11.08.2020 | 03:13

Арктикатааҕы университет куораты көҕөрдүүгэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

   Кыыс кэрэ Туймаада туонатыгар Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (ректор Иван Иванович Слепцов) агрономия уонна химия кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Наталья Алексеевна Слепцова салайыытынан аныгы “Агробизнес” хайысхатынан агрономнары үөрэтэн таһаарар.

Бу кафедраҕа агроном идэтигэр үөрэммит устудьуоннар тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар уонна агрохайысхалаах оскуолаларга идэлэринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Магистратураҕа үөрэнэр устудьуоннар научнай хайысханан үөрэхтэрин салгыыллар.

Университет базатыгар баар тэпилииссэлэргэ саас биир сыллаах сибэкки арааһыттан уонна оҕуруот аһыттан арассаадалары үүннэрэн, куорат олохтоохторугар, тэрилтэлэргэ анаан арассаада атыылыыллар.

Ааспыт сылга кафедра иһинэн кыһыннары үлэлиир 300 м2 иэннээх сылаас тэпилииссэни тутан үлэҕэ киллэрбиттэр.

Онон тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата, доцент, уопуттаах сибэкки үүннэрээччи, овощевод Светлана Афанасьевна Владимирова салайыытынан биир сыллаах үүнээйилэр, сибэккилэр арассаадаларын олордон, сайыҥҥы кэмҥэ киин куораппытыгар көҕөрдүү үлэтэ ыытылларыгар уонна тупсаҕай, кыраһыабай, кэрэ көстүүлээх буоларын туһугар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.

Университет хас  сыл аайы преподавателлэр уонна устудьуоннар көмөлөрүнэн 150 тыһыынча арассааданы үүннэрэр. Ааспыт сылга куораты тупсарыы уонна көҕөрдүү куонкуруһугар кыайыылааҕынан тахсан, куорат улахан эбийиэктэригэр, ол курдук, Орджоникидзе, Кыайыы болуоссаттарыгар, “Солдат Туймаады” уонна “Ийэҕэ” аналлаах сквердэргэ, куорат уокуруктарыгар дьэрэкээн өҥнөөх сибэккилэри олордубуттара кэрэ көстүү буолан, куораты киэргэтэр.

Онтон бу сылга эмиэ тустаах куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, Дьокуускай куорат бэлиэ сирдэригэр, Ленин уонна Комсомольскай болуоссаттарга, “Умуллубат уот” скверигэр, Семен Дежнев пааматынньыгар, Чиряев скверигэр, Автодорожнай уокурук территориятыгар, онтон да атын сирдэргэ 50 тыһыынча кэриҥэ биир сыллаах сибэкки арааһын олортулар.

Инникитин университет куораты көҕөрдүүгэ уонна тупсарыыга ылыммыт былаана киэҥ. Ааспыт сылга манна садовай-парковай уонна ландшафтнай (ландшафтнай архитектура) тутууга аналлаах  саҥа, сонун хайысха арыллыбыт. Онон кэлэр да сылларга куораппытыгар көҕөрдүү үлэтэ агротехнологическай университет көмөтүнэн тупсаҕай, кэрэ көстүүлэниэ диэн эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....