Арыгы атыытын аҕыйатар дьаһал бэлэмнэнэр
Арыгы атыытын социальнай объектартан тэйитэр туһунан Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев этии киллэрдэ уонна нормативнай быраап докумуоннарын бэлэмнии охсорго сорудахтаата.
Бу быраабылаларга уларыйыы киирдэҕинэ, арыгы атыылыыр маҕаһыыннар ахсааннара лаппа аҕыйыыра күүтүллэр.
“Билигин куораппытыгар 800 кэриҥэ итирдэр утаҕынан эргинэр маҕаһыын үлэлиир – куорат олохтоохторо маны сөбүлээбэттэрин биллэрэллэр. Ол иһин социальнай объектартан бу маҕаһыыннар тэйиччи турууларын ыраатыннаран биэрэр хааччахтары хаттаан көрөргө ыҥырабын. Бастакы ааҕыылары, суоттааһыннары ыытыахха, төһө маҕаһыын сабыллыан сөбүн ааҕыахха,” – диэтэ баһылык бэс ыйын 28 күнүнээҕи планеркаҕа.
Бу боппуруоһу баһылык экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Георгий Гаврильев иилээн-саҕалаан ыытыаҕа.