Ат сүүрдүүтэ от ыйын 4 күнүгэр буолуоҕа
Ил Дархан Айсен Николаев бирииһигэр ат сүүрдүүтэ от ыйын 4 күнүгэр буолуоҕа.
«Тыа сириттэн даҕаны, куораттан даҕаны миэхэ элбэх киһи суруйда, көрдөстө. Ат сүүрдүүтэ диэн саха дьоно бары даҕаны сөбүлүүр үгэспит буолар. Бэрээдэги тутуһан кураанах трибуналаах от ыйын 4 күнүгэр ыытыахпыт», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Ат сүүрдүүтэ Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет стадионугар буолуоҕа. Быйыл көрөөччүтэ суох ыытыллыаҕа.
Бириис фондата 2020 сылга 5 мөлүйүөҥҥэ диэри үрдээтэ.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



