10.07.2020 | 17:33

Ат уонна киһи - 6

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһэттэн айдарыыларынан, өйдөрүнэн, эттэринэн-хааннарынан Айыылартан  алтыһыылара

Туйах хатарыллыыта салҕанар

Удьуор утума, туйах хатарыллыыта өссө салҕанна. От ыйын 4 күнэ. Төрдүс сүүрүү—2000 м. “Югория” страховкалыыр хампаанньа бирииһэ: 1-кы миэстэ—75 000 солк., 2-с м. – 45000 солк., 3-с м. –  35000 солкуобай. Ити ботуччу харчы үс  саастарыттан үөһэ Саха сиригэр төрөөбүт ыраас хааннаах сүүрүк боруодалары үөскэтэри өйүүргэ анаммыта. Бу испииһэккэ бары үс саастаахтар киирбиттэр. Кинилэр бары ый аҥаарын анараа өттүгэр сүүмэрдээһиҥҥэ 1600 м аны сайыҥҥы “Дерби” улахан бирииһин  былдьаһар быраабы ылбыттара. Тоҕус тиҥэһэттэн биирдэрэ күрэхтэһэ тахсыбата. Барыларыттан элбэх аҕыс күрэхтэһиигэ кыттыбыт, былырыыҥҥы тыйдарга биир бастыҥынан сылдьыбыт  кугас атыыр Губернатор (Чурапчы) сүүрдээччитин олордумаары, сиэтээччини тула эргийэн, соһоору, мүччү туттараары тэлэкэччийэн, туора ыстана сатыыр. Ийэтэ Германика эмиэ итинник мөхсөрө. Стартка тиийбэккэ эрэйдиирэ, онтон аҕалбат буолбуттара. Бу субуотатааҕы алта старт тухары күрэхтэһэр түөрт атахтаахтартан кини уола ити кыҥкыйдаата. Атыттар бары улгумнук сылдьыбыттара. Хата, тута сылдьааччы боксаҕа кыл мүччү баттаһан укта. Онно үүннээччи киирэн кыараҕаска мииннэ. Стартка Сунтаар ата  өрө мөҥөн, боксаттан хойутаан таҕыста.  

Комментатор Александр Капитонов, билэттиир буолан, хайалара баҕарар бастыан сөп диэтэ.  

Көрдөрүүтүнэн Түмэн ордук рейтиннээх. Сэттэтэ сүүрбүтүттэн биэһигэр бастаан, иккитигэр иккис буолан, хаҥаластары айхаллаппыта, тренерин, мин амыдайым Иван Ушницкайы уруйдаппыта аҕай. Былырыын өрөспүүбүлүкэ бастыҥ тыйынан ааттаммыта.      Быйылгы сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ икки бөлөхтөн  саамай түргэн бириэмэни көрдөрбүт. Онон кинини бастакы фаворитынан ааттыыллар. Киниттэн Николь (Мэҥэ Хаҥалас), Гоин Ап (Сунтаар), Арктика (Мэҥэ Хаҥалас) балайда хаалбыттара. Атын бөлөххө Арылхан (Нам) бастаабыта. Бириэмэтэ Төлөҥҥө  0,00,1 суотайынан тиийбэтэҕэ эрээри, кини былырыыҥҥы тыйдарга биир бастыҥынан сылдьыбыт Губернатортан Арктик Бойтан (Амма), Норд Стартан (Мэҥэ Хаҥалас) балайда чорбойбута. Ол эрээри ааспыкка ардахтаах түүн кэннэ, сииктээх сарсыарда арыый кылгас  дистанцияҕа көрөөччүтэ суох бастакы сүүрүү этэ. Билигин улахан бириистээх күрэхтэһии, онон тактиката атын. 

 Дьэ, манна илин-кэлин түсүһүү бастакы көнөттөн тута саҕаланна. Түмэн бастыахча гынан истэҕинэ, кинини былырыын кыайа сылдьыбыт Норд Стар ситтэ. Онтон Арылхан инники тахса сырытта. Итиннэ биэс ат  чугас-чугас чөмөхтөстүлэр. Артик Бой икки аты ситэн үһүскэ тахсан, салгыы иккискэ сылдьыбыт Түмэҥҥэ кимтэ.  Онтон, хаптас гынаат, супту түһэн, иккиэннэрин хоһулатан ситэн ааста. Аҕыйахта ойоот, Норд Стартан  түөрт ат устатын кэриҥэ атта.

1 миэстэ –  Арктик Бой (Амма) – 2 мүн.18.4.сөк. Боцман туйаҕын хатарааччытын, Абаҕатааҕы «Строд»  ТХКХ тиҥэһэтин Москваҕа киин ипподромҥа арҕааҥҥы аттарынан кыайбыт С. Тимофеев сүүртэ. Тренер Н.Громов.

2-с миэстэ –  Норд Стар (Мэҥэ Хаҥалас) —2.19.6.

3-с миэстэ –  Түмэн (Хаҥалас)—2.20.0. Киниэхэ биэтэк чугаһыгар Арылханынан бирииһи былдьаһарга дураһыйыы табыллыбата.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...