07.10.2022 | 09:00

Арыгы атыылааччылары бэрээдэктииргэ уолдьаста

Ил Түмэн парламенын күһүҥҥү сессиятыгар арыгыны атыылааһыҥҥа эбии хааччахтары киллэрии туһунан СӨ сокуонун барылын дьүүллэһии былааннанар. 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн, киин куорат салалтатын дьаһалынан, Дьокуускай куоракка 20-тэн тахса маҕаһыын арыгы атыылыыра тохтотуллубута.
Арыгы атыылааччылары бэрээдэктииргэ уолдьаста
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэтии барбыта ыраатта. Ол курдук, 2019 сыллаахха Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара сокуон барылын кытаатыннарыы туһунан этиини киллэрбиттэрэ. Олохтоох дьаһалтаҕа ыытыллыбыт төгүрүк остуолга сокуон барылын дьүүллэспиттэрэ, куорат Ис дьыалаҕа управлениета иһитиннэрбитинэн, 2019 сылга уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр арыгыны атыылааһыны хааччахтыыр сокуон тохтотуллубут уонна “наливайкалар” элбээбит буоланнар, арыгыны иһэн баран буруйу оҥоруу биллэ үрдээбитэ бэлиэтэммитэ.

Санатар буоллахха, 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн арыгы атыылыыр эбийиэктэр оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан 300 м, оҕо уһуйааннарыттан, спорт, тырааныспар, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэриттэн, аэропортартан, вокзаллартан, байыаннай эбийиэктэртэн — 200 м, уопсастыбаннай аһылык эбийиэктэрэ оскуолалартан, үөрэх кыһаларыттан, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэриттэн, аэропортартан, вокзаллартан, байыаннай эбийиэктэртэн – 50 м тэйиччи туруохтаахтар, спа-салоннартан, массаас уонна стоматология кэбиниэттэриттэн 15 м тэйиччи буолуохтаахтар.

«Сымыйа кафелар» киин куорат Строительнай, Промышленнай уонна Октябрьскай уокуруктарыгар элбэхтэрэ бэлиэтэнэр. Куорат баһылыгын кытта көрсүһүүлэргэ олохтоохтор итирдэр утахтары атыылыыр маҕаһыыннар уонна "сымыйа кафелар" үлэлэрин хааччахтыыры көрдөһөллөр. Ол курдук, ити хайысханан атырдьах ыйын саҥатыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев, СӨ Предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин бастакы солбуйааччы Максим Карбушев, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова, Уопсастыбаннай палаата бэрэстэбиитэллэрэ Губинскай уокурук олохтоохторун кытта көрсүбүттэрэ, ол туһунан сырдатан турабыт. Онно куорат баһылыга «Сымыйа кафелар» үлэлэрин тохтоторго эбийиэк иэнин 100 кв. миэтэрэҕэ диэри улаатыннарар туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэн наада, ону быһаарар боломуочуйалаах уорганынан Ил Түмэн буолар диэн бэлиэтээн эппитэ.

Владимир Аржаков, Олохтоох дьаһалта баһылыгын куорат кытыытынааҕы территориялары, тыа хаһаайыстыбатын, атыы-эргиэн уонна  предпринимательство сайдыытын боппуруостарыгар солбуйааччы:

– Быйыл ыам ыйын 6 күнүгэр тахсыбыт итирдэр утахтары атыылааһын бобуллар территорияларын кыраныыссаларын чопчулуур 118п №-дээх Уураах таһаарбыппыт балаҕан ыйын 1 күнүгэр олоххо киирдэ, тоҕо итиччэ уһун кэм кэнниттэн диэтэххэ Федеральнай Сокуоҥҥа олоҕуран, хааччахтары киллэрэр регионнааҕы эбэтэр муниципальнай нормативнай быраап аактата күүһүгэр киирэр болдьоҕо кулун тутар 1-гы эбэтэр балаҕан ыйын 1-гы күннэригэр түбэһиэхтээх.

