Арассааданы көһөрүү
Дьэдьэн
Тохсунньу, олунньу ыйдарга уопсай иһиккэ ыһыллыбыт дьэдьэн сиэмэтэ номнуо 1-2 дьиҥнээх сэбирдэхтэннэ. Онон тус-туһунан араартыыр кэм кэллэ.
Бу уустук үлэни ылсарга үчүгэйдик бэлэмнэниэххэ наада: буор оҥоруута, иһит уонна үүнээйи «ыарыыны» аһарынарыгар көмөлөһөр эми-тому хааччыныы о.д.а. Ол туһунан саас-сааһынан:
Буор. Буору аччаабыта 2-3 хонук инниттэн бэлэмниибит. Дьэдьэн буора сымнаҕас, салгын холкутук оонньуур уонна ууну аһардар буолуохтаах. «Киин куорат» ааспыт нүөмэригэр суруйбуппут курдук, үүнээйи кэнэҕэһин ыалдьыбатын туһугар, фитоспорин, глиокладин курдук препараттары, салгыны, ууну оонньотор вермикулит, агроперлит эбэр булгуччулаах. Сорох оҕуруотчуттар «былыргылыы» духуопкаҕа буһаран, ыарыы төрүөтэ буолуон сөптөөх үөнү-көйүүрү өлөрөрү ордороллор. Өссө биири өйдүүр булгуччулаах – дьэдьэн, клубника буорун кислотнаһа нейтральнай буолуохтаах. Ону анал приборунан кээмэйдиэххэ сөп (Арассаада буорун оҥорууну хаһыаппыт «Тускар туһан» балаһатын ааспыт нүөмэригэр көрүҥ).
Стресс. Үүнээйи, син биир ханнык баҕарар тыыннаах организм быһыытынан, ыарытыйар, ордук көһөрүүнү ыарырҕатар. Онон көһөрүөх биир хонук иннинэ «Эпин», «Циркон» курдук препараттарынан ыстаран, бэлэмниэххэ наада.
Иһит. Таһырдьа таһаарыахха диэри, ордук хойукку арассааданы, хаста даҕаны көһөрдөххө, үүнүүтэ түргэтиир диэн бэлиэтииллэр. Итиэннэ көһөрүүгэ иһит кээмэйэ улахан суолталаах. Бэйэтигэр дьүөрэтэ суох улахан иһиккэ олортоххо, силиһэ иһитин ситэ «баһылаабакка», таһырдьа таһаарар саҕана буора ыһылла сылдьар буоллаҕына, силиһэ эмсэҕэлиир. Онон бастакы көһөрүүгэ 100-150 мл иэннээх иһит барсар. Маҕаһыыҥҥа атыыланар 80 мл иэннээх уйалардаах кассета да табыгастаах.
Олордуу. Сииктээх буорга үүнээйибит олорор миэстэтин таһаарабыт. Ол кэннэ тыҥырах пилкатынан эбэтэр онуоха майгынныыр тэрилинэн арассаадабытын түгэҕиттэн сэрэнэн түөрэн ылан, бэлэмнээбит хайаҕаспытыгар олордо уурабыт. Дьэдьэн силиһэ көбүс-көнөтүк, ханан да токуруйбакка, имиллибэккэ киириэхтээх. Буорга киирэр таһыма – сүрэҕэр диэри.
Ууну кутуу. Ууну шприһинэн эбэтэр аптека грушатын көмөтүнэн төгүрүччү кутабыт. Ол кэннэ 1-2 күҥҥэ сөрүүн, күлүк сиргэ уурабыт. Салгыы ханнык баҕар арассаада курдук күннээх миэстэҕэ эбэтэр лаампа анныгар туруоран, кэмиттэн кэмигэр уу кута, аһата сылдьабыт.
Маннык ньыманан ханнык баҕар арассааданы көһөрүллэр.
Эустома аһатыыны сөбүлүүр
Эустома – оҕуруотчуттар куттарын тутуон туппут кэрэ сибэкки.
Үрдүк умнастаах суортар (70-110 см диэри) биир кэмҥэ 6-8 см диаметрдаах 20-30 сибэккинэн тэҥинэн «үөрдэллэр». Ити түгэн 6-7 ыйынан кэлэр. Ол эбэтэр кинилэри сэтинньи-ахсынньы ыйтан саҕалаан олордуллар. Намыһах (15-20 см үрдүктээх) эустоманы тохсунньу-олунньу ыйдарга, хойутаабыта кулун тутар саҥатыгар олордуллар. Кинилэр 3,5-4 ыйынан сибэккилиэхтэрин сөп. Эмиэ укка 10-12 бутону биирдэ биэрэллэр.
