04.05.2021 | 11:37 | Просмотров: 755

Арктическай оройуоннарга эксперт улахан халааны сабаҕалыыр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Индигиир уонна Халыма өрүстэргэ быйыл нуорманы таһынан хаар түспүтэ. Онон сибээстээн Арктика оройуоннарыгар улахан халаан буолар кутталлаах», – диир ирбэт тоҥу үөрэтэр Институт Сибиирдээҕи салаатын уонна ХИФУ сүрүннүүр научнай сотруднига, географическай наукалар хандьыдааттара Никита Тананаев. Кини Индигиир, Халыма уонна Алаһыай өрүстэр тардыыларыгар 2017-2018 сылларга курдук улахан халаан буолар кутталлаах диэн этэр. 

Амма өрүс тардыытыгар 2018 сыллаахха муус харан, Амма сэлиэнньэтэ, Чурапчы, Таатта улуустара ууга барбыттара. Быйыл даҕаны этиллибит сирдэргэ куттал суоһуур чинчилээх.
«Халаан буолуо диэн сабаҕалыахха сөп, хаар саппааһа нуорманы таһынан. Онно эбии муус устар ый бүтэһигэр, ыам ыйын саҥатыгар Саха сирин киин өттүгэр эмискэ сылыйда», — диир Никита Тананаев.
Ыам ыйын 1 күнүгэр Өлүөнэ өрүс мууһа Иркутскай уобалас Усть-Кут куоратыгар хамсаата. Иркутскайдааҕы УГМС иһитиннэрэринэн, Өлүөнэ өрүс үөһээ тардыытыгар уу саппааһа нуорма быһыытынан. Билиҥҥи туругунан халаан буолар сибикитэ суох. 
Арассыыйа үрдүнэн Саха сирэ сааскы халаан уутуттан саамай эмсэҕэлиир регионунан биллэр. 2018 сыл сааскы уонна сайыҥҥы кэмнэригэр халаан уутуттан 63 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээбитэ, 1,5 тыһыынча олорор дьиэ ууга барбыта. Хоромньу 1,4 миллиард солкуобайтан тахса буолбута. 2019 сылга олорор дьиэлэр ууга барбыт түбэлтэлэрэ суох. Былырыын кэккэ оройуоннарга олорор дьиэлэр, суоллар уонна аэропорт көтөр балаһалара ууга барбыттара.
РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ эрдэ биллэрбитинэн, Саха сирин 98 нэһилиэнньэлээх пуунугар 14 өрүскэ халаан буолар кутталлаах. Онуоха 16,5 тыһыынча киһи,  2,7 тыһыынча тиэхиньикэ, 191 уунан устар тэрил уонна 10 авиационнай тиэхиньикэ бэлэмнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.