01.12.2022 | 17:00

Арыгы атыытыгар хааччахтааһын киллэриллэр

Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ уонна олор аттыларыгар арыгы бородууксуйатын атыылааһыҥҥа саҥа хааччахтары киллэрэргэ бэлэмнииллэр.
Арыгы атыытыгар хааччахтааһын киллэриллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эбии хааччахтар киирдэхтэринэ, Дьокуускайга атыылыыр саалалаах 72 туочука (наливайкалар) сабыллыаҕа. Норуот дьокутааттара маныаха сыһыаннаах сокуону сэтинньи 23 күнүгэр Игорь Григорьев бэрэссэдээтэллээх Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) предпринимательствоҕа, туризмҥа уонна инфраструктураны сайыннарыы бастайааннай кэмитиэтин мунньаҕар көрдүлэр.

“О внесении изменения в Закон Республики Саха (Якутия) "Об установлении дополнительных ограничений времени, условий и мест розничной продажи алкогольной продукции в Республике Саха (Якутия)" 522-6 №-дээх СӨ сокуонун бырайыага норуот дьокутааттара Игорь Григорьев, Антонина Григорьева, Владимир Прокопьев, Юрий Николаев, Павел Петров, Андрей Дороган, Феодосия Габышева, Андрей Находкин, Аркадий Семенов көҕүлээһиннэринэн оҥоһуллубута.

Бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Игорь Григорьев быһаарбытынан, 171 №-дээх ФЗ 16 Федеральнай сокуонун 4.1 ыстатыйатын үһүс пуунугар олоҕуран, "О государственном регулировании производства и оборота этилового спирта, алкогольной и спиртосодержащей продукции и об ограничении потребления (распития) алкогольной продукции" Арассыыйа субъектара элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ эбэтэр кинилэртэн чугас арыгы бородууксуйатын атыытыгар уопсастыбаннай аһылыгы атыылыыр эбийиэктэргэ дьон сылдьарыгар саала иэнин улаатыннарыыга региональнай сокуонунан эбии хааччахтары киллэрэр бырааптаахтар. Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын аатыгар саала иэнин улаатыннарыыга, кэҥэтиигэ этии Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатыттан, куорат олохтоохторо үгүс көрдөһүүлэрин түмүгэр киирбитэ.

 

Куорат киинигэр атыы иэнин болуоссатын 75 кв. миэтэрэнэн бигэргэтэргэ диэн этии киирдэ, өрөспүүбүлүкэ атын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар— 50 кв. миэтэрэ. Өскөтүн маннык иэн көҥүллээбэт буоллаҕына  — тэрилтэттэн лицензияны ылаллар.

 

Игорь Григорьев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайга бу сокуонунан 72 атыылыыр саалалаах туочука (наливайка) сабыллар кыахтанар.

Билиҥҥи сокуоҥҥа олоҕуран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ, олор аттыларыгар баар атыы эбийиэктэригэр дьон сылдьарыгар иэнэ 20 кв. миэтэрэ диэн.

 

Сокуон күүһүгэр киирдэҕинэ, пиибэ атыыта бобууга эмиэ түбэһэр.   

 

СӨ предпринимательствоҕа, атыыга уонна туризмҥа миниистирин бастакы солбуйааччы Максим Карбушев иһитиннэрбитинэн, болуоссат иэнин боппуруоһа араас балаһааккаҕа барытыгар дьүүллэһиллибитэ, ол иһигэр урбаанньыттар форумнарыгар. Бу сокуон бырайыагар толоруулаах былаастар интэриэстээх уорганнарыттан сөптөөх, кэлим сыанабылы хайаан да ылыахха наада диэн эттэ.

Сокуон бырайыагын дьүүллэһиигэ Игорь Григорьев “Опора России” дьоҕус уонна орто урбаан Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэтин Дьокуускайдааҕы региональнай салаатын уонна СӨ ыалдьытымсах буолуу Ассоциациятын санаатын эттэ. Анал кэмитиэккэ аадырыстаан ыыппыт суруктарыгар, регион дьоҕус уонна орто урбаанын интэриэстэрин көрөр уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьон олорор дьиэлэригэр баар аһыыр туочукалар иэннэрин болуоссатын 75 кв. миэтэрэ оннугар 50 кв. миэтэрэҕэ диэри улаатыннарарга көрдөһөллөр.

Бу куорат уопсастыбаннай аһылыгын сэттэ тэрилтэтин үлэтин хаалларыа этэ дииллэр. Маны таһынан, сурукка сокуон быһыытынан бобууга түбэһэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ үлэлииллэрин хааччыйарга, урут бэриллибит лицензиялара болдьоҕо бүтүөр диэри арыгы бородууксуйатын атыылыылларын көҥүллүүргүтүгэр диэн этии киллэрэллэр.

Олохтоох дьаһалта бобууга түбэһэр үтүө суобастаах урбаанньыттары кытта үлэлиэхпит, кинилэр салгыы сайдалларыгар көмөлөһүөхпүт диэн эппитин учуоттаан, өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара куорат этиитин өйөөтүлэр уонна Саха сирин парламеныгар сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга көрөллөрүгэр сүбэлээтилэр.

Маны таһынан мунньахха арыгы атыылааһынын олоччу бобор туһунан сокуон бырайыагын көрдүлэр уонна өйөөтүлэр, онно өрөспүүбүлүкэ 12 нэһилиэгэ киирдэ: Хаҥалас, Сунтаар, Уус Алдан, Кэбээйи, Ленскэй, Дьааҥы, Нам, Үөһээ Бүлүү, Таатта улуустара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....