09.07.2020 | 19:28

Ат уонна киһи - 1

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһэттэн айдарыыларынан, өйдөрүнэн, эттэринэн-хааннарынан Айыылартан  алтыһыылара

Аан дойдуга аты таптааччы аҕыйаҕа суох, сылгыга сүгүрүйээччи элбэх. Оттон сахалар Олоҥхоҕо хоһуллар миинэр миҥэбит, көмүскэнэр көлөбүт. Биир Улахан  Таҥарабыт Дьөһөгөй оҕото үһүйээннэргэ үйэтитиллибитинэн ардыгар киһилии кэпсээн, сахалыы саҥаран абааһыттан араарар, быһылаантан быыһыыр доҕорбут, дьүөгэбит.

Көрөөччүтэ суох күрэс олох атын

Сэргэ ийэ буору кытта үөһээ айыылары ситимниир. Ол аттыгар алаадьыны ууран көрдөһүү.  Дьөһөгөй Таҥарабыт ким хайдах сатаан саҥарарын истиэй?

Туймаада ипподромугар сылдьар мэлдьи  кэрэхсэбиллээх. Билигин өссө ордук угуйуулаах. Уруккуттан олох атын көстүү. Аныгы сүүрэр аттар барахсаттары киһи эрэ бары өттүнэн астынар. Көрөргө дьүһүннэрэ, улаханнара, уһун атахтара синньигэһэ чэчир сототунуу көнөтүөн,  кынталдьыһан туттуулара  кэрэтиэн. Өбүгэлэриттэн киһилии көрүллүбүт, аһатыллыбыт, иитиллибит буолан, өйдөрө үрдүгүөн, майгылара да маанытыан, дьиэрэҥкэйдииллэрэ дьиктитиэн, дьоруолууллара дьоһунуон, сиэлэллэрэ сиэдэрэйиэн, сүүрэллэрэ үчүгэйиэн. Ол иһин ат сүүрүүтүн күрэхтэһиитэ саҕаланыан инниттэн былыр-былыргыттан Сайсары эбэ тула  киһи-сүөһү, массыына-транспорт муҥха иҥнэ-иҥнэ устарыныы  субуллааччы.  Сыл аайы көрөөччү элбээн иһэринэн, быйыл өссө ипподром таһыттан трибуналарга баппат киһи тоҕуоруһуохтааҕа. Абааһы дьаҥтан сааскы, сайыҥҥы сүүрүүлэртэн олох матыах курдук чинчилэммиппит.  Инньэ гынан, көрөөччүтэ суох ыытыллар сүүрүүлэри ыраахтан, тэлэбиисэринэн, араадьыйанан  эрэ көрөр-истэр буоллубут. Ыһыылаах-хаһыылаах дьоннуун үөмэхтэһэргэ, ордук сүүйэн өрөгөйдөөбүттүүн үөрүү үксэтиһэргэ, сүүйтэрэн сүөм түспүтү уоскутарга хайдах тэҥнэһиэй? Ол да элбэх бобуу кэннэ, Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин бирииһин акка сүгүрүйэринэн көҥүллээн, һуу гыннарбыта. Туохтааҕар да омук дойдуларыттан төрүттээх, сорохторо онно төрөөбүт мааны аттары атыылаһарга, араас сирдэринэн эргитэн аҕаларга, аһатарга, көрөргө да халыҥ харчы хамсыыр. Хайыахпытый? Баай Сахабыт сирин сэнэппэт курдук үчүгэй аттары сүүрдэн сайдарбытын көрдөрөрбүт туох куһаҕаннааҕый? Биһиги дьоммут итинник чэчир сототун курдук синньигэс атахтаах, чараас түүлээх нарын аттары томороон тымныыга, кырыа кыһыны кыстатан, сүүрүүгэ бэлэмнээн сахалар сатабылларын,  мындырдарын көрдөрөллөр. Онно ороскуотурааччылар үптэриттэн, сыраларын биэриилэриттэн түөрэҥнээбит тирэхтэрин, бириистэри ылан, кэм бөҕөргөттөхтөрө.

Аттар өйдөөхтөр. Чугас дьоно улахан тыҥааһынтан долгуйалларын билэн, эмиэ майгылара уларыйар. Сорох ат ордук күүһүрэр, атын мөлтүүр. Ыһыыттан-хаһыыттан ордук тэптэр  эбэтэр онтон мэһэйдэтээччилэр эмиэ бааллар.

Араадьыйаҕа кэпсиир атастарбыт Василий Посельскай, Михаил Мордовской –Михута ат сүүрдүүтүн ахтыбыттар. Старды буола охсорун тулуйбакка кэтэһэллэр.

От ыйын 4 күнэ. Субуота. Сарсыардаттан күүтүүлээх сүүрдүүлэри көрөөрү-истээри, мин “Саха” НКИХ ханаалга Дьулустаан Захаров Александр Капитоновтыын, араадьыйаҕа Василий Посельскай Михаил Мордовскойдуун-Михуталыын кэпсииллэрин тэҥҥэ холбонон олордум. Ол кэннэ ютубунан хаста да хатылаан көрдүм. Комментатордар сотору-сотору ат сүүрүүтүн билээччи Егор Андросовтан ырытыы, ырыҥалатыы, историяны билиһиннэрии оҥордулар. Кыттааччылартан, кыайыылаахтартан ыйытыктарга хоруйдаттылар. Ол  кэпсииллэрин киэргэтэн, силигин ситэрэн биэрдэ. Суруллубуттан ардыгар көрбүттээҕэр ордук да санаа киирээччи. Уонна ол  суоруллубат. Онон тугу билбиппин-көрбүппүн, санаабыппын  бэчээттээн историяҕа хаалларабын.  Бу күҥҥэ алта сүүрдүү буолла. Олортон дьон сиһилии билэ охсорго тиэтэйэр сырсыыларыттан сыл саамай улахан бирииһин былдьаһыы хайдах барбытыттан саҕалыым.

Трибуналар кураанах тураллара хомолтотуон.Хаһан итиннэ ат сүүрдүүтүгэр толору мустабыт? 
Тэлэбиисэр комментатордара Александр Капитонов, Дьулустаан Захаров хамтарытар, сиэлэр аттары чинчийэ көрөллөр.”Монитор кырата бэрт аттар нүөмэрдэрэ көстүбэт. Ойон туруохпутун баҕарабыт да өҥнөппөттөр...”  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....