйбитин биллэрбэт. Сэттэ ойууга мас муостаҕа полукеданан 28 м түһүтэлиирэ, бастаталыыра.

Күһүн-саас, ордук ардах кэнниттэн Чакыр суола-ииһэ мөлтөөччү. Ол да буоллар “Юпитер” матасыыкылбынан, “Восходунан” тиийэммин, бииргэ кустуубут. Сатыы кэрийэбит. Куола сирин-уотун үчүгэйдик билэр. Хас чааска ханнык алааска, үрэххэ тиийиэхтээхпитин эрдэ этэн кэбиһээччи. Ыппыт батыһа сылдьар. Байанайбыт күндүлүүрүнэн бултуйабыт, астына-дуоһуйа кэпсэтэбит. Сүбэлиир-амалыыр киһим – Куола. Айылҕаҕа чугас буолан, билэрэ-көрөрө, сатыыра элбэх. От-мас доруобуйаҕа туһатын ааҕа билэттиир. Бэйэлэрин лаппа кыанар, күүстээх-күдэхтээх сылгыһыт Ыстапаан, хайыһардьыт Байбал, гиревик Куола Миитиннэр ийэтинэн чугас аймахтара. Ийэтэ Өлөксөөс сайылыкка үлэлиир кэмигэр оҥкучахтан үрүҥ ас кутуллубут “лис” курдук ыйааһыннаах бөтүөннэрин баардыылаабакка киллэрэрэ-таһаарара. Онон удьуордааһын чуолкай баар. Биир саас соҕотоҕун ыраах үрэхтэринэн тэлэһийэ сылдьан, тымныы муустаах ууга түһэн, сүһүөхтэрин тымнытан, атахтара аккаастааннар, көстөөх сиртэн дьиэтигэр сыыллан кэлэн турардаах. Киһитэ кини буолан, сахалыы-махалыы отунан-маһынан эмтэнэн, өрүттүбүтэ. Ахиллатын эчэйиитин бэйэтэ үтүөрдэрэ. Балыыһаны билиммэт. Оройуон спартакиадатыгар киирэн күрэхтэһэн, кыайыы көтөллөнөрө, миэстэлэһэрэ.

Уопсайынан, бэйэтин лаппа кыанар, сэниэлээх киһи, Николай Адамов.

Дьокуускай куоракка орто кылаастарга оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аатырбыт тирии бэрчээкки маастара, Саха сирин уонтан тахса төгүллээх чөмпүйүөнэ Василий Васильевка боксаҕа эрчиллибитэ. Куоракка “буһан-хатан”, киин сир быһыытын-майгытын бэрт үчүгэйдик билэр. 174 см үрдүктээх, 70 киилэни үктүүр ыйааһыннаах киһи 50-чата курдурҕаччы тардынар. Ол да буоллар күүһүмсүйбэт, дьону баһыйа сатаабат, сытыары сымнаҕас майгылаах. Дьон туһунан сэмэлиир тыллары биирдэ да иһитиннэрэ илик. Оннук үтүө майгылаах, көнө сүрүннээх. Атах оонньуутугар, кылыйар кырдалга эрэ тыынын таһаарар.

Төгүрүк 70 сааскынан эҕэрдэлиибин, Николай Николаевич! Сүбэҕэр-амаҕар  махтанабын, киэн туттабын, дьиэ кэргэҥҥэр иллээх олоҕу, толору дьолу баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...