07.11.2020 | 17:30

Артур Пахомов

Артур Пахомов
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ый эрэ анараа өттүгэр Ижевскэйтэн боксаҕа Арассыыйа кубогын интернетинэн элбэх киһи сэҥээрбитэ.  Баар-суох тренербитин Артур Иннокентьевич Пахомовы экраҥҥа бүтүннүүтүгэр хаста да көрдөрбүттэрэ. Бастакытынан, улахан маастардары ииппитин билэллэр, ытыктыыллар уонна секунданныырыгар, сүбэлээн ыһыытыыра,  бэйэтэ киирсэрдии хамсанара үчүгэйэ бэрт. Оо, финалга үөрэнээччитэ бүгүҥҥү күҥҥэ бастыҥ спортсмеммыт Василий Егоров кыайбытыгар олус үөрбүтэ. Төлөпүөнүнэн эҕэрдэлээбиппэр махтаммыта. “Нам–нум буоллаххына, күрэхтэһиигэ хайдах бэлэмнэммиккитин, күрэхтэспиккитин  кэпсээн, аудиоҕа устан ыытаар”, – диэбиппин түргэнник толорбута. Онтон ыйытыктарбар хоруйдаабыта, өрө көтөҕүллүбүт, былаан бөҕө этэ. Онно маннык буолуо диэн ким санаабыта баарай?

Ол икки ардыгар короновирустаан балыыһаҕа киирбитин, онтон 66 сааһыгар соһумардык тыына быстыбытын истэн олус соһуйбуппут. Итинник чэгиэн, өрөспүүбүлүкэни аатырда сылдьар киһи өссө да сураҕырдыа, Васятын Олимпиадаҕа тиэрдиэ дии сырыттахпытына, итинник буолбута олус кыһыылаах.

Мин Артур Пахомовы кытта Ньурба ньургуна дэтэн, уолан хаан эрдэҕинэ, 1983 с. 22 саастаахпар билсибит эбиппин. Ону кини мэлдьи ахтааччы. Новосибирскайга аэропортка хаайтаран хас да хоммуппут. Киһи бөҕө. Олорор да сир суох. Артур оччолортон тренер буолаары болҕомтолоох эбит. Кумира Дмитрий Петрович Коркин баарын көрөн кэпсэтиэн олус баҕарбыт.  Ытыктыыра бэрт буолан бастаан чугаһаабатах. Улуу тренер ыалдьар киһи эрээри миигин, эдэр оҕону, кытта тэҥнээҕин курдук олох аттыттан араарбакка, тэйиппэккэ, бэрт болҕомтолоохтук кэпсэтэрин сөхпүт. Абыраммыт да уол диэн ымсыыра көрбүт. Уһун синньигэс уолу да тустуук оҥоруом диэн итинник сыһыаннаһар буоллаҕа дии санаабыт. Ол гынан биир түгэҥҥэ: “Дмитрий Петрович, ити туох уолу батыһыннара сылдьаҕын?”—диэн ыйыппыт. “Спорду суруйар суруналыыс Уйбаан Уһунуускай”, – диэн ытыктабыллаахтык эппит. Ол иһин Артур Иннокентьевич онтон ыла миигин кытта эмиэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар буолбута. Дьиэтигэр кытта анаан ыҥыран сырытыннарбыта. Коркины оннук ытыктыыр киһини “Бокса Коркина” диэхпитин диибит.  

Мин кини боксалаһарын иккитэ көрбүт эбиппин. Бастакытын оскуоланы бүтэрээт, 1978 с.  куоракка киирэн, Уһук Илин чемпионата аһылларын билэн нуучча театрыгар тиийбитим.  Бокса күрэхтэһиитин, итинник улахан түһүлгэни  аан бастаан көрөр буолан, болҕомто бөҕөбүн.  Сөбүлээн хас да күн биир да киирсиини көтүппэтэҕим. Артур Ленскэйтэн кэлбит этэ. 54 кг мүлүкүччүйэн, киирэн-тахсан, атаҕар чэпчэкитик тэйиэккэлээн, хаҥас илиитинэн ойоҕолото охсуолаан, олус бэркэ классическай боксаны көрдөрөн, пьедестал үрдүкү үктэлигэр тахсыбыта.

