10.07.2020 | 16:48

Ат уонна киһи - 2

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Спортсмен аттар уонна олор чугас дьонун дьиктилэрэ

10:20. Аны 40 мүнүүтэнэн бэһис сүүрүү 2400 м. Ил Дархан бирииһэ –5 мөлүйүөн.   

Тоҕус манна кыттар тосхолго тиксибит соргуламмыт соноҕоско  сүүрдээччилэри олордубуттар. Нүөмэрдэрин бэрээдэгинэн арҕааттан конюшня диэкиттэн сиэтээччилэр үгүстэрин ыыталаан истилэр. Сорохторун тута сылдьан хаамтараллар. Аттар  уопуттаах буолан сөкүүндэлэри туһата  суох ыыппаттар. Кинилэри чинчийэ көрүү саҕаланна.  Түөрэм үктэл түөрт атахтаахтар, хаастыы моойдорун күөгэтэн, төттөрү-таары  хааман кынталдьыстылар, дьоруолаан дьиэрэҥкэйдээтилэр, сиэлэн сэгэлдьистилэр, ойуоккалаан ылыллар. Бары атыырдар. Аҥаардара харатыҥы  тураҕастар. Үс ат бороҥнуҥу тураҕас, икки сылгы кугас. Быһыылара майгынныыр эрээри, ис-искэ атыннара үгүс буоллаҕа.

Бэлэмнэниини хас да чаас киэһээҥҥэ диэри кэтээн көрбүт Дьулустаан Захаров этэринэн,  сүүрдээччилэр урут доҕордуу бииргэ чэйдэһэ сылдьар буоллахтарына, бэйэ-бэйэлэриттэн аттарын хайдаҕын көрдөрүмээри, кистэлэҥнэрин арыйымаары ыраах–ыраах сылдьыбыттар. Саҥалара–иҥэлэрэ аччаабыт. Ким да улаханнык саҥарбат. Бары кыайыахтарын олус баҕаралларыттан күрэхтэһии уораана чугаһаатаҕын долгутуута аттарга, ыалдьааччыларга да эттэригэр-хааннарыгар тиийэ улаатан, утуйар ууларын аймыан сөп.

Билиһиннэриини рейтиннэрэ үрдүк уонна соторутааҕыта үчүгэйдэрин көрдөрбүт аттартан саҕалыым:

Дьон оннооҕор аттар харахтара кытта 10 №-ри көрдүүллэр. Сүрүн фоварит Майн Кениг “Үсүһүн бастыа дуо?”

Кэпсэтиигэ  хайа да аттааҕар Майн Кениг (“Чурапчы” ТХКХ) сотору-сотору ахтыллар. Дьон уонна оннооҕор аттар харахтара кинини көрдүүллэр. Сэрэбиэйинэн хамаандата 10 № ылбыт буолан, ойоҕоһугар уон сыыппара суруктаах.  Итинник нүөмэрдээх боксаҕа угуллан стартыа. Онон  кинини кэтэһиннэрэн, бүтэһигинэн таһаардылар. Кениг – 7 саастаах, хара тураҕас. АХШ-ка төрөөбүтэ (Аҕата – Майншафт, ийэтэ - Тзе Куин Стемп. Тренерэ — Дмитрий Осипов, сүүрдээччитэ –  Анатолий Куличкинхомуһуола сур, түөһүгэр, көхсүгэр  халлаан күөҕэ сулустардаах).

Арассыыйатааҕы түһүлгэҕэ икки сааһыттан  4-тэ сүүрээт, кыаҕын арыйан иһэн, Саха сиригэр кэлбитэ.  2017, 2019 сылларга  ити тураҕаска Ил Дархан муҥутуур бирииһин кыайыылааҕын кыһыл таҥаһын киэргэтэ кэтэппиттэрэ. Аҕыйах мүнүүтэнэн оннук уруйданыа дуо? Бэлэмэ үчүгэйин  бэс ыйын 15 сарсыардатыгар барыллыыр сүүрүүгэ бөлөҕөр бастаан форматыгар сылдьарын бигэргэппитэ.  Кинилиин эдэрдэри сырыһыннарбыттара. Баҕар, инникигэ улахаҥҥа соруктуур эрэллэрин бэлэмнээри буолуо. Ол  эрээри сүр баттаппыттара дуу, Варадера - иккис Суфражистка – үһүс кэлбиттэрэ, ырааҕынан  хаалбыттара. Таарыччы эттэххэ, бүгүн 1000 м. Суфражистка - 1 м. Варадера—2 м. буоллулар. Кинилэр ааспыкка 2400 м. эккирэппиттэрэ буоллар, Чурапчы сурахтааҕа эбиэн сөптөөҕө. Ол иһин бу сүүрүүгэ дьон үксэ Кениги ылар.

