10.07.2020 | 17:30

Ат уонна киһи - 5

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһэттэн айдарыыларынан, өйдөрүнэн, эттэринэн-хааннарынан Айыылартан  алтыһыылара

Кэрэ аҥаардартан бастакы

2020 с. От ыйын 4 күнэ. Үһүс сүүрүү—1600 м. “Окс” улахан бириис оонньонно: 1-кы миэстэҕэ — 65 тыһыынча солк. 2-3 миэстэлэргэ 35 - 25 тыһыынча солк.  Спонсор –“Саха сирин тимир суоллара” АХ.

Үс саастаах биэлэргэ аналлаах. Биэс булкаас уонна ыраас сүүрүк боруодаттан мэҥэлэр күннээтилэр. Үс атынан үбү бэйэлэрэ үллэһиннилэр. Урукку өрөспүүбүлүкэ баһылыктарын  бириистэригэр бастыы сылдьыбыт атыырдар Нейко, Данк Шот оҕолоро биэтэккэ инники таҕыстылар. Эрдэттэн  Николь бастыа диэн билгэлээһини эрэллээхтик толордо. Кинини саталлаахтык сүүрдэн бастаппыт Оксана Игнатьева омук сиригэр кытта үлэлээн бастыҥ сүүрдээччинэн биллэн, дойдутугар кэлэн, төрөөбүт Мэҥэтин аатырда сылдьар Василий Игнатьев олоҕун аргыһа, ветврач идэтин ити ипподром аттынааҕы универститет академия эрдэҕинэ бүтэрбитэ. Кэргэннии Игнатьевтар билсиэхтэриттэн аттары кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ уонтан тахса сыл буолла. Оксана Николы былырыыҥҥыттан сүүрдэр, хаамтарар. Тапсан дьүөгэлэспит. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин олус сөбүлэһэллэрэ билиннэ. “Николлыын ханна эбиэхтээҕин, ханна күүтүөхтээҕин бэркэ өйдөһөбүт, наһаа сымнаҕас  майгылаах”, – диэтэ. Ат истэн-көрөн, этинэн-хаанынан, сытынан-сымарынан кытта өйдүүр. 

Кэрэ аҥаар сүүрдээччи Саха сиригэр дэҥҥэ көстөр. Ньургуйаана Попова милииссийэлэр аттарын взводун сылгыларын сүүрдүөҕүттэн хас да кыыс холоно сылдьыбыттара. Бу субуотаҕа Оксаналыын  Наталья Тимофеева (Сунтаар) иккиэлэр.

Үс бастакы түспүт тиҥэһэлэр тураҕастар, көрүҥнэринэн да майгыннаһаллар.  Кэннилэриттэн көрдөххө – үүт-үкчүлэр. Ойоҕосторуттан нүөмэрдэринэн, иннилэриттэн Атланта  сүүһүгэр маҥан туоһахталааҕынан, сүүрдээччилэр хомуһуолларынан эрэ араараҕын. Егор Оконешников чааһынай тураҕаһа Атлантанан   уҥуоргу көнө ортотун диэки тиийиилэригэр Никольга ойоҕолоон, ыган көрдө. Ат устатын аҥаарыгар диэри киирэ сырытта. Онуоха анараата, иннин биэримээри, хамсанарын түргэтэтэн  биэрдэ. Ол да үрдүнэн Николь холку, өссө да эбэр кыахтаах курдук. Онтон ыла ойдоҕун аайы эккирэтээччилэртэн атыыта улаатан истэ. Николь түмүгэ – 1 мүн. 50.2.

Икки лидертэн тэйиччи үсүһүнэн сылдьыбыт тураҕас биэ Армада анараа көнө ортотуттан иккис миэстэҕэ сананна. Уонна Спид Старт кыыһа уҥуоргу эргииргэ Атлантаны ситэн ааста, иккис миэстэни былдьаһыыга бэриннэрдэ. Бириэмэлэрэ – 1 мүн. 52.5., 1.54.3.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....