Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическэй университекка туттарсыҥ
Ол курдук докумуоннары атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри маннык идэлэргэ туттарыахха сөп:
06.03.01 Биология – Охотоведение;
19.03.04 Общественнай аһы-үөлү тэрийии уонна бородууксуйа технологията;
20.03.02 Айылҕаны олохтооһун уонна ууну туһаныыга сири харыстааһын, рекультивация уонна мелиорация хайысхата;
35.03.01 Тыа дьыалатыгар ойууру сөптөөхтүк туһаныы хайысхата;
35.03.02 Ойуур маһын бэлэмниир уонна маһы таҥастыыр производство технологиятыгар тыа сирин инженернай дьыалатын хайысхата;
35.03.04 Агрономияҕа агробизнес хайысхата;
35.03.07 Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы уонна переработкалааһын технологията;
36.03.01 Ветеринарно-санитарнай экспертиза;
36.03.02 Зоотехнияҕа сүөһү генетиката уонна селекцията уонна хоту дойду үгэс буолбут салаатын хайысхата;
35.03.06 Агроинженерияҕа агропромышленнай комплекска техническэй сервис хайысхата.
Өктөмнөөҕү филиалга:
35.03.04 Агрономияҕа агробизнес хайысхата;
35.03.06 Агроинженерияҕа агропромышленнай комплекска техническэй сервис хайысхата.
Киириигэ наадалаах докумуоннар:
• Аттестат/диплом;
• Пааспар куопуйата;
• СНИЛС (баар буоллаҕына);
• 3х4 см. хаартыска - 4 уст. (баар буоллаҕына);
Эбии тутуу болдьохторо:
• Атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри – үөрэххэ туттарсааччылартан докумуоннары тутуу;
• Атырдьах ыйын 26-тан 30 күнүгэр диэри – киирии эксээмэннэри тутуу;
• Атырдьах ыйын 31 күнүгэр – куонкурус испииһэгин таһаарыы;
• Балаҕан ыйын 1 күнүгэр 18-00 чааска диэри – киирээччилэртэн сөбүлэҥ ылыы күнэ;
• Балаҕан ыйын 2 күнүгэр – үөрэххэ киирбиттэр бирикээстэрэ тахсар күнэ.
Киирии усулуобуйалара:
Оскуоланы бүтэрбиттэргэ – киирии 2018-2022 с.с. ЕГЭ түмүгүнэн.
Орто анал үөрэҕи бүтэрбиттэргэ – киирии үөрэх кыһатын тус эксээмэннэрин түмүгүнэн.
Билсэр нүөмэрдэргит: +7(968)154-49-82, +7(4112)507-976