Аспааллааһын график быһыытынан баран иһэр
Евгений Григорьев информациятынан, суол өрөмүөнэ график быһыытынан баран иһэр, аспааллааһын сүрүн үлэтэ балаҕан ыйыгар ыытыллыаҕа. Сайын устата суолу таҥастааһын, инженернэй ситимнэри таһаарыы, суол болотунатын бэлэмнээһин, бордюр тааһын ууруу ыытылынна.
Балаҕан ыйа бүтүөр диэри бары эбийиэктэргэ аспааллааһын түмүктэниэхтээх, алтынньы ый устата суол бэлиэлэрэ, хааччахтыыр конструкциялар туруоруллуохтара. Хонтуруоллуур уорганнар уонна куорат олохтоохторо үлэ хаачыстыбатын тиһиктээхтик көрө-истэ сылдьаллар.
««Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыакка үһүс сылбытын кыттабыт. Ити кэм устата суол үлэтин сакаасчыгын быһыытынан билиибит-көрүүбүт хаҥаата. Бэдэрээтчит тэрилтэлэр тиэхиньикэлэрин саҥардаллар, үлэлэригэр саҥа технологиялары киллэрэллэр», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Итиэннэ эһиилги сылга көһөрүллэр эбийиэктэр үбүлээһиннэрэ улаатара бэлиэтэннэ.