10.07.2020 | 16:54

Ат уонна киһи - 3

Ат уонна киһи - 3
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһэттэн айдарыыларынан, өйдөрүнэн, эттэринэн-хааннарынан Айыылартан  алтыһыылара

Тыйы таайар  уустук

2020 с. От ыйын 4 күнүн сарсыардата. Дьокуускай. 9:00 чаастан көрдөрөр-иһитиннэрэр ханааллар Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университетын (Урукку тыа хаһаайыстыбатын института, академията) ипподромуттан быһа репортажтары холбуохтаахтар. Аны алҕаска аралдьыйан, хойутаан хаалыахпыт диэн, мин курдук өрөспүүбүлүкэ араас муннугар элбэх киһи тэлэбиисэр, араадьыйа, монитор, телефон кнопкаларын баттанан кэтэһэ олордоҕо.  

Ханнык да күрэхтэһии чугаһаатаҕын аайы долгуйуу улаатар.

Ок-сиэ,  дьэ, экраҥҥа ипподром үөһэттэн көстүүтэ таҕыста. Аҕыйах мүнүүтэнэн аттары сиэтэн хаамтара, сиэллэрэ  киллэриэхтэрэ. Үгэс курдук, бастаан икки саастарын саҥа туолбут аттар  800 м сырсыахтара. “Сайыҥҥы” бириис – 100 000 солк. Аҥаара – кыайыылаах хамаандаҕа. 30 000 солкуобай – иккис миэстэлэммит аттаахтарга, ордуга үһүс миэстэлэммиттэргэ уу харчынан туттарыллар. Спонсор – “Алмаасэргиэнбаан”.

Ок, трибуна арҕаатын анараа өттүттэн конюшня диэкиттэн биир аты сиэтэн киллэрдилэр.  Ойоҕоһугар хараҥа күөх таҥаска маҥанынан “1” сыыппара улаханнык  суруллубут.  Бары итинник таҥаска сыыппаралара суруга ыраахтан көстөр.  Тыйдары нүөмэрдэрин уочаратынан биир-биир киллэрдилэр. Балары билгэлиир уустук. Үтүө чинчиһиттэр кулунчугу күн сиригэр тахсыаҕыттан, убаһа эрдэҕиттэн быһыыларынан,  майгыларынан кыахтарын өтө билээччилэр. Кинилэр олох харахтыы илик, тугун-ханныгын истибэккэ даҕаны, сиэтиллэн киирэн истэҕинэ туттарыттан, хайалара хаһыс кэлиэхтээҕин сыыспакка уот харахха этэн биэрээччилэр. Ол эрээри күрэхтэһии атын.  Хайдах баайыллыбыттарын хантан билиэхпитий? Оннооҕор көрбүөччүлэр сыыстарааччылар. Буолан баран тыйдарга. Аны бу аттар үнүгэс курдуктар, Саха сирин тымныы кыһынын хайдах туораабыттара биллибэт. Сахалар бэйэбит төрүт сылгыбытын чинчийэн удумаҕалатааччыбыт эрээри, ыраас хааннаах сүүрүк боруодалар Америкаттан, Англияттан, Францияттан, Германияттан тиийэ кэлбиттэри билэр өссө уустук. Төрүттэрэ хайдаҕын билиэх тустааххын. Хаан, удьуор элбэҕи быһаарар. Бастыҥтан бастыҥ быһыйдары науканан бэйэ-бэйэлэрин буоһатыннаран, олор оҕолорунуопуттаах, айылҕалаах дьон, этэргэ дылы,  “фабрика звезд” курдук собуоттарыгар чочуйбут аттара буоллахтара. Антах  араас омуктар аҕыс уон аҕыс албаһынан үгүс үбү сүүйээри, халыҥ харчыны хачыгыратаары  кистииллэрэ элбэх. Разведчиктарбыт кинилэргэ конюшняларыгар,  ипподромнарыгар тиийэн сылдьыһан барыны-бары ымпыктаан билэ сатыыллар да, онно тэҥҥэ доҕордоһо, эн-мин дэһэ сылдьарга үгүс үп, уопут  эрэйиллэр.  

Бу сылга Туймаадаҕа ат сүүрүүтүн бастакы старт ааннара 9:00 тэлэллиэ. Ол кэннэ сүүрбэлии мүнүүтэ аайы старт бэриллэрэ былааннаммыт. Ити аты спортсмены курдук хайа кэмҥэ, хайа сөкүүндэҕэ муҥутуур турукка бэлэмниир туһуттан чаһыны тутуһа сатыыллар. Бүгүн алта сүүрүүгэ испииһэккэ 800 м дистанцияҕа –  сэттэ, 1000 м, 2000 м. – биэстии ат, атыттарга уончалыы соноҕос барыа. 45 ат сүүмэрдэммит. Манна кыттар тустаахтарга дьоллонуу. Оннук чиэскэ тиксибит хамаандалартан  Мэҥэ Хаҥалас – 9, Амма – 7, Чурапчы  – 6, Үөһээ Бүлүү, Нам , Уус Алдан  – 5-тии, Сунтаар, Хаҥалас, Таатта – 2-лии, Ньурба уонна Агропромышленнай университет 1-дии аттарын туох төрүттээхтэрэ-уустаахтара сиһилии суруллубуту быйыл оччо тарҕаппатылар.