1980 с.  Артуру боксаҕа 57 кг киирсиилэрин өссө биир түһүлгэҕэ көрбүтүм. Ону бэлиэтэммитим уонна хаһыакка суруллубуттары уура сылдьар эбиппин. Ол гынан бассаапка оччотооҕуну кимтэн да ордуктук ахтыы оҥоһуллубутун   кумааҕыга таһаарарга быһаардым: “Биири кэпсиэм. Урут Дьок{уускайга} сыл аайы боксаҕа да, тустууга да всесоюзнай {Бүтүн Союзтааҕы} турнирдар буолааччылар дии. Арай биир оннук турнирга сайын этэ, онтон-мантан боксер бөҕө кэлбит, Артур ыйааһыныгар элбэхтэр, биир эрэмээн уола баар, Ленинградтан кэлбит..., олох чыпчаххайынан быһыта сынньар курдук саайталыыр, Ваник Вердян диэн..., утарсааччыларын 1-2 рауҥҥа быһыта сынньан кээһэттиир, сутуруга биримээнэ иһиирэр курдук, оттон нөҥүө өттүттэн биһи Артурбут силлиргэччи саайталаан, дьоннорун икки өттүттэн, этэргэ дылы, үчүгэй от охсооччу курдук, от курдук охтортоон финалга көрсөр буоллулар. Дьэ, биһи, ыалдьааччылар, долгуйуу бөҕө, эрэмээн олох сүрдээх курдук, түргэнэ да бэрт. Финал күн биһи эрдэттэн тиийэн Дьок. ДЮСШ-тыгар миэстэ булунан кээстибит, дьэ киһибит хайаһар, эрэмээн түргэнэ бэрт эбит эҥин диэн долгуйуу, кэтэһии, дьэ киирсии буолла, бастакы рауҥҥа эрэмээн, чаҕылҕан курбуулуурун курдук, чыпчаххайынан быһыта биэрэр курдук саайталааһын бөҕө, биһи киһибит соччо охсубат, саптан баран биирдэ эмит охсон ньир гыннарар, аһаран биэрэр, оннук бастакы раунд бүттэ, биһи хайа эрэмээн хотоору гынна диэн ыксаан бардыбыт, дьэ онтон иккис раунд саҕаланна, биһи санаабытыгар эрэмээн өссө сүрдэннэ, биһи киһибит холку, дөрүн-дөрүн ньир гыннара охсон көрө-көрө саптан сылдьар, сороҕор корпуһунан хамсанан аһаран биэрэр, дьэ эрэмээн олох кыайыыһыбын диэн эрдийдэ быһыылаах, олох сүрдэннэ, ол сылдьан сэрэҕин да сүтэрдэ быһлх, олох дөйүтэ эрэ сатыыр аакка барда, биһи оо абакка ити сырыттаххына биирдэ эмэ үчүгэйдик түбэһиннэрбэт ээ дэһэрбитин истибит курдук, иккис раунд ортотун диэки биир түгэҥҥэ биһи киһибит дьэ үчүгэйдик утары уоптарда ээ, сутурук тыаһа  ньир гынарын кытта били бырдаҥхалыы сылдьар эрэмээммит, өрбөҕү бырахпыт курдук, сар гына түстэ, рефери тута тохтотон ахсаан ааҕан барда, саала олох оргуйа түстэ, онтон эрэмээн эр бэрдэ ойон турда, стойка ылан эккирээн баартыгар судьуйа сирэйин- хараҕын көрөн баран бокс диэтэ, дьэ киирсии салҕанна, онтон раунд бүтэһигин диэки биһиги киһибит эмиэ, даҥ гыннара саайан таҥкынатан түһэрдэ ээ, эмиэ ахсаан ааҕыыта буолла, онтон раунд бүттэ диэн гонг тыаһаата, сынньалаҥҥа эрэмээн секунданнара киһилэригэр нашатыр эҥин сытырҕатан, төбөтүгэр уу кутан, инчэҕэй сотторунан этин-сиинин сотон, сапсыйан киһилэрин өйүн-төйүн булларан үһүс рауҥҥа киллэрдилэр. Саалаҕа олох ыһыы-хаһыы оргуйан олорор, дьэ бу сырыыга биһи киһибит, силлиргэччи охсуолаан, ньиллиргэччи биэртэлээн киирдэ ээ, па, били эрэмээммит, баарыан бырдаҥхалаабыта ханна да суох, этэргэ дылы, рингэ бэһис муннугун көрдүүртэн, куотартан бокуой суох, били кыра оҕону аҕата таһыйаары гыннаҕына куота сатыырын курдук, дьэ аатырар хапхаастар тостоллорун онно көрбүтүм, тостор оҕотун курдук тостоохтообута, эрэмээн муҥнаах, ол сылдьан биһи киһибит тыастаах соҕустук табаатын кытта, судьуйа тохтотон баран икки илиитинэн сапсыйан кээспитэ, сөп дии, ээрмээн котокуну өлөттөрүөхтэрэ да, судья информатор, победа ввиду явного преимущества присуждается Артуру Пахомову диэтин кытта эргэ ДЮСШ барахсан болельщиктар уруй-айхал хаһыыларыттан кэмин иннинэ суулла сыспыта! Аан дойдутааҕы бокс күнүнэн бары боксердары, боксаны таптааччылары эҕэрдэлээн туран суруйдум Тыаһыт Луохтуур”.

