Арассыыйа бырабыыталыстыбата ойуур баһаардарын кытта охсуһууга 2,7 миллиард солкуобайтан ордук үбү көрдө
РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин регионнарга ойуур баһаардарын кытта охсуһууга 2,7 миллиард солкуобайтан ордук үбү көрөр туһунан дьаһалга илии баттаата. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«2,7 миллиард солкуобайтан ордук үп регионнарга баһаары кытта охсуһууга эбии бэриллиэҕэ. Итинник дьаһалга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Итинтэн улахан аҥара - 1,9 миллиард солкуобай баһаар күөдьүйүүтүн быһаччы суох оҥорууга барыаҕа. Харчыны ордук уустук балаһыанньалаах дойду 25 региона ылыаҕа», - диэн этиллэр пресс-сулууспа иһитиннэриитигэр.
Онтон ордубут харчы сиринэн уонна халлаантан ойуур баһаара тахсыбатын курдук кэтээн көрүүнү тэрийиигэ ыытыллыаҕа.
Ойуур баһаардарын кытта охсуһууга резервэ пуондуттан эбии харчыны тыырар боппуруос бэс ыйын 10 күнүгэр бырабыыталыстыба мунньаҕар көрүллэн биһирэммитэ.