Онон олус кыраҕы көрүүгэ-истиигэ наадыйар биир саамай бытааннык үүнэр, уһун болдьохтоох сибэкки буолан, эустоманы киһи эрэ ылсыбат. Ол эрээри, агротиэхиньикэтин таптахха, ол иһигэр салгылатары умнубатахха, 3-4 дьиҥнээх сэбирдэх тахсыар диэри пленка анныгар туруордахха, салгын хамсааһыныттан, температура уларыйыытыттан харыстаатахха, биллэн турар, кимиэхэ барытыгар табыллар уонна ол махталын уһуннук тыыннаах букетынан үөрдэр мааны сибэкки.
Эустоманы үүннэрии биир сүрүн усулуобуйанан уоҕурдуутун табыы буолар. Ол курдук, «бытаан толкуйдаах» эустоманы силиһи хойуннарар препараттарынан аһатар булгуччулаах. Холобура, уопуттаах сибэккиһиттэр пикировка иннинэ кальций селитратынан уонна НВ101, цирконунан аһатары сүбэлииллэр, пикировка кэнниттэн – фертиканан уонна янтарнай кислота суурадаһынынан (1 л ууга 1 г фертика уонна 1,5 мл янтарнай кислота). Ону кытта сезон устата биирдэ-иккитэ кальций селитратынан аһатыахха, ый аайы фундазолунан эбэтэр триходерманан эмтиэххэ сөп эбит. Сэбирдэххэ ыһар препараттары күөх мыыланы кытта булкуйдахха, ордук иҥэллэр.
Ыам ыйыгар – азотнай, бэс ыйыгар – универсальнай, от ыйыгар, атырдьах ыйыгар универсальнай уонна фосфорно-калийнай уоҕурдуулары сүбэлииллэр. Уутун нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ сөбүгэр кута сылдьыллар, күүстээх ардахха хахха сиргэ эбэтэр тэпилииссэҕэ көһөрөр ордук.
3-4 дьиҥнээх сэбирдэх кэнниттэн төбөтүн быһа туттахха, ойоҕос лабаалар тахсаннар, хойдор. Эбэтэр 7 дьиҥнээх сэбирдэх кэнниттэн эмиэ төбөтүн быһа тутан, тахсан эрэр сибэккилэр бары ситэллэрин ситиһиэххэ сөп.
Элбэх сыллаах эустоманы кыһын 10-15 кыраадыс сылаас, сырдык сиргэ туруоруллар. Кэмиттэн-кэмигэр уу кута, ыарыыга утарылаһар гына фундазолунан эбэтэр триходерманан ыстара сылдьыллар. Оччоҕо эһиил эмиэ кэрэ сибэккилэринэн үөрдэр.
Сонун үүнээйи
Бататта олордуҥ!
Варвара Семенова, Ботаническай сад эмтээх үүнээйилэри чинчийиигэ куратора, Саха сиринээҕи оҕуруотчут халандаарын таҥан таһаарааччылартан биирдэстэрэ «Ыйынньык» телеграм-ханаалыгар батат диэн сонун үүнээйини билиһиннэрэр:
– Батат клубенын араас усулуобуйаҕа үүннэрэн көрөн баран саамай табыгастааҕа үрдэтиллибит кирээдэ диэн быһаардыбыт. Ол курдук, былырыын муус устар 22 күнүгэр олордубуппут. Буорга көмүллүбэт, аҥаарынан эрэ сабыллар уонна сотору-сотору уунан ыстарыллар, буоругар уу кутуллар. 25 хонугунан хортуоппуйуттан умнастар үүнэн барбыттара. Ыам ыйын ортотугар ону 2-3 узеллаах череноктарга бысталаан, ууга силис тартара уурбуппут. Биир клубеньтан 100 тахса череногу ылбыппыт. Онон сүрдээх түргэнник үүнэр уонна барыстаах эбит. Сарсыныгар силис тардан барбыта. Номнуо биир нэдиэлэнэн буордаах ыстакааҥҥа олордубуппут. Халлаан күнүс 20 кыраадыс, түүнүн 14 кыраадыс сылаас буолтун кэннэ бэс ыйын 9 күнүгэр сиргэ олордубуппут. Олордор буор көпсөркөй буоллаҕына, силиһэ тэнийэн, көнө, кыраһыабай хортуоппуйдар үүнэллэр эбит. Сыыллан үүнэр буолан, икки арда 50 см тэйиччи буолуохтаах. Ону таһынан элбэх ууну көрдүүр. Элбэх уулаах буоллахха, көнө сиргэ эмиэ үүнүөн сөп. Хортуоппуйа 90-100 хонугунан ситэр. Ол эбэтэр череногунан олордуохпутуттан хомуйуохпутугар диэри 90-93 хонук ааспыта. Уопсайа 150 хонук буолар. Биир үүнээйиттэн 3-13 тиийэ аһы ылбыппыт. Аһа 362 г тиийэ улааппыта. Бастакы сырыыга үчүгэй көрдөрүү дии саныыбын.
