«Арассыыйа өлбөт үйэлээх полката» аахсыйа быйыл эмиэ сэлэлии хаамыыта суох ыытыллар
«Арассыыйа өлбөт үйэлээх полката» аахсыйа быйыл эмиэ сэлэлии хаамыыта суох ыытыллар
«Арассыыйа өлбөт үйэлээх полката» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын киин ыстааба иһитиннэрбитинэн, нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан быйыл аахсыйа сэлэлии хаамыыта суох, тэйиччиттэн ыытыллар. Дьокуускай куоракка маны сэргэ Кыайыы салюта тохтотулунна.
Дойду атын регионнарыгар курдук, Дьокуускай куоракка сэлэлии хаамыы оннугар ыытыллыахтара:
– Тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара «Өйдөбүнньүк истиэнэлэрин» тэрийиэхтэрин сөп (Аҕа дойду сэриитин, атын байыаннай дьайыы кыттыылааҕа чугас дьоннорун мэтириэттэрин туруорар анал истиэнэ);
– Оскуолаларга ыам ыйын 6 күнүнээҕи «Разговоры о важном» лиэксийэни «Өлбөт үйэлээх полка» аахсыйаттан саҕалыырга сүбэлииллэр. Аахсыйа чэрчитинэн хаартыска быыстапкатын, сэрии, тыыл, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, байыаннай-патриотическай кулууптар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр чилиэннэрин кытта көрсүһүүлэри тэрийиэххэ сөп;
– «Өлбөт үйэлээх полка» аахсыйаҕа туттуллар хаартыскалары массыынаҕа, ол иһигэр уопсастыбаннай тырааныспарга, суһал көмө, баһаарынай сулууспа о.д.а. тиэхиньикэтигэр сыһыарыахха сөп;
– Уоттаах сэрии кыттыылааҕа, тыыл бэтэрээнэ, Ленинград блокадатын сиэртибэтэ, сэрии сылларын оҕото чугас дьон туһунан https://www.moypolk.ru/, https://www.polkrf.ru/. саайтарга кэпсиэххэ сөп;
– Хаартыскалары социальнай ситимнэргэ, түннүк тааһыгар, таҥаска сыһыарыахха сөп.
Бэлиэтээн эттэххэ, мэтириэттэри https://www.polkrf.ru/shtender сыылканан бэлэм конструкцияларга оҥорторуохха сөп. Ол туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.