10.07.2020 | 16:59

Ат уонна киһи - 4

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһэттэн айдарыыларынан, өйдөрүнэн, эттэринэн-хааннарынан Айыылартан  алтыһыылара

Удьуор утума

Иккис сүүрдүү. "Критериум". 1000 м.  Бирииһэ – 125 тыһыынча солк. Спонсора – Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа.

Иккилэриттэн үөһэ саастаах ыраас хааннаах биэс ат барыа.

Дьон үксэ 2 №-дээх Варадероны (Амма, Абаҕа, «Строд» ТХПК) эбэтэр  Суфражистканы (Нам) уксарга талаллар. Бу икки аты Ил Дархан бирииһигэр 2400 м сүүмэрдээһиҥҥэ мээнэҕэ киллэрбэтэхтэрэ чахчы.  Баҕар, инникигэ бэлэмнииллэрэ буолаарай? Фаворит Дайн Кениг кэнниттэн иккис-үһүс кэлбиттэрэ.  Ол эрээри тоҕо эрэ бу кылгас дистанцияҕа киллэрдилэр. 

Амма эрэлэ Варадеро (Аҕата – Акбаш Казах, ийэтэ – Вальтана) 6 саастаах тураҕас атыыр. (Сүүрдээччи –   С.Тимофеев, хомуһуола саһархай, санна халлаан күөхтүҥү, тренер – Н. Громов).

Намнар биэс саастаах биэлэрэ Суфражистка 3 №.  Маҥан ураанньыктаах тураҕас. Ытык сылгылартан ыйаахтаах, төрүт сүөһүлэртэн төлкөлөөх, ааттаах аттартан айдарыылаах. Аҕата –  Инкандесент Стар, ийэтэ – Суламифь Доннааҕы сылгы собуотугар  Америкаттан аҕалыллыбыттар. Аҕатынан убайа – билигин Арассыыйа биир бастыҥ быһыйа. Бас билээччи – А.Еремеев, сүүрдээччи – И. Иванов, хомуһуола от күөҕэ. Маастар-тренер – С.Ядреев).

Кинилэри кытта үһүс буолар идэлээх, 5№ -дээх,  10 саастаах уопуттаах Кул Джет (Үөһээ Бүлүү) бириис былдьаһыа. Тураҕас (аҕата – Кайтано, ийэтэ – Джатика). Бас билээчи – Н. Еттянов, тренерэ – 1 категориялаах сүүрдээччи А. Сторчеус, хомуһуола, салааттыҥы, онно  кыһыл хаймыылаах).

Икки атын кинилэри кытта испииһэккэ киирбит аттарга Стар Треккэ (Сунтаар) уонна Кыыдаанаҕа (Уус Алдан) дьон оччо аахайбат. Оннук да буолла. Дьиибэтэ баар, икки биэ сүүрбүтүттэн Кыыдаана атыырдары кэннилэриттэн батыһан чугаһаабакка, дьонугар хотторуу хомолтотун биллэрдэ. Оттон Суфражистка бастакыттан барыларыттан куотта. Эрэллээхтик эрэллээх кыайыынан эҕэрдэлэттэ.  Кинини бэйэтин курдук дьүһүннээх тураҕас атыырдар эккирэтэн көрдүлэр да, иннин биэрбэтэ. Варадероттан реванш ылла. Илин-кэлин ситиһиитэ суоҕунан бастакы сүүрүүгэ майгыннаата. Дистанция тухары хайалара хаһыс сылдьыбытынан илин-кэлин түсүһүүтэ суох кэллилэр. Атына диэн, ойдохторун аайы инникилэр бэйэ-бэйэлэриттэн чорбойуулара улаатан истэ.

1-кы миэстэ – Суфражистка (Нам) – 1.03.4

2-с миэстэ – Варадеро (Амма) –  1.04.1

Уонна бу “Критериумҥа” Кул Джет (Үөһээ Бүлүү) үһүс төгүлүн үһүстээтэ –  1.06.6

Уопуттаах мындыр тренер-маастар Суфражисткатын аны буоһатан, киниттэн сыыдам сыспай сиэллээҕи ыларга бүөм санаатын биллэрдэ. Иитиллэр сүөһү иччилэниэхтин.

Кэрэ Суфражисткаттан үтүөкэн аттар үөскээн дьону үөртүнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....