Эмиэ сир анныгар астанар топинамбуру «сир грушата» диэн ааттыыр буоллахтарына, бататы атыннык “минньигэс хортуоппуй” дииллэр. Төһө даҕаны төрөөбүт дойдута Соҕуруу Америка буоллар, кэлиҥҥи сылларга Сибииргэ бэрт ситиһиилээхтик үүннэрэн эрэллэр. Ол төрүөтүнэн бу сонун үүнээйи хортуоппуйдааҕар, топинамбурдааҕар даҕаны доруобуйаҕа быдан туһалааҕа буолбут.
Холобура, өр сыппыт хортуоппуй крахмала глюкозаҕа кубулуйан, саахары үрдэтэр уонна уотар, соланин диэн дьааты үөскэтэр буоллаҕына, бататы 6 ыйтан биир сылга диэри, онтон даҕаны уһуннук хаһааныахха сөп эбит.
Амтана моркуопка майгынныыр, минньиҥэстиҥи эбит. Сиикэйдии, ууга, духуопкаҕа да буһаран сиэххэ сөп. Крахмала чалахай үөскэтэр буолан, оһоҕос бааһыгар туһалааҕа биллэр.
Батат туһата: искэн ыарыыны утары охсуһар, сосудтары бөҕөргөтөр, быарга, бүөргэ, куртахха туһалаах, холестерины түһэрэр, стресскэ, ньиэрбэ систиэмэтигэр, утуйбат буолууга көмөлөөх, тумууга үчүгэй, иммунитеты күүһүрдэр.
В.С. Семенова тг-ханаалыттан хаартыска
Дьиэтээҕи оҕуруот
Ньукуолуҥҥа — бэйэ оҕурсутун
Күн уһаан, халлаан сылыйан, түннүккэ ханнык баҕар оҕуруот аһын үүннэрэн амсайыахха сөп.
Түннүккэ үүннэрэргэ, биллэн турар, баайыллыбат, намыһах уонна түргэнник ситэр суортар барсаллар. Онон, күндү ааҕааччыларбыт, киин куорат олохтоохторо, тэпилииссэтэ суох тыа дьоно даҕаны, харса суох холонон көрүҥ!
Томат: «Балконное чудо”, «Балконное чудо (желтый)”, “Балконный”, “Жемчужина желтая”, “Людовик XVII”, “Пиноккио”, “Рябиновые бусы”, “Аляска” суортары сүбэлииллэр. Бу муҥутаан 50-60 см үрдүктээх томаттар.
Оҕурсу: «Динамит», «Атлет», «Берендей», «Подарок», «Городской» суортар. 15 см курдук уһуннаах астаахтар, буоһатыыга наадыйбаттар.
Биэрэс: минньигэс биэрэстэр – “Тема”, “Кузя”, “Бухарест”, аһыы суортар – «Золотничок”, “Черный принц”, “Конфетти”, “Огонек”. Түргэнник ситэллэр, ортотунан 50 см үрдүктээхтэр, өлгөм үүнүүнү биэрэллэр.
Сайын сатыылыырын, тэпилииссэ сылыйарын кэтэспэккэ, ким баҕар түннүккэ оҕурсу, помидор олордон, Ньукуолуҥҥа, ыһыахха, Кыайыы күнүгэр даҕаны бастакы үүнүүтүн амсайар, дьиэлээхтэрин күндүлүүр кыахтаах!