171-с Федеральнай Сокуон регионнарга, муниципальнай былаастарга хааччахтыыр боломуочуйалары биэрэр. Биһиги, олохтоох бэйэни салайыныы уоргана буоларбыт быһыытынан, арыгы атыылыыр сирдэр уонна туһааннаах эбийиэктэр, ол эбэтэр итирдэр бородууксуйа атыыта бобуулаах территорията икки ардылара төһө ыраах буолуохтааҕын эрэ быһаарар кыахтаахпыт. Итиннэ маҕаһыыннар уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ киирэллэр. Биһиги туһааннаах 316-П №-дээх Уурааҕы ылыммыппыт ыраатта – 2013 сыллаахха. Уларыйыылары киллэрэр кэм кэлэн, ити докумуону уларыта сатаабакка, саҥа Уурааҕы таһаарар быһаарыыны ылыммыппыт.

Урукку өттүгэр арыгы атыылыыр сирдэр уонна арыгы атыыта бобуулаах территорияларын икки ардыларын суолу сатыы туоруур сиринэн кээмэйдиир этибит. Билигин, саҥа Уураахха олоҕуран, биир эбийиэктэн иккис эбийиэккэ диэри төһө ырааҕын-чугаһын көнөтүк кээмэйдиибит. Ити олус табыгастаах, сыыһа-халты тахсыбат. Холобур, оскуола тиэргэнигэр киирэр аантан арыгыны атыылыыр маҕаһыын ааныгар диэри. Кистэл буолбатах, сорох атыылыыр сирдэр соруйан икки ардын кэҥэтээри мэһэйдэри, хааччахтыыр тэриллэри туруорааччылар. Холобур, Ярославскай уулуссатыгар «Удачная покупка» маҕаһыын суолга хааччаҕы туруоран, оскуоланы кытта икки арда ыраатан биэрбит курдук буолбута. Ити курдук хартыынаны Кулаковскай уулуссатыгар турар “Универсамҥа” көрүөххэ сөп. Итиннэ эмиэ бэйэлэрэ хааччахтыыр тэрили туруорбуттара. Сылын аайы алкомаркет ахсаана элбээн иһэр, ол иһин арыгы атыыта бобуулаах эбийиэктэри кытта икки ардыларын кээмэйин 100 м улаатыннарарга быһаардыбыт. Холобур, урут оҕо уһуйааныгар диэри икки ардылара 100 м эбит буоллаҕына, билигин – 200 м, үөрэх кыһаларыгар, ол иһигэр оскуолаларга диэри – 300 м, балыыһаларга, вокзалларга, аэропортарга диэри – 200 м буолла. Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин туһунан этэр буоллахха, кинилэри кытта икки ардын эмиэ көнөтүк кээмэйдиир буоллубут.

Ил Түмэн сессиятыгар сокуон барылын көрөргө, өрөспүүбүлүкэ сокуонугар киллэрэллэрин курдук, Олохтоох дьаһалта арыгыны атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин иэннэрин 20 кв. м. 75 кв. м. диэри улаатыннарар туһунан  бэйэбит этиибитин киллэрдибит. 171-с Федеральнай Сокуоҥҥа олоҕуран, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин иэннэрэ 20 кв. м. кыра буоллаҕына элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ уонна дьиэлэртэн чугас туруо суохтаахтар. Регионнааҕы былаастар итинник маҕаһыыннар иэннэрин улаатыннарар бырааптаахтар. Куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев сорудаҕынан анаалыстаан баран, иэннэрин 75 кв. м. диэри улаатыннарар сөп буолсу диэн быһаарбыппыт. Оччоҕуна  уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ курдук буолан көстө сатыыр «наливайкалар», «сымыйа кафелар»  сабыллыахтара, дьиҥнээх уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ охсууну ылыахтара суоҕа.

Матвей Лыткин, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ, «Трезвая Якутия» хамсааһын салайааччыта:

Ил Түмэҥҥэ норуодунай дьокутаат Виктор Николаевич Федоров этиитинэн Сокуон барыла киирэн турар. Онно олоҕуран, арыгы атыылыыр маҕаһыыннарга уонна норуокка «наливайкалар» диэн ааттанааччыларга ирдэбил уларыйан, иэннэрэ улаатан биэриэхтээх. Билигин кинилэр 10-20 кв. м олорор буоллахтарына, саҥа Сокуонунан 75 кв. м тиийиэхтээх. Итинтэн кыра иэннээх буоллаҕына хааччахха киирэр. Онон нэһилиэнньэ туруорсар боппуруоһа – пиибэни атыылыыр лицензията суох «наливайкалар» ахсааннарын аҕыйатыы быһаарыллыаҕа.

