Арассыыйа чемпионатыттан өр күүтүллүбүт мэтээллэр!
Москва аннынааҕы Одинцово куоракка түмүктэммит Арассыыйа чемпионатыттан Сахабыт тустууктара өр кэтэһиллибит мэтээллэри аҕалтаатылар.
Тустууга ыалдьааччылар ютуб ханаалынан хапсыһыылары көрөммүт, бары да улахан астыныыны-дуоһуйууну ыллыбыт. Ол курдук, иллэрээ сыл Аллараа Бэстээххэ Николай Тарскай аатынан өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар улахан дьоҥҥо чөмпүйүөннээн үгүстэри соһуппут, бу аҕыйах хонуктааҕыта Арассыыйа ыччаттарын чемпионатыгар кыһыл көмүс мэтээли ылары ситиспит Сунтаар 20 саастаах эдэркээн бөҕөһө Лев Павлов, чахчы, кыахтааҕын итэҕэтэн, Арассыыйа улахан дьоҥҥо чемпионатыгар 57 кг үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына буолла. Олимпийскай ыйааһыҥҥа барыллааһын хапсыһыыларга биир дойдулааҕа Уйгулаан Иванову 4:0, Тываттан Аяндайы 6:2 хотуталаан баран, Арассыыйа икки төгүллээх призера, Европа үрүҥ көмүс призера тувинец Начын Монгуштуун киирсиилэригэр хотторон иһэн, тиһэх сөкүүндэлэргэ “кочерга” диэн Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин таптаан туттар албаһыгар түбэһиннэрэн, бэйэтин нөҥүө быраҕан, 2:2 бүтэһик баалы ылан кылбар кыайыыны ситистэ. Финалга тахсар иһин күөн көрсүһүүгэ Арассыыйа итиэннэ Иван Ярыгин боруонса призера дагестанец Муса Мехтихановы 2-1 баһыйа тутта уонна финалга Дагестан күүстээх маастара – аан дойду уолаттарын чөмпүйүөнэ, аан дойду ыччаттарын боруонса призера, улахан дьоҥҥо Арассыыйа үрүҥ көмүс уонна боруонса медалиһа Ахмед Идрисовы утары таҕыста! Лев Павлов аата да этэрин курдук, күүстээх утарсааччытыттан толлубакка, харааныттан хахай хаанын киллэрэн хапсыһыыны саҕалаата. Утарсааччытын икки илиитин хам тутан “прогибтаан” эрдэҕинэ, түһүлгэ 24 саастаах уопуттаах бөҕөһө Идрисов утары албаһы оҥорон, кэннигэр таҕыста, салгыы синньигэс биилиттэн тута сылдьан эргитэлээн, көрсүһүүнү 6:0 оҥоро оҕуста. Иккис түһүмэххэ Лев Павлов көхтөөхтүк үлэлээн көбүөртэн таһааран 1 баалы, онтон кэннигэр тахсан икки баалы ылаттаата, салгыы эмиэ кэннигэр тахсан истэҕинэ, бириэмэлэрэ бүтэн хаалла. Арассыыйа үрүҥ көмүс мэтээлин хаһаайына буолла! Халыҥ ааттаах-суоллаах бөҕөстөрдүүн тэҥ, сытыы, сэргэх хапсыһыылары көрдөрдө! Тренерэ аан дойду чөмпүйүөнэ Герман Контоев.
Дьааҥыттан Виктор Яковлев 61 кг боруонса мэтээлгэ тиксиитэ эмиэ улахан ситиһии. Тренерэ бэйэтин кэмин биллиилээх бөҕөһө Николай Рожин. Дьахталларга Нерюнгриттэн Евгения Огородникова эмиэ үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Тренерэ Ким Колодезников.