Ол 19 хонуктааҕыга 2400 м түөрт бөлөхтөн уону сүүмэрдииргэ  18 соноҕос сырсыбыта. Олортон үһүс бөлөхтөн Мэйзи Кинг (Амма) бириэмэтинэнсаамай быһый буолбута –  2.41.1.

Мейзи №рэ – 9. “Строд” ТХКХ,  Абаҕа, алта саастаах, кугас. (Аҕата - Энимал Кингдом, ийэтэ - Мэззи).  Тренер – Н. Громов, сүүрдээччи соторутааҕыта Москва ипподромугар аттары бастаппыт, онно Америкаттан аукционтан аҕалбыт аммалар аттарын күһүҥҥү улахан бириистэргэ  бэлэмнэһэ сылдьар  Спиридон  Тимофеев, хомуһуола күөхтүҥү саһархай).  

Барыллааһыҥҥа үһүс түргэнинэн бириэмэтинэн ити Мейзи кэнниттэн кутурук уопсан  иккис кэлбит Есаул (Нам) этэ - 2.41.7. Ол Кениг бириэмэтинээҕэр – 2 сөкүүндэнэн түргэн. Манна  Есаул сэрэбиэйинэн 1 №-дээх буолан,  ипподромҥа бастакы ааны астаран киирбитэ.  Биэс саастаах, тураҕас. (Аҕата Инкандесент Стар – ийэтэ - Ройал Офицер, Чааһынай бас билээччи  С.М.Павлов, маастар-тренер Сергей Ядреев, сүүрдээччи Иннокентий Иванов, хомуһуола сулустардаах от күөҕэ).

Ситиһиитэ:    Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ сэттэтэ кыттан, 1 кыайыылаах, 4 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 62000 солкуобай. Саха сиригэр 8 сүүрүүгэ кыттан, хаста да миэстэлэспитэ.

Брокер Барс уонна кинини сүүрдээччи Виталий Петров холкуйан хаалбыттар.”Дьэ, итэччэтигэр...”

Бу сырыыга мэҥэлэр табыллан сүүрэ сылдьаллар. Онон кинилэр 8 № -дээх Брокер Барстара  бурхачыйан тураарай? Ааспыкка бөлөҕөр Есаул кэнниттэн төрдүс кэлбитэ. Сүрдээх хаҥыл атыыр дииллэр. Сиэмэх куоска ааттаах. Онтукатын санатан, оннооҕор аһатааччыларын ытырар, табыйар, эргиллэ түһэн тэбэр үһү.  

Кини холкуйбута сүр, ол сиэтиитэ суох дьаҕылдьыйа сылдьар. Тугу эрэ оҥоруох чинчилэммит. Бу  Краснодар, Москва ипподромнарын улахан сүүйүүлэрин оҥорбут ат. Адаптацията дьэ ситэн, мэҥэлэр майгытын ордук билэн, манна кэмэ кэлиэхтээҕинэн кистээн бэлэмнээбиттэрэ буолаарай? Брокер Барс (Мэҥэ Хаҥалас) – 5 саастаах хара тураҕас. (Аҕата - Пауэр Брокер, ийэтэ - Леди Ви, бас билээччи  «Арктика Строй». Маастар-тренер Василий Игнатьев, маастар-

сүүрдээччи Виталий Петров, хомуһуола маҥан, түөһүгэр,  көхсүгэр үстүү хараҥа күөх сулустаах).

 Арассыыйатааҕы түһүлгэлэргэ балартан саамай элбэхтэ, 18-та үктэммитэ. Иккитэ кыайбыта, икки саастааҕар Пятигорскайга стартыгар күүскэ барбытын айаҕын тардан баран, финишкэ ыытаннар уһулу ойон бастаабыта. Өссө эбии 10 бириистээх.  Олорунааҕар өссө Арассыыйа “Дербитигэр” төрдүс буолбута ордук сыаналанар. Сүүйбүт суумата –  1 мөл. 52 тыһ.солкуобай. 

