10.07.2020 | 17:44

Ат уонна киһи - 8

Ат уонна киһи - 8
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһэттэн айдарыыларынан, өйдөрүнэн, эттэринэн-хааннарынан Айыылартан  алтыһыылара

Тыл күүһүн кымньыыланан

Биир дойдулааҕым поэт Сергей Васильев Мэҥэ Хаҥаласка райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан “Мэҥэлэр хайа үрдүгэр” поэма  суруйбута. Күүстээх тыл, этии, философскай толкуйдатыылаах, патриотическай  уһугуннарыылаах, айарга-үлэлииргэ кынаттыыр. Ол поэма ити улуус олохтоохторун мэлдьи үрдүккэ дьулуһуннарар. Маннык күннэргэ турукка киирэргэ, илэ бодону тардыныыга, ханна наадалаахха ордук туһалыыр. Ат тылы истэр.

От ыйын 4 күнэ. Ипподром. Мэҥэлэр ох курдук оҥостубуттара бастакыттан 800 м кыайыыларыттан сэрэйилиннэ. Ол кэннэ 1600 м үс аты киллэрбиттэрэ миэстэлэри бэйэлэрэ үллэһиннилэр. Виталий Петров  Ил Дархан сүүрүүтүгэр эмиэ улууспут ата кыайыан баҕарабыт диэбитэ. Ити ырата туолла. Өссө Бырабыыталыстыба бирииһигэр иккис миэстэни ылан, мэҥэлэр харчыларын хаҥатыста. 

Алта сүүрдүүттэн  мэҥэлэр аҥаарыгар – бастакы, үһүгэр – иккис,  биирдэ – үһүс миэстэлэргэ  сурулуннулар. 

Сэттэ бириискэ аттара 2 мөлүйүөн 795 тыһыынча солк. тэбэн биэриилэрин үллэһиннилэр. 

Оттон Нам хамаандатын икки ата инники кэллэ. Онно эбии Есауллара – Ил Дархан бирииһигэр төрдүс миэстэҕэ тахсан, балаһыанньа быһыытынан эмиэ харчынан наҕараадаланна.

Аммалар пьедесталга бастакы-иккис үктэллэргэ иккилиитэ таҕыстылар. Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы – иккилии үһүс миэстэлээх бириистэри туттулар.  Агропромышленнай университет – биир аты киллэрбитэ – иккис буолла. Хаҥаластар – биир үһүс миэстэлээхтэрин мыыннахтара. Чурапчылар курдук арыый элбэх баҕалара туолбатаҕыттан оччо үөрбэтилэр.

Уус Алдан, Таатта, Сунтаар, Ньурба наҕараадаҕа тиксибэтэхтэрин иннигэр, ыраас хааннаах сүүрүк боруодаларга инникигэ уопут эбиннилэр, уруок ыллылар.

***

Дьэ, ити курдук быйылгы ат сүүрүүтүн саамай улахан түһүлгэтэ, кураанах трибуналардаах да буоллар, күрэхтэһээччилэри кытта тэҥҥэ тэлэбиисэргэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны үгүс көрөөччү, араадьыйаҕа төһөтө биллибэт  истээччи долгуйдахтара. Ити курдук  ситиһиилээхтик, элбэх соһутуулаахтык, билгэлээһиннэри бутуйуулаахтык түмүктэннэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...