17.06.2024 | 15:47

Арыгыттан эмтэнии аахсыйатыгар 12 киһи кытынна

Арыгыттан эмтэнии аахсыйатыгар 12 киһи кытынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 14 күнүгэр Арассыыйаҕа Арыгыттан аккаастаныы нэдиэлэтин чэрчитинэн Саха сиринээҕи наркология диспансера үгэс буолбут арыгы уонна наркотик дьаатыттан босхо уонна анонимнайдык эмтиир аахсыйатын ыытта. 

Бу күн уопсайа 12 киһи кэлэн, дезинтоксикационнай терапияны ылла, арыгыттан код туруортарда. Диспансер үлэһиттэрэ кинилэргэ уонна дьиэ кэргэннэрин дьонугар консультациялары оҥордулар. Сорохтор салгыы күнүскү стационарга реабилитацияҕа суруйтардылар. Санатар буоллахха, эмтэнии аахсыйа кэмигэр босхо оҥоһуллар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын диспансернай-поликлиническай салаатын сэбиэдиссэйин э.т.  А.С. Третьяков бэлиэтииринэн, кыбаарталга биирдэ ыытыллар үгэс буолбут аахсыйа биир уратытынан эмтэнии үлэ чааһын кэнниттэн 16:00 чаастан 20:00 чааска диэри ыытыллара буолар. Ону сэргэ быраастар, психологтар консультациялара, арыгыттан код туруортарыы барыта буор-босхо ыытыллар, диэн иһитиннэрэр наркология диспансерын пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...