3 №. Корибиан  Бой эмиэ соҕуруу сүүйүүтэ элбэх. Үөһээ Бүлүү, М.Т. Егоров аатынан 2 №дээх кыһатын иитиллээччитэ – 6 саастаах, хараҥа тураҕас. Ирландияҕа төрөөбүтэ. (Аҕата - Стрит Покер, ийэтэ – Кабира, Тренер-сүүрдээччи Алексей  Сторчеус, хомуһуола салааттыҥы, кыһыл хаймыылаах.),

Арассыыйатааҕы сырсыыларга 16-та сүүрбүтэ, кыайыыта  4,  10 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ –  988640 солкуобай. 2017 сыллаахха “Лээги Кубога” кыайыылааҕа. Ол эрээри ааспыкка бөлөҕөр бытааннык үһүс кэлбитэ.

Барыллааһыҥҥа атын  икки бөлөххө  бастаабыт икки ат эмиэ соҕуруу сүүйүүлэрэ балайда. Кинилэртэн саҕалаан атын соноҕостору нүөмэрдэрин бэрээдэҕинэн билсиэх.   

2 №. Блэк Джет эҥэ Хаҥалас) – 6 саастаах, хара тураҕас. (Аҕата Джет -ийэтэ Псинадахи Ай. Тренерэ уонна сүүрдээччитэ –  Егор Оконешников, хомуһуола көмүстүҥү). Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ – 14,  2 кыайыылаах.  7 бириистээх миэстэлээх. Сүүйүүтэ – 286200 солкуобай, 2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын  бирииһигэр  2-с миэстэлээх. 

4№. Анкенди (Чурапчы, Тренерэ--  Дмитрий Осипов, сүүрдээччитэ – Валентин Иванов, хомуһуола сур, сулустардаах.) - биэс саастаах, хара тураҕас. ТХКХ ата. (Аҕата - Сидниз Кэнди, ийэтэ – Андетеррд).  Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитэ –  8.  2 кыайыылаах,  4  бириистээх миэстэлээх. Маалтааны Кубогын уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Кубогын кыайыылааҕа. 

5№. Свидетель Барс (Амма, «Давидофф» ХЭТ соноҕоһо)– 5 саастаах, маҥан ураанньыктаах кугас. (Аҕата— Индиан Джеймсон, ийэтэ -  Саксесфулдебют), Маастар-тренер Анатолий Баишев, сүүрдээччи –С. Гаврильев, хомуһуола кыһыл, саһархай хаймыылаах). Чечня урукку бэрэсидиэнэ Ахмад Кадыров аатынан сүүрүү “Дербитигэр” бөлөҕөр бастаан турар. Нууччалаатахха-”международник” аан дойдутааҕы таһымнаах. Ол эрээри манна аһылла илик. Бу сырыыга икки сиэтээччи тута сылдьар.

6№ Джафар (Хаҥалас, «Ушницкай» КФХ соноҕоһо. Тренерэ – Иван Ушницкай, сүүрдээччитэ – Дмитрий Кычкин, хомуһуола кыһыл, маҥан сурааһыннаах.  – 7 саастаах, тураҕас. АХШ-гар төрөөбүтэ. (Аҕата -   Дроссельмейер, ийэтэ –Хайахога),

Арассыыйатааҕы түһүлгэлэргэ 12-тэ кыттан,  иккитэ  2-с миэстэни, түөртэ үһүс миэстэни ылбыта. Икки төрдүс миэстэлээх. Сүүйбүт суумата –  241210 солкуобай. Саха сиригэр икки саастааҕар  кэлбитэ.  Энсиэли Кубогын “Нива” массыынатын дьонугар хаалларбыта.

7№. Альтер (Уус Алдан) –аҕыс саастаах, хараҥа тураҕас. (Аҕата – Террестриал, ийэтэ - Альтер Эго). П.Бечекянов ата. Сүүрдэр тренерэ -- Н. Терентьев, хомуһуола СӨ былааҕа). Уус Алданнар, таатталар тупсаҕай боруодаларга ылсан эрэллэрэ билиннэ.  

Тустуу тылынан эттэххэ, 10 аты “пуш-пуштаан”, разминкалаан баран,  сыыйа старт кабиналарыгар уктулар.

