28.11.2023 | 15:00

«Арассыыйа» быыстапка-форумҥа олоҥхо дьиэрэйдэ

«Арассыыйа» быыстапка-форумҥа олоҥхо дьиэрэйдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сылын аайы сэтинньи 25 күнүгэр Саха сиригэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн, 2005 сыллаахха ЮНЕСКО саха норуотун эпоһын киһи-аймах материальнайа суох нэһилиэстибэтин уһулуччу үчүгэй айымньытынан билиммитэ.

Быйыл Олоҥхо күнэ Москва куоракка эмиэ бэлиэтэннэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы «Арассыыйа» быыстапка-форумҥа Олоҥхо тыйаатырын артыыстара үс күн устата олоҥхону толорон иһитиннэрдилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, биллиилээх олоҥхоһут Валентин Гаврильевич Исаков «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхону уонна П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардан, оттон  Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Василина Баланова-Кэрэмэс Лынкыр Н.П. Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» уонна М.Т. Шараборин-Кумаров «Дуо Бухатыыр» олоҥхолоруттан быһа тардан толордулар.

Итини сэргэ, Василина Баланова баҕалаах дьоҥҥо олоҥхону үгэскэ олоҕуран толорууга маастар-кылааһы ыытта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...