12.06.2020 | 08:04

Арассыыйа күнүнэн!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү тапталлаах куораппыт олохтоохторо, биир дойдулаахтарым!

Бүгүн биһиги дойдубут – Арассыыйа төрөөбүт күнүн бэлиэтиибит.

1990 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР судаарыстыбаннай суверенитетын Декларацията ылыныллыбыта, билиҥҥи Арассыыйа төрүттэммитэ. Онон бүгүн дойду уопсастыбаннай-политическай уларыйыыларын бэлиэтиир, хас биирдии киһи Ийэ дойдутугар бэриниилээх буолуутун көрдөрөр күн. Судаарыстыба бигэ туруга, сайдыыта дойду хас биирдии олохтооҕун, норуоттарын көдьүүстээх, түмсүүлээх үлэтиттэн тутулуктаах.

Улуу Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо Ийэ дойдутун билиҥҥи олоҕор, инники кэскилигэр бэйэтин кылаатын киллэрэр. Оттон биһиги баай историялаах, дириҥ култууралаах дойдуга олорорбутунан киэн туттабыт.

Билигин пандемия ыарахан кэмигэр олоробут. Бу ыарыыттан тыһыынчанан киһи доруобуйата айгыраата, мөлүйүөнүнэн ахсааннаах дьон олоҕо уларыйда, экономика бары эйгэтэ эмсэҕэлээтэ. Уустуктары дьаныардаах үлэбитинэн, бэйэ-бэйэбитин өйөөн, сомоҕолоһон туоруохпут диэн бигэ эрэллээхпит. Экономика, промышленнас, социальнай эйгэ, предпринимательство чөлүгэр түһүөҕэ.

Бука барыгытын дойдубут – аныгы Арассыыйа төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээн туран, күөх халлааны, бигэ туругу, самныбат санааны, кытаанах доруобуйаны баҕарабын! Бырааһынньыгынан, күндү доҕоттор! Арассыыйа күнүнэн!

Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...