“Арбидол” көмүскэ тэҥнээх
Кэнники күннэргэ социальнай ситимнэргэ коронавирустаабыт дьон куоракка эмп кэмчитин, олох булбаттарын туһунан айманаллар. Бу төһө оруннааҕын билээри, аньыырҕаатым да буоллар, ыалдьыбыт дьоҥҥо аныыр үс сүрүн эмтэрин көрдөөтүм: “Арбидол”, “Азитромицин”, “Гриппферон”. Икки күн оҥостон олорон куорат уонна чугас улуустар аптекаларыгар эрийтэлээтим. Таарыйа сыаналары үөрэттим.
Киин куоракка бөдөҥ аптекалар хас да филиаллаахтар. Онтон сүүрбэттэн тахса сиргэ төлөпүөннээтим. Онлайн аптекалары эмиэ тумнубатым. Сорохтор сайтаахтар, атыттар анал сыһыарыылаахтар, ону эмиэ хаһыстым. Элбэх аадырыһы (сырыы аайы уларытан) хаптым.
“Маяк” куорат үрдүнэн 4 филиаллаах. Лермонтов уул., 58, турар пуун төгүрүк суукка үлэлиир. “Арбидол” да, “Азитромицин” да суох. “Оҕоҕо аналлаах “Сумамед” (125 мг) хаалбыт. Сыаната 428 солк. Улахан киһи 4 таблетканы иһиэн наада. Ол аата хас хааны ыларгын бэйэҥ аах”, – диэн сүбэлээтилэр. Сыананы билэ таарыйа, Намнааҕы филиалга эмиэ эрийдим. “Гриппферон” спрейэ эрэ баар, сыаната – 900 солк. Дзержинскэй уул., 16/4, филиалга оҕо “Арбидола” (50 мг) уонна суспензия эрэ хаалбыт. “Азитромицин” 500 мг – 89 солк. “Биир упаковкаҕа 3 киирэр, иккини ылан кэбис”, – диэтилэр.
“Аптека.ру” – Арассыыйа үрдүнэн тарҕаммыт сулууспа. Филиаллара Саха сирин хас да улууһугар баар: Намҥа, Хаҥаласка (Мохсоҕоллооххо), Мэҥэ Хаҥаласка (Майаҕа, Аллараа Бэстээххэ), Покровскайга. Интэриниэт нөҥүө сакаастыыгын. Биир кэлим справочнай үлэлиир. Оператор ханнык куоракка (нэһилиэнньэлээх пууҥҥа) олороргун ыйытар, ханна туох баарын-суоҕун этэн биэрэр. Бу сырыыга Жатай олохтооҕо буоллум. Үс эмтэн биирэ да суох. Сайт үс чаас буола-буола саҥардыллар, онон кэтээн көрөр эбэтэр эрийэр үһүбүн. Регистрацияны ааспыт киһи “Сообщить о поступлении” диэн көрдөһүөн сөп эбит.
“ТвояАптека.рф” Дьокуускайга 13 филиаллаах. Быһа линияҕа төлөпүөннээтим. 23 киһи уочаракка олорор, оператор эппиэттиирин кэтэс диэтилэр. Ыксаабыт эбэтэр тулуура суох киһи күүппэт эбит. Саха ньоҕой, оҕото ньоҕой диэн баран ылыахтарыгар диэри олордум. Уочарат син түргэнник барар. Тохсус киһиэхэ тиийэн баран бытааран хаалла. Уһуннук кэпсэттилэр. Бука, бэйэм курдук ыйытара элбэх киһи эрийдэҕэ. 10 мүнүүтэ кэтэһэн, операторы кытта быһа сибээскэ таҕыстым. “Азитромицин” Лермонтов уул., 26 эбэтэр 45-гэр турар филиалларга баар. “Уурдарабын дуо?” – диэн ыйытта. Сыаната 111 солк. “Гриппферон” Петр Алексеев уул., 6, баар, 369 солк. Эмиэ уурдар, сэтинньи 15 күнүгэр эрэ атыыга киириэҕэ диэтэ. Онуоха диэри күнү-дьылы сүтэрбэккэ, эмтэнэ турарбар сүбэлээтэ.
minicen.ru сайтыгар киирэн хаһыстым. Көрдүүр эмтэрбиттэн биирэ да атыыга суох, “сакаастыаххын сөп” диэн кыһыл сурук тахсар. “Азитромицин” аналога “Сумамед” (ону да суспензия оҥорорго бороһуога эрэ) баар. Сыаната – 223 солк. “Азитромицин” сакааска 230 солк.50 харчы (500 мг, 3 таблеткалаах). Кэлэрин 2-18 күн күүтэр эбиккин. Оттон “Гриппферон” сыаната 332 солк.50 харчы, 7-15 күнүнэн кэлэр. Оҕолорго аналлаах “Арбидол” (50 мг, 10 таблеткалаах) баар, сыаната – 187 солк.50 харчы. Сакаас күүтэр күнүҥ халбаҥныан сөп. Сайт эмиэ субу-субу саҥардыллан иһэр.
Салгыы “Виват”, “Рослек” (хас да филиалыгар), “Дежурная”, “Планета здоровья”, “Сахафармация”, “Зеленая” аптекаларга эрийэ сырыттым. Эмиэ биирдиилээн эмп баар (суспензията эрэ, дозировката кыра) эбэтэр олоччу суох, ханна эрэ киирэрэ күүтүллэр, биир пууҥҥа “поставщиктарга суох” аатырда. Сорохтор “сотору баар буолуо” диэн эрэннэрдилэр, атыттар билбэттэр, санныларын эрэ ыгдаҥнаталлар.
Бу олорон үлэһиттэри эмиэ сыаналаатым. Бэрт элэккэйдэр, эйэҕэстэр баалларыттан үөрдүм, ону таһынан тимир-тамыр саҥарааччы, куруубайдааччы да көһүннэ.
Сылдьыбыт сыыһы, көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар. “Көмүспүт” “Арбидол” буолбут. “Суох” диэнтэн атыны истибэтим. Арай оҕолорго аналлаах, кыра дозалаах аҕыйах аптекаҕа баар. Эһэ кымырдаҕастаабытын курдук үһү. “Элбэҕи ыл, ол ночооттоох” диэн биир үлэһит сэрэттэ.
Эрийбит аптекаларбыттан бииригэр да ити ааттаабыт эмтэрбиттэн биир сиргэ барыта суох буолан биэрдэ. Ол аата наадыйбыт киһи атын-атын пууннартан “отоннууругар” эрэ тиийэр.
Манна даҕатан эттэххэ, арай ыарыһах сүүрэр кимэ да суох буоллун? Оччоҕуна бэйэтэ кэрийэр дуо? Биир киһи бырааһа анаабыт эмтэрин көрдөөбүтүн туһунан суруйбутун аахпытым. Кимэ да суох буолан, бэйэтэ сылдьан сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт. Алтыс аптекатыгар тиийэн булбут. Ыалдьан баран, төһөлөөх элбэх киһи кыһалҕаттан куорат устун хаамыталыыра буолуой? Кыһыыта баар, эт киһи элэйиэр, сыа киһи сылайыар диэри көрдөөн баран ыт атаҕын тутуоххун сөп.
Аны куорат кытыытыгар турар аптекалартан булар дөбөҥ буолуо дии санаабытым даҕаны... сыыспыппын. Холобур, Можайскай уул. баар дьоҕус пууҥҥа барар туһата суоҕун биллим. Эбэтэр “Гриппферон” спрейин (952 солк.) эрэ ылыам этэ диэн Бүлүүлүүр суол 5 км баар “Юнимолл” атыы-эргиэн комплексыгар баар аптекаҕа айанныыбын дуу? Абыраллааҕынан да, алдьатыылааҕынан да аатырбыт “Азитромициҥҥа” тиксиэм этэ диэн, арай Покровскай тракт 4 км турар “Зеленай” аптекаҕа эбэтэр 7 км баар “Аартыкка” (“Азитрокс” – 370 солк.) аттанарым дуу?
Ыксаабыт киһи хой баһыгар да тиийиэ, ол эрээри сатыы хаадьаҥнаа диэтэххэ, ырааҕа бэрт буолаарай?
Сакааһыҥ кэлэрин күүттэххинэ, кырдьык, ыарыы ылан иһиэн сөп эбит. Ааҕааччылары аймыахпын баҕарбаппын эрээри, балаһыанньа маннык буоллаҕына, эрдэттэн хаһаанар туһунан толкуйдаатахпытына, ама, ким баалыай?
Судургу лайфхактар
(ааптар бэйэтин уопутуттан)
-Чугас аптека ханна баарын 2ГИС көмөтүнэн көрдөөҥ. “Аптеки” диэн суруйдаххытына, куоракка баар тустаах тэрилтэлэр испииһэктэрин таһаарар. Аадырыстарын (каартаҕа көрдөрөр), төлөпүөннэрин, сайтарын, үлэлиир бириэмэлэрин билэн тиийэр ордук.
-Кураанаҕы кууспат, халтайга хаампат туһугар эмп баарын-суоҕун эрдэттэн эрийэн ыйыталаһыҥ.
-Аптекалар үлэлиир кэмнэрэ атын-атын. Дьуһуурунай аптекалар эмиэ бааллар.
-Сорохтор интэриниэт сакааһынан үлэлииллэр. Төлөпүөҥҥүтүгэр анал сыһыарыыны хачайданар эбэтэр сайтка регистрацияланар ордук табыгастаах.
-Өссө сорох аптекаларга наадыйбыт эмкитин уурдарыаххытын сөп. Билигин ыйыталаспыккыт, баар диэн үөрбүккүт, хаһан айаннаан тиийиэххитигэр диэри бүтэн хаалан хомотуо. Онон бу үчүгэй ньыма.
-Сорох аптекаларга бонус систиэмэтэ үлэлиир. Төһөнөн элбэҕи атыылаһаҕын да, соччонон мунньуллан иһэр. Ону таһынан араас чэпчэтиилэринэн туһаныахха сөп.
-Дьиэҕэ тиэрдэн биэрии өҥөтө эмиэ баар.
-Сыана кыратык араастаһар. Сололоох киһи тэҥнээн көрүөн сөп. Бу тимир көлөлөөх дьоҥҥо үчүгэй сүбэ.
Аптека – саамай хонтуруолланар тэрилтэ
Альбина Прокопьевна Слепцова, “Сахафармация” АУо розничнай ситимин салайааччыта:
– “Сахафармация” – өрөспүүбүлүкэни хааччыйар улахан тэрилтэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26 туочукалаахпыт. Онтон 24-дэ коммерческай розница, 2-тэ босхо ырысыабынан биэрэр. Үгүс эми Новосибирскай, Хабаровскай, Иркутскай куораттартан аҕалтарабыт. Сөмөлүөтүнэн кэлэрэ түргэн. Графикка түбэстэххэ, сакааспытын сарсыҥҥы күнүгэр тутуохпутун сөп.
Пандемия иккис долгуна кэлэн, ыалдьыбыт киһи элбэх, ону таһынан дьон эми хаһаана сатыыр. Билигин ити ыйыппыт эмтэриҥ барыта утары бүтэ турар.
“Гриппферон” бары аптекаларбытыгар баар. “Арбидол” биир улахан аптекабытыгар баар, икки филиалга кэлбитэ да, сатаан ааспакка (“приход”) турар. Манна “маркировка” диэн тугун кылгастык кэпсиир тоҕоостоох. Сымыйа уонна куһаҕан хаачыстыбалаах эмп суох буоларын туһугар маркировка диэн киирбитэ. 2010 сыллаахха киирбит 61 №-дээх “Об обращении лекарственных средств” диэн федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, Бырабыыталыстыба 1956 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Ол курдук, оҥорон таһаарааччы (производитель) хас биирдии эмкэ код иҥэрэр буолбута. Ол бырагырааманы олоххо киллэрэр техническэй обработка “Честный ЗНАК” диэн национальнай систиэмэ нөҥүө ааһар. Онон аптекаларга билигин код сыыһа киириитэ, улахан эргииргэ бэлэмэ суох буолуу, техническэй бырагыраама сөп түбэһиитэ, о.д.а. харгыстар баар буолуохтарын сөп. Эмп (“приход”) сатаан ааспат эбэтэр ааһан баран сыыһаны көрдөрөн, эмп атыыга кыайан тахсыбат түгэннэрэ баар.
–Аптекаларга сыана тоҕо араастаһарый?
–Бастатан туран, улахан филиаллар уонна дьоҕус пууннар сыаналара кыратык араастаһыан сөп. Иккиһинэн, эмп сыаната оҥорон таһаарааччытыттан эмиэ тутулуктаах. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии производитель сыаната атын-атын. Үсүһүнэн, сорох аптекалар хаһаастаах буолуохтарын сөп.
Эмп сыаната улаханнык халбаҥнаабат. Барытын Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтэ быһар, хонтуруоллуур. Аны туран, дуоллар кууруһа үрдүүр. Оттон Арассыыйа олохтоох оҥорон таһаарааччылара эмп састаабын син биир тас дойдулартан атыылаһаллар.
Аптека – саамай хонтуруолланар тэрилтэ. Биһиги үлэбитин прокуратура, Росздравнадзор, Роспотребнадзор, Госкомцен бэрэбиэркэлиир. Онон аптекалар сыананы үлүннэрэллэр дии саныыр сыыһа. Маркировка бырагыраамата сыананы үрдэтии түгэнигэр тыаһаан биллэрэр. Атыылаһааччы аптека сыананы үрдэтэн атыылыыр эбит дуу, суох дуу диэн сайтка киирэн бэрэбиэркэлиэн сөп.
«ЖНВЛС» (Жизненно необходимые и важнейшие лекарственные средства) диэн эмп сыанатын хонтуруоллуур аналлаах Арассыыйа Бырабыыталыстыбатынан бигэргэтиллибит эмп испииһэгэ баар. Ол аптека 60 бырыһыанын ылан турар.
–Сорох аптекаларга бонус систиэмэтэ, араас чэпчэтиилэр бааллар. Эһиэхэ хайдаҕый?
–Биһиги аптекаларбытыгар бонус систиэмэтэ үлэлиир. Атыыласпыт суумаҕыттан 7 % бонус каартатыгар түһэр. Оттон өрөбүл күннэргэ 14 бырыһыаҥҥа тиийэр. Биэнсийэлээхтэргэ 5 % чэпчэтии көрүллэр. Өрөбүл күннэргэ 10 % чэпчэтии баар. Атыылаһааччы бонус каартатыгар төһөнү мунньубутунан көрөн туһаныан сөп.
–Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.
–Баһаалыста, мааскаҕытын кэтэ, илиигитин сууна сылдьыҥ. Аҕам саастаах дьоҥҥутун харыстааҥ. Битэмииннэ иһиҥ, сөпкө аһааҥ, кэмигэр сынньаныҥ.