Арыгы атыыта
Оттон сокуоннай сааһын ситэ илик гражданиҥҥа аһыы утаҕы хаһыс да төгүлүн атыылааһын – административнай уонна холуобунай буруйу оҥоруу.
РФ Административнай буруйуу оҥоруу иһин Кодексатын 14.16 ыст. 2.1 ч. сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо арыгыны атыылааһын иһин, бу дьайыы холуобунай састааба суох түбэлтэтигэр:
гражданнарга – 30 000 солк. 50 000 солк. диэри ыстараап;
дуоһунастаах сирэйдэргэ – 100 000 солк. 200 000 солк. диэри ыстараап;
юридическай сирэйдэргэ – 300 000 солк. 500 000 солк. диэри ыстараап.
Арыгылаах утаҕы сааһын туола илик ыччакка иккистээн атыылааһын иһин РФ ХК 151.1 ыст. холуобунай дьыала көрүллэр.
Маны сэргэ РФ Административнай буруйу оҥоруу иһин кодексатын 6.10 ыст. саастарын ситэ илик оҕолору арыгыга, наркотикка угуйуу иһин 1000 солк. 3000 солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр. Маннык буруйу оҥорбут төрөппүттэргэ уонна сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо бэрэстэбиитэлигэр, ону сэргэ оҕо иитиитинэн, үөрэҕинэн дьарыктанар эбээһинэстээх сирэйдэргэ 4000 солкуобайтан 5000 солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр.