25.06.2020 | 10:11

Арассыыйа тутула өссө бөҕөргүүр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Андрей Находкин, СӨ Ил Түмэнигэр тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата:

– Саамай сүрүнэ, баар уустук балаһыанньаны учуоттаан, туох-баар сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин тутуһан, куоластааһыҥҥа бүттүүн кыттыахпытын наада. Сахабыт сиригэр Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаевтан саҕалаан,  бэлиитиктэр, политологтар, экспертэр, быраабы үөрэтээччилэр, уопсастыбанньыктар, суруналыыстар, ытыктабыллаах дьоммут, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ‒ бары санааларын аһаҕастык, сиһилии эттилэр, хас биирдии саҥа ыстатыйаҕа сөптөөх ырытыы оҥоһулунна. Үгүстэр быһаарынан олороллор.

Билигин биһиги бары быыбардыыр учаастактарбытыгар тиийэн, ол сыһыаммытын биллэрэрбит эрэ хаалла. Ол эппиэтинэһи ылыныы диэн буолар. Туораттан сиилээччи эбэтэр көннөрү өйөөччү, көрөөччү быһыытынан буолбакка, дойду саамай улахан политическай түгэнигэр тус бэйэбитинэн кыттыы.

Саха сирэ Улуу Арассыыйа састаабыгар киирбиппит 400-чэ сыл буолла. Ол тухары араспаанньалыын, ааттыын-суоллуун, үгэстэрдиин, тыллыын-өстүүн биир норуот буоллубут, атын аналбыт да суох. Ити тухары биһиги билэбит ‒ Арассыыйа устуоруйата судургута суох дьылҕалаах. Оннооҕор бу биир киһи үйэтигэр тэҥнэһэр 80 эрэ сылы да ылан көрдөххө: алдьатыылаах сэрии, чөлүгэр түһэрэр күргүөмнээх, күүстээх үлэ кэмэ, социализм өрөгөйдөөһүнэ, ол кэнниттэн ыһыллыы-тоҕуллуу, дьалхааннаах “тоҕуһуонустар”, уопсайы чааһынайга үллэстии, Аан дойдутааҕы ырыынак экэниэмикэтин тиһилигэр киирии… Бу этиллибит кэмнэри ортотунан ааспыт, үлэлээбит-хамсаабыт, билигин да үлэлии-хамсыы сылдьар көлүөнэ барытын тэҥнээн көрөр, билиҥҥи олоҕу ким эрэ сирэр-талар, ылынар-ылыммат, ким эрэ сэҥээрэр-биһириир. Барыта тэҥнэбилгэ көстөр. Онтон сылтаан араас тыл-өс, өйдөспөт буолуу, айдаарыы, нөҥүө-маҥаа түһүү тахсар. Ордук бу интэриниэт үйэтигэр. Ким тугу суруйара, санаатын аһаҕастык этэрэ көҥүлэ.

Ол эрээри, дойдубут араас уустук уларыйыылаах, түһүүлээх-тахсыылаах  кэмнэрин көрбөтөх, кэлиҥҥи 20‒25 сылларга олорор, үүт-тураан, сэриитэ-охсуһуута суох кэмҥэ, биир күдьүстүк үөрэнэр, үлэлиир  көлүөнэ тахсан эрэр. Саҥа көлүөнэ. Бу биһиги бэйэлээх бэйэбит ыччаппыт, кэлэр кэскилбит, үүнэр көлүөнэбит, эрэлбит.  Бу дьон үлэһит буолар, кинилэр дьиэ-уот тэринэр, норуот хаһаайыстыбатын, урбаан араас салааларыгар үүнү-тэһиини тутар кэмнэрэ – билиҥҥи бириэмэ. Саҥалыы тыынынан, саҥалыы көрүүнэн, саҥалыы салайтаран. Саҥардыллыбыт Конституциялаах.

1993 сыллаахха ылыныллыбыт Төрүт сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр уолдьаста, олох биир сиргэ турбат, аан дойдуга ити кылгас кэм иһигэр сорох өйдөбүллэр “атахтан төбөҕө” эргийдилэр. Холобур, дьиэ кэргэн, ыал буолуу сыаннастара, сэрииттэн тэскилээн норуоттар сиртэн сиргэ күүстэринэн көһүүлэрэ, тугу барытын харчынан кэмнээһин, устуоруйаны токурутуу… Барытын көрө-истэ олоробут, туох буола турарын. Итини таһынан 1993 сыллар иннилэригэр-кэннилэригэр “тимир быыһы арыйан аан дойдутааҕы сыһыаҥҥа” киирээрибит, Конституциябыт сорох ыстатыйаларын онно сөп түбэһиннэрбиппит, арҕааҥҥы “доҕотторбут” сүбэлээннэр “сымнатан” биэрбиппит да баар суол, мэлдьэх буолбатах. Ити “сүбэһиттэр” билигин да суох буолбатахтар, Конституцияҕа киириэхтээх саҥа ыстатыйалар Арассыыйа судаарыстыбатын тутулун бөҕөргөтөр, норуоту түмэр түгэннэрин утаран, араастаан уларытан, дьоҥҥо сыыһа өйдөбүлү биэрэ сатыыллар, хайдыһыыны таһаараллар.

Төрүт сокуоммутугар киирэр уларытыылар биһиги дойдубутун күүстээх держава быһыытынан өссө бөҕөргөтөр дьылҕалаахтарын өйдөөн туран, үгүстэр өйүөхтэрэ диэн бүк эрэллээхпин. Санаан да көрдөххө, хайа салайааччы, хайа киһи, төрөппүт  дойдубут  ыһылларыгар-тоҕулларыгар, мөлтүүрүгэр баҕарыай, олорор мутугун кэрдиниэй?!  Аан дойду экономическай, политическай систиэмэтэ олус күүскэ уларыйда, сороҕор сатарыйда да диэххэ сөп, өссө туох-туох буолан иһиэ биллибэт. Онтон барытыттан көмүскэллээх буолуубут – күүстээх, дьиэк киллэрбэт Төрүт сокуоммут ‒ Конституциябыт!

Кэмниэ кэнэҕэс, хомнуо-хойут олох саҥа Төрүт сокуон ‒ Конституция оҥоһуллуутугар бу уларыйыылар бастакы олук буолуохтара дии саныыбын.

Сөпкө быһаарыммыппытын кэм бэйэтэ көрдөрүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....