23.03.2024 | 18:00

Арктика уран тарбахтаахтара

Кулун тутар 19 күнүгэр Саха сиригэр Арктика күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн 2014 сыллаахха Арктика улуустарын сайыннарар уонна өйүүр сыаллаах СӨ Ил Дарханын дьаһалынан олохтоммута. Арассыыйа сайдыытын билигин Арктиканы кытта ыкса ситимнииллэр. Арктика сирин үс гыммыт биирэ Саха сиригэр баар.
Арктика уран тарбахтаахтара
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

СӨ Тас сибээскэ уонна СӨ Норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэтин, Арктиканы сайыннарыы уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын, А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин көҕүлээһиннэринэн быйыл хотугу норуоттар декоративнай, прикладной искусстволарын көрдөрөр регионнар икки ардыларынааҕы “Мир Арктики” быыстапка-дьаарбаҥка алтыс төгүлүн ыытыллар.

 

Быыстапкаҕа Саха сирин 16 хотугу улууһуттан 44 маастар үлэтэ турда.

 

“Симэх” Норуот прикладной искусствотын уонна художественнай идэтин национальнай киинин дириэктэрэ Яна Игнатьева:

– “Мир Арктики” быыстапка норуот маастардарын эрэ быыстапкатын быһыытынан буолбакка, урукку сылларга курдук, Арктика улуустарын оҥорон таһаарааччыларын барыларын түмэр сир буолуохтааҕа. Арассыыйаҕа Арктикаҕа интэриэс күүһүрдэ, атын регионнар “Мир Арктики” быыстапканы ыалдьыттата ыҥыраллар, онон норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсарбыт уолдьаста.

Акулина Николаева – Муома, Улахан Чыыстай:

– Бу биһиги былыр-былыргыттан оҕолорбутугар кэтэрдэр таҥаспыт – очаха – аныгылыы комбинезон диэххэ сөп. Билигин да оҕолорбутугар ыраах айаҥҥа манныгы кэтэрдэбит. Күһүҥҥү чубуку тириититтэн тигиллэр – баччаҕа чубуку тириитэ наһаа чараас да, халыҥ да буолбат. Сиэҕэ бүтэй буолар, кырыытынан хайаҕастанар уонна хайаан да оҕуруо тигиллэр – оҕо чыычаах буолан көтөн хаалбатын диэн, сиргэ тардар гына биир оҕуруо  тигиллэр. Атаҕа наскы курдук бүтэй, таһынан хайаан да этэрбэстэнэр. Оҕо тахсан киирэр сирэ аһыллар-сабыллар гына оҥоһуллар. Түөһэ былыргытынан баайыллар буолар, мин аныгылыы тупсаран эбии планкалаан уонна тимэхтээн биэрдим. Бу комбинезону былыр табанан айанныырга кэтэрдэрбит, билигин –буранынан сүүрдэргэ. Оҕо бэргэһэтэ тугут тириититтэн тигиллэр, кырса кытыыланар.

Эбээн Бытантайтан кэлбит Антонина Слепцова эбээн таҥаһын аныгылыы моһуоннаан тикпитин кэлбит эрэ барыта тутан-хабан көрдө:

– Мин эбээн национальнай таҥаһын бүтүннүү стилизациялаан, күрүчүөгүнэн баайан таһаардым. Бу үлэбин “Кыраһа” диэн ааттаатым, манна тыйыс тымныылаах дойдубут бэлиэлэрэ хаар, муус оһуордара бааллар, көтөр үктээбит суолун хара сабынан киллэрдим.

Национальнай таҥаһы дьоро түгэннэргэ тиктэн кэтэрбит таһынан, аныгы дьону тугунан эрэ сөхтөрбүт киһи диэн толкуйдаах эмиэ үлэлиибит – инньэ гынан стилизацияны биһиги төрүт үгэстэргэ эдэр дьон болҕомтотун тардаары туһанабыт.

Өлөөнтөн кэлбит Мария Агаева сонун үлэтин билиһиннэрэр:

– Сүрүн үлэбиттэн тохтообутум икки сыл буолла, ол иһин таах сылдьыахтааҕар таба түүтүн кырпалаан бу маннык таҥастары оҥорон саҕалаатым. Тэллэх, сыттык, ис таҥас тигэбин, иһэ барыта кырпа түүтэ – эккэ-сииҥҥэ, уҥуохха-сүһүөххэ, ис уоргаҥҥа барытыгар эмтээх дьайыылаах. Ону ааһан аныгы пуховиктааҕар сылаас таҥас буолар эбит. Холобура, улахан киһи сытар тэллэҕэр биир куул кырпа түүтэ барар. Таба түүтүн сууйбаппын эҥин, айылҕатынан бэйэтинэн барар, оччоҕо эмин-томун сүтэрбэт эбит. Тас таҥаһа түү өппөт тик матырыйаал.

Үөһээ Халыматтан Елена Воронцова быыстапкаҕа аҕалбыт үгүс үлэтиттэн балык тириититтэн уонна собо хатырыгыттан оҥоһуктарын дьон олус сэҥээрдэ:

– Мин араас балык хатырыгын уонна хайыытын туһанан симэх оҥоробун. Хайыыны сууйдахха, араастаан тоһуттахха, үчүгэй баҕайы пластина курдук буолар. Балык тоноҕос уҥуохтарынан киэргэллэри оҥорор үгэстээхпитин үгүстэр билэр буолуохтаахтар. Ону тэҥэ сыалыһар тириититтэн иистэнэбит.

Бу быыстапкаҕа Халыма соботун хатырыгыттан оҥорбут үлэлэрбин аҕаллым. Биһиги дойдубут собото олус бөдөҥ уонна ып-ыраас буолар. Собо хатырыгын илитэн баран тигэбин.

Раиса Таркова, Муома маастара:

– Биһиги ийэбит ыстаадаҕа сылдьан иистэнэр этэ, ону утумнаан төрүт ииһинэн дьарыктанабыт. Бу Муома эбээннэрин төрүт таҥаһа. Маннык дьэрэкээн таҥаһы Таба бырааһынньыгар анаан-минээн тиктэн кэтэбит. Ыстаадаҕа үлэлииргэ боростуойу, киэргэлэ суоҕу таҥнабыт. Сахалыы таҥас курдук иннэ, сүүтүк угара эҥин барыта куругар иилиллэ сылдьар буолар – туох эмэ быһыта бардаҕына абырахтыы охсорго диэн.

Биир соҥҥо ортотунан үс таба тириитэ таҥастанар. Күһүҥҥү эрэ тириинэн тигэбит. Тоҕо диэтэххэ сайын таба түүлүүр, ол иһин тириитэ чарааһыыр, күһүөрү халыҥыыр, онон таҥас тигэргэ саамай сөптөөх буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...