Икки ардыларын ырааҕын туһунан этэр буоллахха, урут «пешеходнай» туоруур сиринэн ааҕыллара олох сыыһа этэ, холобур, арыгы атыылыыр туочука оскуолаттан ыраах турар курдук буолан хаалара. Олохтоох дьаһалта быйыл сайын икки ардыларын көнөтүк ааҕар гынан уларыппыта саамай сөптөөх дьаһал. Дьон оччоҕуна хаһан сабыллалларый диэн элбэхтик ыйытар. Онно маннык хоруйдуубун – лицензияларын болдьоҕо бүтүөр диэри үлэлииллэр. Холобур, кимиэнэ эрэ быйыл, сорохтор киэннэрэ эһиил бүтэр. Ол иннинэ тохтотор бырааппыт суох. Саҥаттан лицензия ылалларыгар, дьэ, саҥа ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтаахтар. Икки ардылара көнөтүнэн ааҕыллар уонна, Сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, атыылыыр сирдэрин иэнэ 75 кв. м итэҕэһэ суох буолуоҕа. Оччотугар куорат киинигэр арыгы атыылыыр туочукалар лаппа аҕыйыахтара.

Итиннэ нэһилиэнньэ элбэхтик, көхтөөхтүк кыттыһыан наада. Аҕыйах киһи сылга биирдэ-иккитэ бэрэбиэркэлээбитэ татым. Мин соҕурууҥҥу уопуту холобурдуохпун баҕарабын. Онно маҕаһыын бириэмэтин таһынан уоран атыылыыр буоллаҕына, олохтоохтор киирэн атыылаһан бараннар, чиэктэрин сайабылыанньаҕа сыһыаран участковайга эбэтэр Прокуратураҕа тиксэрэн миэрэ ыллараллар. Биһиги ити боппуруоһу эмиэ үөрэтиэхпитин наада. Хас чааска атыылаабыттарый, ханнык тэрилтэний, туох табаары атыылаабытый – чиэккэ барыта көстө сылдьар. Хонтуруол суох буоллаҕына уоран атыылааһын элбиир, ити өттүнэн сокуону элбэхтик кэһэллэр. Участковайдар бэйэлэрин үлэлэрэ элбэх буолан түбэһэн көрүө, бэрэбиэркэлиэ суохтарын сөп дии саныыбын. Биһиги бэйэбит эмиэ сылдьа, хонтуруоллуу сатыыбыт, ол эрэн куораты бүтүннүү саба тутан көрөр кыахпыт суох. Итиннэ уопсастыбаннас көмөтө олус наада. Олорор сирдэринэн, уокуруктарынан, территориальнай управалар, нэһилиэнньэ үлэлэһиэн наада.

Арыгы атыыта дьон олоҕор улахан кутталы үөскэтэрин өйдүөх тустаахпыт. Ону учуоттаан туран, уопсастыбаннаһы, уокуруктары кытыннарыахтаахпыт. Оччоҕо эрэ биһиги кыайыахпыт. Хонтуруол суох буоллаҕына хааччахтааһын да көдьүүһэ быыкаайык буолуоҕа. Хас биирдии олохтоох дьиэтин аттынааҕы маҕаһыыҥҥа арыгы түүннэри атыыланарын хонтуруоллаһа сылдьыахтаах. Сорох регионнарга гражданнар хастыы даҕаны маҕаһыыны саптарбыт уопуттара баар. Ханна арыгы атыыта баар даҕаны – онно сокуону кэһии, аймалҕан, айдаан-куйдаан, этиһии-охсуһуу. Билигин өссө буолаары буолан байыаннай балаһыанньа кэмигэр өрөйөн-чөрөйөн биэриэхтээхпит. Иитэр-өйдөтөр үлэ оскуолаларга, үөрэх кыһаларыгар хайаан даҕаны ыытыллыахтаах. Арыгы дьаат диэн булгуччу сырдатыахха наада. Собриология диэн чөл олох туһунан наука баар. Итини үөрэх кыһаларыгар киллэриэххэ диэн этии Госдуума таһымыгар киирэн турар, ону дьокутаат Николай Бурляев көҕүлээн, саамай сөпкө туруорса сылдьар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....