Уон боксаттан ааннар тэҥҥэ тэлэлиннилэр.Брокер Барс сүүһүгэр кини эрэ күөх таҥастаах буолан бэлиэ. барыларыттан үөһээ чолойбут. Ырааҕы ыралаабыт дуу?

Аттар тэҥҥэ түстүлэр. Оннук бөлөҕүнэн баран истэхтэринэ  бөдөҥ-садаҥ Анкенди арыыйда чорбойдо. Чурапчылар Кениктэригэр көмөлөһүннэрэр тактиканан соруйан инники таһаарбыт буолуохтарын сөп. Атыттар чугастар. Стартаабыт сирдэригэр биир эргиири оҥорон, трибуна ортотунан ааһыыларыгар  Блек Джет кини иннигэр түстэ. Аны Мэйзи инникилии сылдьыбытын, Брокер Барс иккискэ тахсан баран ситтэ.   Былырыыҥҥы уонна үс сыллааҕы кыайыылаах чурапчылар Кенигтэрэ төрдүс сылдьар. Джафар, Корибиан Бой ортокулартан түсүһэн көрдүлэр да, анараалар иннилэрин биэрбэтилэр.

Брокеры айаҕын тарда сылдьаллар.  Мейзи, Есаул ону туһанан  аттынан аастылар. Иккистээн трибуналар аттылларыгар эргийэн кэлиигэ Есаулу таһыйдылар да, үс акка ситтэрдэ. Бүтэһик көнөҕө Брокеры ыытан кэбистилэр. Аҕыйахта ойоот инники элээрдэ.  Үс сыллааҕыта Пятигорскайга фиништээбитин курдук кылбардык кыырайда.

Брокер Барсы мэһэйдэтиитэ суох холкутук сүүрдүн диэтэхтэрэ дуу? Тас өттүнэн ыыттылар. Ити суол атыттардааҕар уһун. Ситэр уустук даҕаны. Кыаҕар эрэнэллэр. 

Ил Дархан 5 мөлүйүөннээх бирииһин үллэһигин түмүгэ:

1 м. Мэҥэлэри өссө үрдүк хайаҕа таһаарбыт Брокер Барс -- 2.38.3 (бирииһэ—2.5 мөлүйүөн солк)

2 м. Амма ааттааҕа Мейзи Кинг –2.38.7 (1 мөлүйүөн 250 тыһыынча солк)

2 м. Чурапчы чулуута Дайн Кениг—2.39.2 (750 тыһыынча солк).

4 м. Нам эрэлэ  Есаул—2.39.5 (мөлүйүөн аҥаара солк).

Бу күн күөх сулуһун хаста да инники аҕалан күлүгүлдьүппүт Виталий Петров  саамай улахан кыайыытын маннык быһаарда:

Брокер Барсы өссө да айаҕын Виталий Петров тарда-тута иһэр. Мэйзи (ортоку)атыттары ситэн кинини эмиэ ыгаары гынна.

- Урукку сүүрүүлэргэ Брокер Барс айаҕын тардыыта кыаллыбакка сылдьыбыта. Онон биэтэккэ быстан кэлэрэ. Бу иннинээҕи бэлэмнэниигэ дьэ, кыайтарбыта. Ити буоллаҕына дьэ саайабыт диэн ханна ыытары, ханна тутары быһаарбыппыт. Былаан быһыытынан барда. Брокер холкутук тардарбын, ыытарбын сөбүлэһэ кулгааҕа чөрөҥнүү истэ. Биэтэк чугаһыгар иннибэр испит  Есаул таһыйалларын, анарааны иҥэһэлииллэрин көрөн ситэр диэн эрэл миэхэ уонна аппар улааппыта.  

Ити В.Петров Хатас уола уонна мэҥэлэр олус үөрбүттэрэ. Хайдах буолуохтарын билбэттэр. Манныгы көрөр үчүгэй даҕаны.

Ил Дархан Айсен Николаев ат сүүрдүүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын 19 сыл салайбыта. Кини кэнниттэн ити дуоһунаска талыллыбыт Иван Слепцовтуун. Хайа ат кыайыа диэбиттэрэ буолуой? 
Виталий Мэйзи ыгарын кытта атын ыытан кэбистэ. Биэтэккэ Брокер ситэн өссө чорбохтоох холкутук кэллэ. Кыайыыны биэрбэт кыаҕы ылбытын билэн, сүүрдээччи илиитин номнуо өрө көтөхтө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....