Дьэ, харахпар бу көстөн кэллэ. Оруобуна оннук этэ. Бэркэ ойуулаабыт.

Ол сылларга Сухумига, Днепропетровскайга Бүтүн Союзтааҕы турнирдарга бастаабыта. ССРС спордун маастарын нуорматын онно  Дьокуускайга  хаһыс да төгүлүн толорон, ити үрдүк аат значогунан көстүүмүн лацканын дьэ киэргэтиммитэ. Оччолорго маастарга кандидат диэни да кэтэ сылдьааччылары туох эрэ курдук көрөрбүт.

Георгий Балакшин икки Олимпиадаҕа, 2004, 2008 сс. киирсиилэрин барытын көрбүтүм. Афиныга хотторбутугар олус да хомойбуппут.  Пекиҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит боксердарыттан бастакынан мэтээлгэ тиксэн, Дьокуускайга боруонсалаах кэлэр буолбуппутуттан өрө көтөҕүллүбүппүт аҕай. Элбэх саха, долгутуулаах түгэннэр  тыыннаах туоһулара буолар дьолго тиксэн, астынан оһуохайдаабыппыт.

Василий Егоров аан дойду чемпионаттарыгар иккитэ кыттарыгар  Москваҕа баар этим. Артур Иннокентьевич мин ол улахан түһүлгэлэригэр сырытыннарыан баҕарбыта.  Мин кыайан барбатаҕым. Үрүҥ көмүс мэтээллээх кэлбиттэригэр “Шереметьево” аэропортка Арассыыйа боксаҕа федерациятын үлэһиттэрин кытта суруналыыстартан соҕотох көрсүбүтүм. Үөрбүттэрэ аҕай. Экспреһинэн хамаанданы кытта бииргэ айаннаабытым. Аатырбыт боксердары кытта Артур Иннокентьевиһы, эдэр Василийбытын хайгыылларын киэн тутта, астына истибитим. Артурдаах, Васялыын кэккэлэһэ олбоххо олорон, итии сонун сойо илигинэ хаһыаппар интервьюлары суруйан таһаарбытым. Онно бокса бэрчээккилэрин сувенирын автографтаан бэлэхтээбиттэрин күндү экспонат оҥостон сылдьабын.

Ити үйэм тухары Артур Иннокентьевиһы саната туруо.

Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Артур Иннокентьевич Пахомов үөрэнээччилэрин, Олимпиада призера, Европа үс төгүллээх чемпиона Георгий Балакшины уонна Европа икки төгүллээх чемпиона, олимпиец  Василий Егоровы кытта. Бу икки  баар-суох уолаттара иккиэн аан дойду призердара.      

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...