Сылгытыйыы диэн тыл мээнэ үөскээбэтэҕэ. Онон итилэр бары  киһи санаабытынан сылдьыбаттар. Баҕар, мөҕөн, мундуйдаан графигы кэстэрэн, хойутатыахтарын эмиэ сөп.

Уонна биһиги аан бастаан маннык көрөөччүтэ суох ыытарга үөрүйэҕэ суохпут. Соторутааҕыта, 19 хонук анараа өттүгэр барыллааһын, хайа аты ханнык дистанцияҕа киллэрэргэ сүүмэрдиир сүүрүүнү ыыппыттара. Бу иккис холонуу бириистээх, онон долгутуута өссө улахан. Урут ханнык да түһүлгэ саҕаланыан быдан инниттэн  трибуналарга ыы-быччары киһи олороро. Икки суол икки ардынан  дьон бөҕө үөмэхтэһэ сылдьар буолара. Хара дьайдаах дьаҥ туран, баччаларга диэри сайыҥҥы элбэх сүүрүү түмүктэммит буолара. Олортон оннооҕор сааскы өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах биир да сүүрүү буолбатаҕа. 2005 сылтан сайын аайы дьыл саамай улахан түһүлгэтэ –  Ил Дархан бирииһэ харантыын болдьоҕо уһаатаҕын аайы хаста да көһөрүллүбүтэ. Онтон сайыҥҥы күрэхтэһиини барытын тохтоторго диэн Бырабыыталыстыба быһаарыыта тахсан, санаабытын ньаппас гыннарбыта. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи ат спордун федерацияларын дэбигис дьигиһийбэт, дьиппиэн, дьүккүөр дьоно Ил Дархаҥҥа көҥүл биэрэригэр туруорсуу сурук суруйбуттара. Айсен Сергеевич, 19 сыл ат спордун өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын салайан, бу көрүҥ ис дьиҥин, сахаларга хайдах курдук тапталлааҕын билбит буолан, трибуналарга көрөөччүтэ суох, ыытарга быһаары ылыммыта. Аты таптааччылар, сылгыга сүгүрүйээччилэр һуу гынан муҥура суох махтанабыт.

800 м. Арктика (сүүрдээччи—Виталий Петров) Мэҥэ Хаҥаластарга кыайыы суолун тэлиитэ.

Тый эрээрилэр сүүрүк хааннаах, төрүттэриттэн иитиилээх буолан, этэргэ дылы, ийэлэрин истэригэр сылдьан, мөхсөн сүүрэргэ ананан төрөөтөхтөрө.   

800 миэтэрэҕэ барыллааһын түмүгэ маннык буолбутун көрөн ылыах:  

1. Нумизматик 0.54.16

2. Арктика 0.54.30

3. Төлөн 0.54.8

4. Ассамблея 0.55.3

5. Леди Левинсон 0.55.9

6. Карифан 1.00.7

Ааспыкка улахан куйаастар кэннэ этиҥнээх, чаҕылҕаннаах быстах ардах быыһыгар инчэҕэйгэ сүүрүү этэ. Бүгүн күн да күн. Сиккиэр тыаллаах. Ат сүүрүүтүгэр Дьөһөгөй Таҥара оҥорон биэрбит чинчилээх. Бу иккистэрин, сорохтор бастакыларын эрэ сүүрэр тыйдары төһө сөпкө аартыкка таһааран эрэллэрий? Стартка ким инники түспүт эмиэ мээнэ ситтэрээччитэ суох. Дистанция кылгаһа, түргэннэрэ бэрт буоллаҕа.   

Сэттэ тыйтан Джоконданы киллэрбэтэхтэр. Алта ат тэҥҥэ түстэ эрээри, үс ат атыттартан атта. Уонна хайдах барбыттарай да, уопсан кэллилэр. Арктика (Мэҥэ Хаҥалас, аҕата –Тайсон, ийэтэ –Талба, сүүрдээччи – Виталий Петров, баайааччы – Василий Игнатьев) соҕотох көҕөччөр дьүһүннээх буолан, бэлиэ. Бу тыһы тый бастакыттан инникилээбитэ.  Бириэмэтэ – 53.5 сөкүүндэ. Эмиэ наар иккис сылдьыбыт биэ  Афина (аҕата – Дружина, ийэтэ – Омега)  кыайыылаахтан түөрт эрэ дэһээтэйинэн хаалла. Бу Арктикатааҕы агротехнологическай университет ата конюшнятын таһыгар сүүрүүгэ барыллааһын саамай түргэн бириэмэлээҕэ, бэйэтин курдук тураҕас дьүһүннэээх атыыр  Нумизматикка (Үөһээ Бүлүү, Межиктик -- Золушка оҕолоро) эккирэтиитигэр биэс дэһээтэйинэн куотта.  Атыттар араа-бараа кэллилэр: төрдүс – Леди Левинсон, «Бөтүҥ», Амма, 0.54.6; бэһис – Төлөн, “Чурапчы”, Чурапчы, 0.54.9.

Дьиктитэ баар,  ити үһүс уонна бэһис көлүөнэ аттар булкааһа суох ыраас хааннаахтары баһыйдылар (?). Хаан диэн хаан. Мээнэ маннык буолааччыта суох.

Дьэ, мэҥэлэр ох курдук оҥостубуттара тута билиннэ. Уксааччылар кинилэр аттарын талаллара элбиэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...