«Арчы Дьиэтигэр» – сэдэх быыстапка
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр 12:00 чаастан «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура Киинигэр (Чернышевскай уул., 24) куорат Күнүгэр анаммыт «Традиции любимого города на объективе В. Стефанского» диэн фотограф уонна спортивнай хаартыскаҕа түһэрэр суруналыыс, В.И. Кузьмин бириэмийэтин лауреата Бочуоттаах аат хаһаайына, Саха сирин авиациятын бэтэрээнэ Валерий Валентинович Стефанскай хаартыскаларын быыстапката аһыллар.
Саха сиригэр Валерий Валентинович фотограф уонна спортивнай хаартыскаҕа түһэрэр суруналыыс быһыытынан биллэр. Хаартыскаҕа түһэрэр суруналыыс идэтигэр кини авиацияҕа 40 сыл инженеринэн үлэлээн баран кэлбит. Кини өр сылларга эрдэҕэс оҕолор «Лайнер» кулууптарыгар хаартыска куруһуогун салайбыт.
Валерий Стефанскай хаартыскаларын стендэлэрэ Санкт-Петербургтааҕы гражданскай авиация, Ригатааҕы авиационнай университет уонна Дьокуускай куорат 30 №-дээх оскуолатын музейдарыгар бааллар. Кини сүүстэн тахса хаартыскалара 2004-2014 сылларга «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ" альбомҥа тахсыбыттар.
Валерий Валентинович Стефанскай – Саха сирин авиациятын бэтэрээнэ, ССРС уонна Арассыыйа бочуоттаах донордара, 1998 сылтан Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, туруу үлэһит киһи, үчүгэй тэрийээччи уонна эрэллээх табаарыс.